ХОЙ. Элбэх түбүгү эрэйэр эрээри, биир оччо ситиһиини аҕалар нэдиэлэ үүммүт. Туох да мэһэй көстүбүтүн иһин, бары сатабылгын киллэрэн, уһуну-киэҥи толкуйдаан туруоруллубут сыалыҥ-соругуҥ туоларыгар кыһалын, сорудаҕы бу күннэргэ толорорго дьулус. Бэйэҕэр эрэллээх буоллаххына, харгыстары этэҥҥэ туоруоҥ. Сотору балачча харчы тутуоҥ.
Тулалыыр дьоҥҥун, кэллиэгэлэргин кытары өйдөһөн үлэлиэҥ. Олус үчүгэй сонуннары истиэҥ. Истиҥ сүбэ-ама биэриэхтэрэ, ол тус олоххор туһалаах, көмөлөөх буолуоҕа. Бу күннэргэ олус интэриэһинэй билсиһии күүтэр. Үлэҕэр наадалаах бэртээхэй этиилэри истиэҥ, сонун санаалар үөскүөхтэрэ. Сулумах сылдьааччылар тапталынан угуттаныахтара.
ОҔУС. Саҕалаабыккын ситэрэргэр, ылсыбыккын ыпсараргар үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Бу күннэргэ тулаҕар туох буоларын көрөн ырытыыҥ, сыанабылы биэрииҥ ылыннарыылаах буолуо. Ону бииргэ үлэлиир дьонуҥ, салалтаҥ өйдүөхтэрэ, бэлиэтиэхтэрэ уонна өйүөхтэрэ. Ол үлэҕэр дуоһунаһыҥ үрдүүрүгэр, хамнаһыҥ улаатарыгар тирэх буолуо.
Тус олоххор эмиэ олус үчүгэй уларыйыылар күүтэллэр. Чугас дьоҥҥун кытары сыһыаныҥ тупсуо. Хаһааҥҥыта эрэ тыл-тылга киирсибэтэх дьоҥҥун кытары өйдөһүөҥ. Элбэх дьонноох-сэргэлээх сиргэ сылдьыаҥ, онно улаханнык сэргэхсийииҥ эрчими биэриэ. Туһалаах билсиһиилэр күүтэллэр. Бу күннэргэ ыраахтан ыалдьыт кэлиэ эбэтэр соһуччу истиҥ көрсүһүү буолуоҕа.
ИГИРЭЛЭР. Түбүктээх-садьыктаах күннэр үүммүттэр. Ону барытын кыайа туппутуҥ эрэ баар буолан иһиэ. Кылаабынайа үлэҕэр хойутаама. Эн кыһамньыгын салалтаҥ бэлиэтиэ. Бииргэ үлэлиир дьонуҥ өйүөхтэрэ. Кырдьаҕас аймахтаргын кытары кэпсэт. Кинилэртэн сүбэ-ама ыл. Ол тулаҕын өйдөөн көрөргөр олус көмөлөөх буолуоҕа.
Чугас киһигин кытары кыыһырсыма, кини тугу этэрин өйдүү, уопсай тылы була сатаа. Өрөбүллэргин дьоҥҥун кытары атаар, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур, хамсан-имсэн, сэрээккэлээ. Ол эйиэхэ бу күннэргэ ордук элбэх күүһү-уоҕу, сэниэни биэриэ.
АРААК. Бу нэдиэлэҕэ үлэҕэр түбүк-садьык бөҕөтүн көрсүөҥ. Бэриллибит сорудаҕы, туруоруллубут сыалы-соругу толороргор балачча сыраҕын ыытыаххын, толкуйгун ууруоххун наада буолуо. Маныаха эрэммит дьонуҥ түһэн биэриэхтэрин сөп. Онон барытыгар тута бэйэҥ ылсан, төбөҥ оройунан түһэн ис. Төһө да араас харгыстар, мэһэйдэр көрсүбүттэрин иһин, кыһамньыгын уурдаххына, элбэҕи ситиһиэҥ. Онуоха сулустар тулаҕар буолары барытын толкуйдаан, сыаналаан көрөргөр сүбэлииллэр.
