Сахалыы гороскоп (муус устар 16-23 күннэрэ)

16.04.2020
Бөлөххө киир:

Хой

Дьон-сэргэ эйигин ытыктыыр, ылынар эбит. Бу кэми сөптөөхтүк туһанан саҥа хайсхалары тобулуоххун сөп. Дьиэ кэргэҥҥэр барыта этэҥҥэ.

Оҕус

Дьону кытта сыһыаннаһыыҥ уустугурбут. Барытын олус чугастык ылынаҕын. Санааҕар барыта эйигин утары курдук. Ол эрээри олоххо куруук маннык буолбат.

Игирэлэр

Дьиэ-уот тэринэргэ тоҕоостоох кэм. Кыраттан саҕаламмыт түмүгэ ситиһиилээх буолуоҕа. Чугас дьонуҥ өйүүллэр.

Араак

Эн тускунан соччото суох сурах тарҕаныан сөп. Ол эрээри болҕомто уурбатаххына барыта сотору кэминэн ааһыа. Саҥа дьыалаҕа ылсартан тутун.

Хахай

Олоҕуҥ суола иннигэр эрэллээхтик тыргыллар. Дьон ылынар, убаастыыр. Онтон ордук дьол эйиэхэ наадата суох. Чарчыҥ да сөбүгэр баар.

Кыыс

Дьоҥҥо наһаа итэҕэйэр эбиккин. Ол хаачыстыбаҕынан дьон туһанар эбит. Аҕам саастаах аймахтаргар болҕомтото уур. Эн болҕомтоҕор наадыйаллар.

Ыйааһын

Санаан туохтан эрэ түһэр, кыраттан мунчаараҕын. Доҕотторгун кытта көрсөн сэргэхсий, сибиэһэй салгыҥҥа сырыт.

Скорпион

Успуордунан дьарыктаныыҥ ситиһиини аҕалыаҕа. Доҕотторгун кытары ыраах айаҥҥа турунуоххун сөп. Айаныҥ ситиһиилээх буолуоҕа.

Охчут

Туора дьон тылыгар киирэн биэрбэт гына сырыт. Салалтаҥ эйигин кэтиир эбит. Бэйэҕин үчүгэй өттүттэн көрдөрөргө кыһалын.

Чубуку

Олоххун бэйэҥ илиигэр ылар кэмиҥ кэлбит. Бүгүн эбэтэр хаһан да буолбатах диэн санааны тутус.

Күрүлгэн

Олоҕуҥ уу нуураллык устарыттан ардыгар чуҥкуйар эбиккин. Күүрээннээх үлэ эбэтэр уоттаах тапталы дууһаҥ ирдиир. Биир сиргэ олорон хаалыма.

Балыктар

Наһаа элбэҕи ырытар, толкуйдуур эбиккин. Санньыар санааҕа да ылларан ылар эбиккин. Ол эрээри олоххор буолар быһыы-майгы саҥа хайсханы арыйарыгар бүк эрэн.

Ульяна Захарова бэлэмнээтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0