Сахалыы гороскоп. 2018 сыл

Ааптар: 
22.12.2017
Бөлөххө киир:

ХОЙ  бэлиэтигэр төрөөбүттэр күчүмэҕэйдэртэн толлубат, охсууну тулуйар, туруоруммут сыалларын-соруктарын тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр буоллахтарына, сылы кыайыылаах түмүктүөхтэрэ.

Бу бэлиэҕэ төрөөбүт киһи тугунан эрэ үлүһүйүөн эбэтэр күүскэ таптаан туруон сөп. Өрө көтөҕүллүүттэн кини айар дьоҕура аһыллыа эбэтэр бөдөҥ бырайыакка ылсыа. Ол эрээри, үлэ сыраны-сылбаны, бириэмэни эрэйэрин өйдүүрэ наада.

Тус олоҕор сайын улахан уларыйыылар буолуохтарын сөп. Дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно кини болҕомтотугар, көмөтүгэр наадыйыахтара. Маны таһынан суолга сэрэхтээх буолара, ыраах айаннаабата ордук. Тапталыгар, үлэтигэр ситиһиилэниэ.

ОҔУС бэлиэтигэр төрөөбүттэр наукаҕа, литератураҕа, атыыга-эргиэҥҥэ, айар үлэҕэ, айаҥҥа 2018 сылга ордук табыллыахтара.

Хаһан эрэ билсибит киһитин көрсөр түгэнигэр, олоҕор улахан уларыйыылар күүтэллэр. Ол иһигэр, ким эрэ үбүнэн-харчынан көмө көрдүө, ким эрэ өй-санаа өттүнэн өйөбүл эрэйиэ.

2018 сыл бүтүүтэ харчытын сүтэрэн эбэтэр үлэтигэр кыһалҕаланан ыксаллаах быһыыга-майгыга киириэн сөп. Суолга-иискэ мэһэйдэр көстүөхтэрэ. Онон тугу да тиэтэйбэккэ былаанныыра, быһаарынара ордук буолуо.

ИГИРЭЛЭР саҥа сылга элбэхтик айанныахтара. Литератураҕа, наукаҕа, айаҥҥа, үөрэххэ, аймахтары кытары сыһыаҥҥа, үлэҕэ-хамнаска хаһааҥҥытааҕар да табыллыахтара.

Сыл бастакы аҥарыгар үлэлэрэ уларыйыан сөп. Эбэтэр саҥа салайааччыланыахтара. Хайдах да буолтун иһин, карьераларын оҥостуохтара. Ол гынан баран, тохсунньуга партнердарын кытары өйдөспөккөлөр, үптэрин-харчыларын боппуруоһугар мөккүөр үөскүөн сөп. Онтон сылтаан харчы сүтэриигэ тиийэ барыахтарын сөп. Мөккүөр күһүн диэки намырыа, үлэҕэ сыыйа тупсуу барыа. Өйөөччүлэр көстүөхтэрэ.

Тус олохторо тупсуо. Доруобуйаларын көрүнэллэрэ наада. Тоҕо диэтэххэ, үөрэниэхтэрэ, элбэхтик айанныахтара, дьыалабыай кэпсэтиигэ кыттыахтара.

АРААК бэлиэтигэр төрөөбүттэр тус олохторугар уонна оҕолоругар хаһааҥҥытааҕар да болҕомтолоох буолуохтара. Үлэҕэ да элбэҕи ситиһиэхтэрэ. Аттыларыгар баар дьоно кинилэри хаһааҥҥытааҕар да өйдүөхтэрэ, өйүөхтэрэ.

Сыл бастакы аҥарыгар үрдүк сололоох дьону кытары билсиэхтэрэ, сибээһи тутуһуохтара. Ол түмүгэр атын үлэҕэ, дуоһунаска ыҥырыллыахтарын сөп. Итинтэн тэптэн сыаллара уларыйыа.

Сыл иккис аҥарыттан чугас дьоно болҕомтоҕо наадыйыахтара. Үлэ, сынньалаҥ, интэриэс барыта дьиэ кэргэни кытта биир сүбэнэн быһаарыллар буолуоҕа.

ХАХАЙ бэлиэтигэр төрөөбүттэри 2018 сылга саҥа саҕалааһыннар күүтэллэр. Үлэҕэ-хамнаска баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылыаҕа. Ол гынан баран, үлэтин түмүгэ кэлин көстүө. Үп-харчы да баар буолуо.

Быйыл дьиэ-уот боппуруоһун быһаарыынан дьарыктаныа. Ол да сүпсүлгэнигэр сырыттар, чугас дьонун, төрөппүттэрин умнубата ордук. Кинилэр доруобуйаларыгар болҕомтону уурарын сэргэ, бэйэтин туһунан эмиэ саныыра ирдэнэр.  Дьарҕарбыт ыарыылара көбөн кэлиэхтэрин сөп.

КЫЫС бэлиэтигэр төрөөбүттэр 2018 сылга айаннара ситиһиилэринэн арыалланыа. Өйдөрүн-санааларын тосту уларытар киһини көрсүөхтэрэ. Дьиэтин, олорор сирин кытта уларытар туһунан толкуйдар киирэллэр. 2018 сылга уларыйыы олоҕор саҥа сүүрээни киллэриэ.

