САХАЛЫЫ ГОРОСКОП. АЛТЫННЬЫ 28—СЭТИННЬИ 3 КҮННЭРЭ

Ааптар: 
28.10.2019
Бөлөххө киир:

ХОЙ. Бу күннэргэ туохтан барытыттан кыыһыран-тымтан туруох курдуккун. Санааҥ-онооҥ оонньуур. Оттон күүс-уох хантан эрэ кутуллан киирэн иһэр курдук. Үлэҕин-хамнаскын түмүктүөххүнээҕэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кыыһыран-абаран туруоххун баҕараҕын, кыйаханаҕын. Онон санааҕын аралдьыта сатаа, дьиэҕэр-уоккар түбүгүр, эбэтэр эйиигин истэр, уоскутар дьоҥҥо ыалдьыттаа.

Тапталлааҕыҥ эйиэхэ соһуччу бэлэх оҥорон үөртэҕинэ, хардатын тугу оҥороргун толкуйдаа. Сулумахтары истиҥ көрсүһүүгэ ыҥырдахтарына аккаастанымаҥ. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. Дьарҕарбыт ыарыыларыҥ көптөхтөрүнэ, тулуйа сылдьыма. Балыыһаҕа баран көрдөрүнэриҥ ордук.  Үпкүн-харчыгын солуута суохха бараама. Дьиэ-уот, көлө өрөмүөнүгэр балачча харчы наада буолан туруоҕа. Эбэтэр сотору кэминэн дьиэҕэр туох эрэ улахан наадалааҕы ылыаҥ.

ОҔУС. Бу күннэргэ кыраттан да сылтахтанан дьиэҕэр дьоҥҥун эбэтэр бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргин кытары иирсэн туруоххун сөп. Эппиккин этэ турартан туттун. Ол кэриэтин санааны аралдьыта таарыйа, доҕотторгун кытары сынньанар туһунан толкуйдан. Ханна эмэ сылдьан аралдьыйарыҥ ордук.

Тапталлааххын кытары иирсэ сатаама. Кини этэрин толкуйдаан көр. Ньиэрбинэйдээбитиҥ, кыыһыран-тымтан турбутуҥ доруобуйаҕар охсуон сөп. Онон барытыгар киэҥ көҕүстэнэргэ кыһалын. Хааныҥ баттааһынын кэтээн көр. Бу күннэргэ балачча харчыланыаҥ. Эбэтэр эбии харчылаһаргар этии киириэн сөп. Ону бэйэҥ умнубут чугас дьоҥҥор анаар. Ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр истибит сонунуҥ санааҕын көтөҕүө. Ол үлэҕэр тирэх буолуоҕа.

ИГИРЭЛЭР. Былааннаабытыҥ туолбакка улаханнык ньиэрбинэйдэтиэ. Онон сэрэххэ хаһаастаммытыҥ ордук. Ону сэргэ, чугас дьоҥҥор кыыһырбыккын таһаарбат туһуттан, хамсанылаах-имсэниилээх үлэ, дьарык наада. Сибиэһэй салгыҥҥа хаамыыҥ санааҕын аралдьытаргар туһалыа. Оттон киэһээтин сөпкө утуй, сынньан.

Сулумах сылдьааччылар олохторун аргыһын көрсүөхтэрин сөп. Онон көрсүһүүгэ, тэрээһиҥҥэ ыҥырдахтарына аккаастаныма. Бу күнэргэ ыгылыйбытыҥ, ньиэрбинэйдээбитиҥ доруобуйаҕын алларытыан сөп. Утарылаһар күүһүҥ (иммунитетыҥ) мөлтүө, кыраттан да кыыһыра, тымта сылдьар буолан хаалыаҥ. Үпкүн-харчыгын туһата суохха, күүлэйгэ ыскайдаама. Ол оннугар эбии харчылаһар туһунан толкуйдаа, табыллыа.

АРААК. Ордук бу нэдиэлэҕэ туохха да тиэтэйбэт буоларга кыһалын. Туох барыта бэйэтин кэмигэр туолан иһиэҕэ. Ол оннугар, уруккуттан ыра санаа оҥостубуккар, былааннаабыккар, эбэтэр хаалларан, хаһаанан сытыарбыккар ылыс. Кылаабынайа ол үлэҕэр мэһэйдээмиэн наада. Эбэтэр үлэҕэр туһалаах буолара ордук.

