ХОЙ. Уопсайынан ыллахха, үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Үлэҕэр да, тус бэйэҕэр да ситиһиилээх күннэр-дьыллар. Ол-бу кыра, күннээҕи олох-дьаһах кыһалҕатын ыксаабакка, ыгылыйбакка быһааран иһиэҥ.
Үлэҕэр дуоһунаһыҥ үрдүөн эбэтэр хамнаһыҥ эбиллиэн, баҕар бириэмийэ тутуоххун сөп. Кыахтаах, биллэр-көстөр, ытыктанар киһини кытары кэпсэтииҥ, доҕордуу сыһыаныҥ өссө бөҕөргүөҕэ. Истиҥ көрсүһүүттэн аккаастаныма.
Бу нэдиэлэҕэ туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэргэ кыһалын. Бэлэххин-туһаххын атыылаһаргар, харчыгын суоттан.
ОҔУС. Сыалгын-соруккун толоруоххун баҕарар буоллаххына, билиигин-көрүүгүн хаҥатарга кыһалын. Ону сэргэ, күөн күрэскэ кытыннардахтарына аккаастаныма, кыайыы-хотуу көтөллөнүөҥ. Бырааһынньык чугаһыгар сыыдам буол.
Үлэҕэр күннээҕи түбүк-садьык. Бириэмэҕин тутуһан сырыттаххына, барыта орун-оннугар табыллан иһиэ. Ол гынан баран, баҕар, ханна эмэ айанныаххын сөп. Ол тус бэйэҥ баҕаҕыттан, толкуйгуттан, үпкүттэн-харчыгыттан тутулуктаныа.
Бу күннэргэ саҥа билсиһии күүтэр. Онтон тус бэйэҕэр туһалаах сүбэни-аманы ылыаҥ. Оттон көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт доҕоргор, соһуччу бэлэхтэ оҥорон үөрт.
ИГИРЭЛЭР. Бу күннэр үп-харчы боппуруоһун быһаараргар тоҕоостоохтор. Онуоха бытархайга-оторхойго ыспатаххына, кэлин наадалаах кэмигэр уурунуулааххыттан үөрүөҥ, бэйэҕэр махтаныаҥ.
Үлэҕэр дуоһунаһыҥ үрдүөн эбэтэр хамнаһыҥ эбиллиэн сөп. Маныаха кэллиэгэлэригэр, уопсайынан дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыаннаахтар үлэлэригэр-хамнастарыгар улахан ситиһиилэниэхтэрэ.
Сулумах сыдьааччылары истиҥ көрсүһүүлэр күүтэллэр. Тапталга билиниэхтэрин сөп. Тас көрүҥҥэр болҕомтоҕун уур, үчүгэй өртүгэр уларыйыыны киллэриэ.
АРААК.Бу күннэргэ элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр сырыт. Дьон-сэргэ санаатын иһит, үөрүүтүн үксэтис. Ыал буолбуттар сынньалаҥҥытын, дьиэҕитигэр-уоккутугар былааҥҥытын бииргэ толкуйдаатаххытына, барыта табыллыа. Дьиэтээҕи түбүккэ чугас дьоҥҥун кыттыһыннар.
Үлэҕэр-хамнаскар түбүк-садьык бөҕө күүтэр. Онуоха бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргэр болҕомтолоох буоларыҥ ирдэнэр. Кинилэр санааларын болҕойон иһит, үлэлииллэригэр, бэйэлэрин көрүүлэрин олоххо киллэрэллэригэр кыахта биэр.
Доҕордуу сыһыан хаһааҥҥытааҕар да бөҕөргүө. Ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ эбэтэр сонун истэн үөрүөҥ.
ХАХАЙ. Тус олоххун болҕойон көр-иһит, санааҕын сааһылаа, өрө тардын. Санааҥ чэпчиэ, туругуҥ тупсуо. Билигин доруобуйаҕын чэбдигирдиинэн дьарыктаннаххына, өр кэмҥэ чэгиэн-чэбдик сылдьыаҥ, күүс-уох үөһэттэн кутуллан киириэ. Доҕотторгун-атастаргын кытары көрүс. Сынньан.
Үлэҕэр сыалла-сорукта туруорун уонна ону толорорго кыһалын. Маныаха бириэмэҕин тутуһан сырыттаххына, барытын кыайа-хото тутуоҥ. Дуоһунаһыҥ үрдүөн эбэтэр бириэмийэ тутуоххун сөп. Кыһамньыгын салалтаҥ бэлиэтиэ.
Дьиэҕэр-уоккар наадалааҕы атыыласпытыҥ үөрдүө, өр сулууспалыа. Түүлгүн дьоҥҥо-сэргэҕэ ыһа-тоҕо кэпсээмэ. Ыраахтан кэһии тутуоҥ.
КЫЫС. Түбүк-садьык элбээн ыксыаххын, ыгылыйыаххын, онтон сылтахтанан кыыһыран туруоххун баҕараҕын. Кылаабынайа, сөптөөх кэмҥэ сытан-туран, сынньана сатаа. Өрөбүл күннэргэр тыйаатырга, кэнсиэргэ сырыт. Бу күннэргэ бэлэх, кэһии тутуоҥ. Урут хомоппут киһигин кытары эйэлэс.
Үлэҕэр-хамнаскар улахан уларыйыы суох. Барыы-кэлии, түбүк-садьык күннээҕинэн үмүрүтүллэн иһиэ. Маныаха кэллиэгэлэргин кытары эйэҕэстик кэпсэт, санааларын иһит. Эн өйөбүлгэр наадыйааччыларга көмөлөс, тирэх буол.
Дьиэ кэргэннээхтэри оҕоҕут ситиһиитэ улаханнык үөрдүөҕэ. Уопсайынан, бу күннэргэ ылсыбыккын ыпсаран, туппуккун тупсаран иһиэҥ.