Дьону-сэргэни кытары биир тылы буларга, өйдөһөргө, тылгын-өскүн кинилэргэ тиэрдэргэ кыһалын. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума. Үп-харчы бопуруоһа үчүгэй.
ХАХАЙ. Араас албыҥҥа-көлдьүҥҥэ түргэнник киирэн биэриэххин сөп. Сыыһаҥҥын кураанаҕы кууһан хаалыаҥ. Онон тугу истибиккин, эйиэхэ этэллэрин барытын толкуйдаан көр, тиэтэйимэ. Сыта-тура сыымайдаатаххына, төттөрүтүн, бэйэҕэр туһалааҕы эргитэн ылыаххын сөп диэн сулустар этэллэр.
Дьонтон-сэргэттэн элбэххэ үөрэниэҥ. Ол эрээри, туох буолары барытын быһаара охсорго тиэтэйимэ. Саастаах аймахтарыҥ, чугас дьонуҥ санааларын иһит. Кинилэргэ чугас буол. Түүлгэр болҕомтоҕун уур. Аскын-үөлгүн көрүн, элбэхтэ хамсан-имсэн, хаамп, сэрээккэлээ. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыыҥ уһуну-киэҥи толкуйдуургар, үчүгэйдик сынньанаргар көмөлөһүө.
КЫЫС. Нэдиэлэ саҥата чуумпу. Ол эрээри, тулаҕын өйдөөн көр, толкуйдаа, сыаналаа. Ким эрэ эйиигин албын-көлдьүн тылыгар киллэрэ сатыыр. Маныаха урут ылбыт үөрүйэҕиҥ, билииҥ көмөлөһүө. Туох саҥа, сонун буоларын барытын уруккуну кытары тэҥнии тутан көр. Ол иһин, үлэҥ быыһыгар буолар көрсүһүүлэргэ тиэтэйимэ. Уоскуйан, бүгэн олорон толкуйдуургар, ырытаргар бириэмэ хааларын курдук былааннан.
Дьиэ кэргэҥҥэр этэҥҥэ, уу нуһараҥ. Бу күннэргэ харчы тутуоҥ. Ыраахтан үтүө сонун санааҕын көтөҕүө.
ЫЙААҺЫН. Нэдиэлэ саҥатыгар дьыалабыай кэпсэтиилэри, көрүһүүлэри былааннаа. Эйиэхэ хаһан эрэ көмөлөспүт дьоҥҥуттан өйөбүл наада буолан туруо. Ол эрээри, ол дьонуҥ хамсаналлара көһүүн буолан хомотуо. Онтон санааҕын түһэримэ. Бэйэҥ бөҕөх буоллаххына, туруоруллубут сыалы-соругу барытын ситиһиэҥ, толоруоҥ.
Нэдиэлэ бүтүүтүгэр эн көмөҕөр, өйөбүлгэр наадыйааччы элбиэ. Онтон төһө да кыыһырдаргын, сорох былааҥҥын тохтотон, кинилэргэ көмөлөһөргө тиийиэҥ. Үпкүн-хпрчыгын мээнэ ыскайдаама. Улаханы атыылаһарга тиэтэйимэ. Харчыны иэс биэримэ даҕаны, ылыма даҕаны. Түүлгүн дьоҥҥо мээнэ кэпсээмэ.
СКОРПИОН. Дьүккүөрдээх буоллаххына эрэ бу күннэргэ сыалгын-соруккун ситиһиэҥ. Сонуну бастакынан истиэҥ, билиэҥ. Ол эрээри дьоҥҥо кэпсии охсума. Үөрэҕи хаһааҥҥытааҕар да чэпчэкитик ылар кэмиҥ. Ол дуоһунаһыҥ үрдээһинигэр, хамнаһыҥ улаатыытыгар оруоллаах буолуоҕа.