Тапталлааххар соһуччу бэлэх оҥорууҥ барыгыт санааҕытын көтөҕүө. Дьиэҕитигэр хаһааҥҥытааҕар да ил-эйэ олохсуйуо. Доруобуйаҕын умнума. Аскын-үөлгүн көрүн, хамсан-имсэн. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уур. Ордук аҕам саастаахтар доруобуйаларыгар болҕомтолоох буол. Түүлгүн ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Ыраахтан ыалдьыт кэлиэ эбэтэр кэһии тутуоҥ. Үлэҕэр тугу эрэ толкуйдаабыккын эбэтэр тус бэйэҥ эбии харчылаһар былааннааххын кэпсээмэ.

ХАХАЙ. Бэйэҕин көрүнэ сырыт, таҥаскын-сапкын бэрий, саҥа, сонун бүрүчүөскэтэ оҥоһун. Ол гынан баран, дьиэҕэр-уоккар болҕомто уураргын умнума. Сууй-тараа, бэрээдэктээ, ис барааныгар уларытыыта киллэр. Үлэҕин-хамнаскын былааннаа.

Тапталгар табыллыы күүтэр. Чэппиэртэн саҕалаан сынньалаҥ туһунан толкуйдаа. Истиҥ көрсүһүүгэ сырыт. Саҥа, сонун билсиһииттэн аккаастаныма. Кэлин үлэҕэр, былааҥҥар көмөлөөх дьону кытары билсиһиэххин сөп. Арай, кыраадыстаах утахтан сэрэн, доруобуйаҕар оҕустарыаҥ. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары атаар. Сэрэйэн көрөр дьоҕургар болҕомтоҕун уур. Ол эрээри, кимиэхэ да кэпсии охсорго тиэтэйимэ. Үп-харчы боппуруоһугар улахан уларыйыы суох.

КЫЫС. Доҕотторгун-атастаргын кытары сынньалаҥ туһунан былааннаа. Онуоха эн тэрийэр дьоҕуруҥ хаһааҥҥытааҕар да табыллыа. Бэйэҥ да соһуйуоҥ иһин, эн этиигин бары сөбүлээн иһиэхтэрэ. Ол гынан баран, былааҥҥын нэдиэлэ бүтүүтүгэр олоххо киллэрэр курдук толкуйдан.

Сулумах сылдьааччылар бу күннэргэ олохторун аргыһын, тапталларын көрсөр дьолго тиксиэхтэрэ. Онон нэдиэлэ ортотугар диэри бэйэҕитин көрүнүҥ.  Суолга-иискэ тиэтэйимэ, таһырдьа халтарааны умнума.  Аргыый сылдьыаҥ, барыта табыллыа. Күүстээх санаалан, эрэллээх буол. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар туппут үпкүн-харчыгын тус бэйэҕэр анаа. Таҥаста-сапта ылын. Оттон түүлгүн аҕам саастаах эрэнэр киһигэр эрэ кэпсээ.

ЫЙААҺЫН. Наһаа ыһыллаҕас буолума. Үлэҕэр-хамнаскар барытын хомунан, бэрээдэктэнэн сырыт, тугу да сарсыҥҥыга хаалларыма. Барытын кэмигэр оҥорорго дьулус. Эрдэ кэл, кыратык хойутаан бар. Салалтаҥ ону тута бэлиэтиэ. Истибит үһү-тамах сонуну кимниин да үллэстимэ, кэпсээмэ.

Тапталгар туох да уларыйыы суох. Төттөрүтүн кыралаан тыл-тылга киирсибэт буолан ылыаххытын сөп. Доруобуйаҥ туһунан таһы-быһа умнума. Таһырдьа халлаан тымныйбытын ааһар күн-дьыл курдук санаама. Таҥаскын-сапкын халыҥатын. Билигин тымныйдаххына, өр ааһан биэрбэккэ эрэйдиэ.  Сөптөөх хамсаныы-имсэнии, хаамыы-сиимии маныаха туһалыахтара, эрчими, күүһү биэриэхтэрэ. Оттон үпкүн-харчыгын мээнэ ыһыма.

СКОРПИОН. Урукку былааҥҥын, толкуйгун олоххо киллэрэ сатыыгын. Ол эрээри, балаһыанньа араас буолуон сөбүн өйдөө. Санааҥ-онооҥ да түһэн ылыа, ким да эйиигин өйдөөбөт да курдук буолуоҕа. Онон табыллар, кыаллар  буоллаҕына, аҕыйах күн сынньалаҥна ыл. Бэйэҥ бэйэҕэр бүгэн сынньан, санааҕын-онооҕун сыта-тура сыымайдаа.

Тапталлааххын кытары тыл-тылгытыгар киирсимиэххитин, өйдөһүмүөххүтүн сөп. Билигин кыыһырсыыгыт уһаан-тэнийэн барар кутталлаах. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур, бырааска сырыт, анаалыста туттар.  Билигин көрүннэххинэ, чэбдигирдэтиннэххинэ кыһыны этэҥҥэ аһарыаҥ. Үпкүн-харчыгын солуута суохха, күүлэйгэ ыскайдаама. Чугас дьоҥҥор, дьиэ кэргэҥҥэр харчы наада буолан туруон сөп.