Үбү-харчыны ордук сыл бастакы аҥарыгар халтайга бараабата ордук. Тоҕо диэтэххэ, ол сыл иккис аҥарыгар улаханнык наада буолан туруо.

Бу бэлиэҕэ төрөөбүт дьону тохсунньу бүтүүтүгэр улахан суолталаах көрсүһүү күүтэр.

ЫЙААҺЫН бэлиэтигэр төрөөбүттэр 2018 сылга тус олохторугар уонна үлэлэригэр ситиһиилэниэхтэрэ. Үп-харчы көстөр. Биллэр-көстөр дьон, үрдүк сололоохтор көмөлөһүөхтэрэ. Билсэр, сибээстэһэр дьоно элбиэхтэрэ, уларыйыахтара. Ол эрээри, тус олоҕор уларыйыы суох.

Сибээһэ төһө да кэҥээбитин иһин, үпкэ-харчыга сыһыаннаах саарбах кэпсэтиилэргэ кыттыспата ордук. Онтон киирбит үбү ыспакка-тохпокко, солуута суохха бараабакка, сыл бүтүүтэ суолталаахха туттуон наада буолуо.

СКОРПИОН бэлиэтигэр төрөөбүт киһи быйыл болҕомто киинигэр сылдьыа. Ыраахтан сонун тутан тутум үрдүө. Биллэр-көстөр, ытыктанар, үрдүк сололоох дьону кытары билсиэ, доҕордоһуо. Айана табыллыа.

Билсэр-көрсөр дьоно төһө да элбээбитин иһин, албынтан-көлдьүнтэн сэрэнэрэ ордук. Сайын сөтүөлүүртэн, астан-үөлтэн сэрэнэрэ наада. Үп-харчы боппуруоһа үчүгэй.

ОХЧУТ бэлиэтигэр төрөөбүттэр олохторугар саҥа кэрдиис кэм саҕаланар. Төһө да харчы киирбитин иһин, туттан кэбиһэр үгэстээхтэр. Үлэлээбит үлэлэрэ, сыраласпыт сыралара

сыаналаныа. Оттон хаһан эрэ тыл тылга киирсибэтэх дьоно эйэлэһиэхтэрэ, чугаһыахтара.

Доруобуйатын көрүнэ сылдьара ордук. Солуута суохтан ньиэрбэнэйдээбэккэ, сынньалаҥын сөптөөхтүк аттаран туһанарын туһунан эрдэттэн толкуйдаатаҕына биирдэ табыллыа.

ЧУБУКУ бэлиэтигэр төрөөбүт дьоҥҥо доҕотторо, көмүскэһээччилэрэ көмөлөһөннөр, былаана олоххо киириэҕэ. Онуоха өссө саҥа көмүскэһээччилэр көстүөхтэрэ. Сыл бастакы аҥарыгар айан ситиһиилэри тосхойуо.

Ол гынан баран, саһа сылдьар ордугурҕааччылартан сэрэниэн наада. Кинилэр былааныгар, тус олоҕор ыарахаттары үөскэтиэхтэрин сөп. Өскөтүн аймахтарын кытары сыһыана истиҥ буоллаҕына, хайдахтаах да куһаҕаны оҥорооччуларга кыайтарыа суоҕа.

КҮРҮЛГЭН бэлиэтигэр төрөөбүттэр сүрүн болҕомтолорун үлэлэригэр уураллар. Үгүс түбүгү көрсөллөр. Сыл саҥатыгар үлэлэригэр ураты сүүрээни хото киллэриэхтэрэ. Сааскыттан саҕалаан түбүктэрэ-садьыктара өссө үксүөҕэ.

Бырайыактарга кыттан харчыланыахтара. Манна айан уонна эбии үөрэнии улаханнык туһалыахтара. Ордук сайын эбии үөрэннэҕинэ сыл түмүгэр улахан ситиһиилэниэ. Олоҕу уратытык көрөр, сыаналыыр дьон сылы быһа Күрүлгэҥҥэ тардыһыахтара.  Сыл бүтүүтэ элбэх айан күүтэр.

БАЛЫК бэлиэтигэр төрөөбүт дьон 2018 сылга айанныахтарын, дьиэлэрин-уоттарын уларытыахтарын баҕарыахтара. Бу боппуруос төһө да уустук курдугун иһин, этэҥҥэ быһаарыллар чинчилээх. Бу бэлиэҕэ төрөөбүттэр үчүгэй өрүттэрин таба көрөн дьон-сэргэ үрдүктүк сыаналыа. Улахан суолталаах көрсүһүү күүтүллэр. Биллии-көстүү, үп-харчы көстөр.

Айан ыра санаа туоларыгар далаһа ууруо. Онтон бырайыагы олоххо киллэрэргэ, бииргэ үлэлиир дьоно өйөбүл буолуохтара.

Балык бэлиэтигэр төрөөбүттэр доруобуйаларын туһунан умнубаттара, оҕолоругар болҕомтолорун уураллара эрэйиллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0