ХОЙ
Дьиэтээҕилэргэр холус соҕус сыһыаннаах эбиккин. Чугас дьонуҥ кистээн эйигиттэн хомойоллор. Болҕомто ирдииллэр. Оҕолоргор болҕомто ууран бииргэ бириэмэ атаарарыҥ ордук. Аһыы утаҕынан үлүһүйүмэ, сүрэххэр, сүһүөххэр куһаҕаннык дьайыан сөп.
ОҔУС
Тыыныҥ-быарыҥ хаайтарбыт, кэлиэх-барыах санааҥ тулуппат. Аҕам саастаах аймахтаргар убаастабыллаахтык сыһыаннас, эйигиттэн элбэҕи эрэйэллэр эбит. Киэҥ көҕүстээх буол, ыгылыйыма.
ИГИРЭЛЭР
Суолга сэрэхтээх буоларыҥ наада. Сааскы халтараан суол оһолго тиэрдиэн сөп. Киһиргиир, ардыгар киэптиир майгыгын арыый уҕарыттаххына, дьон да эйиэхэ тардыһыаҕа.
АРААК
Чугас киһигин кытта аһаҕастык, истиҥник кэпсэппэтэҕиҥ ырааппыт. Ис санааҕын аһан, санааҕын сайа этиэххин наада. Оҕолоруҥ харчы көрдөөн түбүгүрдүөхтэрин сөп.
ХАХАЙ
Барыны бары кыайар сатабыллаах майгыҥ, дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаныҥ кынатыҥ буоларын умнума. Таптыыр киһиҥ эн болҕомтоҕор наадыйар эбит. Иллэҥ кэмҥэр быыс булан сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыаххын сөп.
КЫЫС
Дьону кытта иирсэр, тыл бырахсар наадата суох. Олорбут олоҕуҥ укулаатын тосту уларытар үчүгэй этиилэр киириэхтэрин сөп. Эрэнэр дьоҥҥун кытта саҥа дьыаланы саҕалыаххын сөп.
ЫЙААҺЫН
Аҕам саастаах аймахтаргар эн көмөҥ наада буолбут. Чугас дьоҥҥуттан тэйэ туттубакка, харса суох көмөлөһөн ис. Кэлин махталлаах буолуоҕа.
СКОРПИОН
Ис кыаххын сатаан туһаммат эбиккин. Элбэҕи ситиһиэхтээх мындыр өйүҥ дьиэ эрэ иһинэн муҥурданарыттан искэр мунчаараҕын. Бэйэ дьыалатын аһар туһунан толкуйдан.
ОХЧУТ
Ардыгар дьон эйигин сэниир, сымнаһырҕатар эбит. Харса суоххун киллэрэн бэйэҥ кыаххынан элбэҕи ситиһиэххин сөп. Ыраах айан кэтэһэр.
ЧУБУКУ
Быһаарыыта суох олох, иннэ-кэннэ биллибэт таптал эйигин мунчаардар. Ол эрээри бу барыта сотору кэминэн ааһыаҕа.
КҮРҮЛГЭН
Доруобуйаны көрүнэргэ, бөҕөргөтүнэргэ үчүгэй кэм. Успуордунан дьарыктаныы туһалаах буолуоҕа.
БАЛЫКТАР
Улахан малга-салга ымсыырбыт буоллаххына, бу күннэргэ тоҕоостоох түгэни мүччү тутума. Харчыҥ сөбүгэр баар.
Ульяна ЗАХАРОВА бэлэмнээтэ.