ЫЙААҺЫН. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. Хамсаныы-имсэнии, бэйэни көрүнүү, аһы-үөлү бэринии көдьүүстээх буолуоҕар эрэн. Дьиэ кэргэҥҥэр сыһыан тупсуо. Оттон аҕам саастаах аймахтарыҥ туһунан умнума. Сулумахтары саҥа билсиһии күүтэр.
Үлэҕэ-хамнаска уларыйыы суох. Бу күннэргэ бириэмийэ да, хамнаска эбиллии да туһунан тыл көтөҕүмэ. Дьону-сэргэни кытары ол-бу сонуну кэпсэтимэ, тус санааҕын аһаҕастык этимэ. Түүлгэр , сэрэйэн көрөр дьоҕургар болҕомтоҕун уур.
Бу күннэргэ ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ. Кэһии тутуоҥ.
СКОРПИОН. Бу күннэр көрсүһүүлэринэн, саҥа билсиһиилэринэн толорулар. Онуоха дьон тугу этэрин долоҕойгор хатаа, тус бэйэҕэр туһалаах сүбэни-аманы истиэҥ. Эн көмөҕөр, өйөбүлгэр наадыйааччылар кытары баар буолуохтара. Сулумахтары саҥа билсиһиилэр күүтэллэр.
Эрдэ кэлиэҥ-барыаҥ, элбэҕи ситиһиэҥ. Үлэҕэр бу күннэргэ ити этиинэн салайтар. Хаалларын сытыарбыккын түмүктүүргэ кыһалын. Сорудаҕы хаһааныаҥ, түбүккүн элбэтиэҥ. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытары чугастык алтыс.
Дьиэҕэр-уоккар бырааһынньыктыы настарыанньа. Барытын сүбэнэн оҥордоххутуна, кэлэр сылга элбэх ситиһии күүтэр. Харчыгын бытархайга ыһыма.
ОХЧУТ. Элбэҕи билэргэ-көрөргө кыһалын, эбии үөрэн, аах. Дьиэҕин өрөмүөннүүргэ ылыстаххына, барыта санааҥ хоту салаллыа. Оттон туох эрэ улаханы, туһалааҕы атыыласпытыҥ өр сулууспалыа. Аҕам саастаахтар суолга-иискэ сэрэниҥ.
Үлэҕэр түбүгү-садьыгы барытын кыайа-хото тутуоҥ, бииртэн-биир сонун санаа күөрэйэн киирэрин олоххо киллэрэн иһиэҥ. Ону салалтаҥ бэлиэтии көрүөҕэ. Үп-харчы да боппуруоһа тупсуо. Бириэмийэ тутуоххун эмиэ сөп.
Өрөбүллэргин чугас дьоҥҥор анаа. Сибиэһэй салгынынан тыын, хаамыы-сиимии доруобуйаҕар туһаны аҕалыа.
ЧУБУКУ. Бэйэҕин сайыннараргар, спорт саалатыгар сылдьаргар, хамсанаргар-имсэнэргэр олус үчүгэй кэм. Көмөтө, туһата улахан буолуо. Маныаха тапталлааххын, чугас доҕоргун, олоҕуҥ аргыһын кытары истиҥ кэпсэтии күүтэр.
Хаалларан эбэтэр умнан сытыарбыт үлэҕин билигин кэбэҕэстик быһаарыаҥ, бүтэриэҥ-оһоруоҥ. Онуоха соһуччу көрсүһүү эйиэхэ үчүгэйинэн дьайыа. Үчүгэй, кэскиллээх бырайыакка киирсэр туһуттан, үлэҕэр кыһамньылааххын көрдөр.
Сыалгын-соруккун олоххо киллэрэргэ бириэмэлээх буоларга кыһалын. Ол ыра санааҕын толордоххуна, тус олоххор үчүгэй, үөрүү күүтэр.
КҮРҮЛГЭН. Сиэри-туому тутуһар, йоганан дьарыктанар, хамсанар-имсэнэр дьоҥҥо олус үчүгэй, туһалаах уонна ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Өрөбүллэргин тус бэйэҕэр анаа, сынньан.
Үлэҥ-хамнаһыҥ этэҥҥэ. Кылаабынайа, барытын кэмигэр бүтэрэн-оһорон ис. Онуоха эбии сонун санаалар киирэллэрин бэлиэтэнэриҥ улаханнык туһалыа. Ол гынан баран, бу күннэргэ тус бэйэҥ былааҥҥын, көрүүлэргин кимиэхэ да кэпсээмэ.
Дьиэҕэр-уоккар барыта этэҥҥэ. Оҕолоруҥ ситиһиилэрэ күүс-уох биэриэ.
БАЛЫК. Бу нэдиэлэ саҥа билсиһиинэн, соһуччу көрсүһүүнэн, доҕоттор ыалдьыттааһыннарынан толору. Бириэмэҕин чугас дьоҥҥун, табаарыстаргын кытары атаарарга кыһалын. Чугас доҕоруҥ, тапталлааҕыҥ эйиэхэ улахан бэлэх оҥорон үөрдүөҕэ.
Үлэ-хамнас боппуруоһугар улахан уларыйыы суох. Олус түбүгүрэ-садьыгыра сатаама. Салалта бэлиэтии көрөрө биллибэт. Ол оннугар эбии харчылаһар этии киирдэҕинэ, аккаастаныма.
Билэр-көрөр дьоҕургун үрдэтэргэ кыһалын. Дьоҥҥо тирэх буолан үөрдүөҥ. Онтуҥ бэйэҕэр үтүөнэн эргийиэ. Оттон сонун истибитиҥ кэлин тус былааҥҥар көмөлөөх буолуоҕа.