ОХЧУТ. Нэдиэлэ саҥатыгар сэрэхтээх буол, албыҥҥа-көлдьүҥҥэ киириэн биэриэххин сөп. Чугас дьонуҥ тугу этэллэрин болҕойон иһит. Ол улахан суолталаах буолуоҕа. Кэлин кинилэргэ махтаныаҥ. Бу күннэргэ ыраах айанныы сатаама. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытары көрүс, кэпсэт.

Доҕоргун, тапталлааххын кытары иирсэ сатаама. Кини санаатын иһит, сыта-тура толкуйдаа. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, хамсан-имсэн, аскын-үөлгүн бэрий. Оччоҕо эрчимнээх сылдьыаҥ. Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ хаһааҥҥытааҕар да күүһүрбүт, улааппыт. Онон  болҕомтолоох буоларыҥ ордук бу күннэргэ ирдэнэр. Көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт киһигин соһуччу көрсүөххүн сөп. Эбэтэр ыраахтан кэһии тутуоҥ. Үпкүн-харчыгын ыһыма, солуута суоҕу атыылаһыма.

ЧУБУКУ. Бу күннэргэ сүрэҕэлдьээн тугу да гыныаххын баҕарбаккын. Ону тэҥэ үлэҕэр да бытаарыаҥ, эн туохха да баҕарбаккын чугас дьонуҥ өйдүөхтэрэ суоҕа.  Кылаабынайа, сибээскин кимниин да быһыма, сүтэримэ. Сотору улахан бырайыакка кыттыһыаххын сөп.

Тапталлааххар, дьиэ кэргэҥҥэр болҕомтоҕун уур. Кинилэр санааларын иһит. Өрөбүллэргин кинилэри кытары бииргэ атаар. Суолга-иискэ тиэтэйимэ. Чугас дьонуҥ доруобуйаларыгар болҕомтоҕун уур. Үпкүн-харчыгын мээнэ ыскайдыырга, күүлэйгэ барыырга тиэтэйимэ. Ол оннугар тугу эрэ атыылаа, ол табыллыа. Оттон сэрэйэн көрөр дьоҕургар болҕомтоҕун уур.

КҮРҮЛГЭН. Өйгүн-санааҕын түмп, санааҕын сааһылан, тылгар-өскөр болҕомтоҕун уур. Бу күннэргэ дьон-сэргэ эн көмөҕөр, өйөбүлгэр наадыйан туруохтара. Кимнээҕи эрэ эйэлэһиннэриэҥ, уопсай тылы булалларыгар, биир сүбэнэн салайтаралларыгар эн этииҥ улахан, дьоһун суолтаны ылыа. Кылаабынайа, дьон санаатын иһит, өйдөө.

Тапталга сорохтору табыллыы күүтэр. Санааларын хоту буолуо. Оттон сорохторго уруккутунан, туох да уларыйыы, сонун билсиһии суох. Бу күннэргэ ордук суолга-иискэ тиэтэйбэккэ сырыт. Сотору эбии харчы тутуоххун сөп. Эбэтэр эбии харчылаһаргар этии киириэ. Өрөбүллэргэр ыалдьыттары көрсөртөн соло булуоҥ суоҕа. Кэһии тутуоҥ. Үчүгэй, үтүө сонуну истиэҥ.

БАЛЫКТАР. Ордук нэдиэлэ саҥатыгар онно-манна айанныы сатаабатыҥ ордук. Сэрэйэн көрөр дьоҕургар болҕомтоҕун уур. Тус бэйэҕэр уларыйыы буолаары турар. Ол туоларын, олоххо киирэрин туһугар, бэйэҥ бэйэҕэр бүгэн ыларыҥ наада. Санааҕын-онооҕун сыта-тура сыымайдаа, толкуйдаа, ыараҥнатан көр.

Тапталлааҕыҥ санааҕын улаханнык көтөҕүө. Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥун кытары бииргэ атаар. Ол гынан баран, элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыма. Оттон күн-дьыл уларыйыыта доруобуйаҕар, туруккар дьайар, биллэр курдук буолуоҕа. Онон хааныҥ баттааһынын көрүнэ сырыт, тымныйыма. Сөптөөх хамсаныы-имсэнии күүһү-эрчими хаһааҥҥытааҕар да эбиэ. Бу күннэргэ үп-харчы боппуруоһугар уларыйыылар күүтэллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0