Үлэҕэр сыһыаннаах саҥа, сонун сүүрээннэр киириэхтэрэ, сыал-сорук туруорунуоҥ. Сорохтор ону өйдүөхтэрэ суоҕа да буоллар, утарыахтара суоҕа. Чугас, истиҥник саныыр дьоҥҥун кытары өрөбүллэргэр көрүс, кэпсэт. Кинилэр санааларын иһит, көмөлөс. Ыраахтан эйиэхэ анаан-минээн ыалдьыт кэлэригэр бэлэмнэн.
ОХЧУТ. Судургута суох күннэр-дьыллар. Ол эрээри, сарсыарда эрдэ турдаххына, үлэҕэр хойутаабатаххына, бириэмэҕин сөпкө аттарыннаххына барытын кэмигэр ситиһиэҥ. Эйигин ордук санааччылар, бөрүкүтэ суоҕу кэпсээччилэр, иирсэ да сатааччылар көстүөхтэрэ. Онон кэллиэгэлэргин, алтыһар дьоҥҥун кытары бириэмэҕин барыы сатаама.
Дьиэ кэргэҥҥэр чугас буол. Өрөбүллэргин кинилэри кытары атаар. Бу күннэргэ балачча харчыланыаҥ. Ол эрээри, тугу эрэ атыылаһа охсорго тиэтэйимэ. Сулумах сылдьааччылары саҥа билсиһии күүтэр. Доҕор-атас да элбиэ эрээри, сорох-сорохторугар эрэнимэ, алыс чугаһатыма.
ЧУБУКУ. Туппутуҥ табыллан иһиэ. Санаабыккын да ситиһэргэр кыахтар үөскүөхтэрэ. Онуоха эйиигин өйөөчүлэр, көмөлөһөөччүлэр да аттыгар баар буолан иһиэхтэрэ. Биир санаалаахтаргын кытары түмсэн улахан бырайыакка ылысаххытын, улахан үлэни былааннаан оҥоруоххутун сөп. Дьоҥҥо көмөлөһүүгүт табыллыа.
Төһө да барыта санаа хоту салаллыбытын иһин, доруобуйаҕын көрүнэриҥ наада. Анаалыстаргын туттар, сэрээккэлээ, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт. Иҥэмтиэлээх аһы аһаа. Эрэсиимҥин тутус. Өрөбүллэргин дьиэҕэр атаар.
КҮРҮЛГЭН. Ситиһиилэри аҕалар күннэр-дьыллар үүммүттэр. Үлэҕэр барытын кыайа-хото тутуоҥ, элбэҕи оҥоруоҥ. Эн үлэҕин кыайа-хото тутарыҥ туһунан атыттарга кытары иһиллиэ. Ол түмүгэр эйигин атын дуоһунаска эбэтэр атын үлэҕэ ыҥыра сатыахтара. Үп-харчы да боппуруоһа куһаҕана суох. Онуоха эбии харчылаһар кыах үөскүө.
Олус интэриэһинэй билсиһии күүтэр. Дьон-сэргэ эн тугу этэргин олус биһирии, сэҥээрэ истиэ. Тылгын-өскүн ылыныа. Сулумах сылдьаачыларга тапталларын билинээччилэр баар буолуохтара, истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырыахтара.
БАЛЫК. Бу күннэргэ ирдэблгин аһара улаатыннараҕын, онтукаҕыттан бэйэҥ да долгуйаҕын, санааҕа түһэҕин. Тугу барытын хайдах баарынан ылын. Оччоҕо бэйэҥ уоскуйуоҥ, этэргэ дылы, утуйарыҥ да тупсуо. Үлэҕэр саҥа былааныҥ, санааҥ өйөбүлү ылыахтара. Ол эрээри, саҕалыаҥ, ылсыаҥ иннинэ сыта-тура сыымайдаа. Оччоҕо хара бастакыттан табыллыа.
Чугас дьонуҥ тугу этэллэрин болҕойон иһит. Бу күннэргэ бэлэх, кэһии тутуоҥ. Тапталга билиниэхтэрэ. Харчы да баар буолуо. Онтуккун барыы охсорго тиэтэйимэ. Иэс эмиэ биэримэ, уурдарыма. Туох эрэ улаханы атыылаһарга ыксаама.