Хой. Улахан айдаан тахсыбатын туһуттан бэйэ бодоҕутун тардына сылдьыҥ. Чугас дьоҥҥутун кытта айдаарсыаххытын, тыл бырахсыаххытын сөп. Бу нэдиэлэҕэ айар үлэнэн дьарыктаныҥ, өр билсибэтэх доҕотторгутун кытта көрсүҥ.
Оҕус. Бу нэдиэлэҕэ эмтэнэн, доруобуйаҕытын көрүнүҥ. Чугас дьоҥҥут көмөтүнэн элбэҕи ситиһиэххит. Үлэҕитигэр саҥа чыпчааллары дабайыаххыт. Харчыны кытта сибээстээх дьыалалартан туора туттуҥ диэн сулустар сүбэлииллэр.
Игирэлэр. Киэҥ эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо ситиһии кэлиэҕэ. Бу нэдиэлэ устата быыстапкаларга, кэнсиэрдэргэ сылдьа сатааҥ – бу эһиэхэ олус туһалаахтык дьайыа. Өссө бу нэдиэлэ саҥа доҕордоноргутугар, истиҥ сыһыан үөскүүрүгэр тоҕоостоох кэм.
Араак. Дьиэ атыылаһыыга, өрөмүөн оҥосторго сөптөөх нэдиэлэ буолбут. Үлэҕитигэр соһуччу үөрүүлэр, уларыйыылар буолуохтарын сөп. Чугас дьоҥҥутун кытта өстөспөт, этиспэт туһуттан тылгытын кыана туттаргытыгар сулустар сүбэлииллэр.
Хахай. Доруобайаҕын көрүнэргэр тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт. Солуута суох онтон-мантан таах ниэрбэҕитин бараамаҥ. Саҥа нэдиэлэттэн куһаҕан дьаллыктаргытын быраҕарга дьулуһуҥ.
Кыыс. Харчы уурунарга, сайыҥҥы сынньалаҥы сөпкө былаанныырга анаан үчүгэй нэдиэлэ үүммүт. Чугас дьоҥҥутун кытта кэпсэтиҥ, дьиэ кэргэҥҥитигэр болҕомтоҕутун ууруҥ. Дьыалабыай сибээстэри олохтооҥ уонна олору тутуһуҥ, бу сибээстэргит эһиэхэ көмөлөһүөхтэрэ.
Ыйааһын. Үлэлээбит үлэҕитин, бараабыт сыраҕытын сыаналыахтара. Көһүппэтэх сиртэн харчы кэлиэн сөп. Биир үксүн тус олоххо уларыйыылар буолуохтарын сөп диэн сулустар кэпсииллэр. Дьиэ кэргэннээх дьон эйэҕитин харыстааҥ.
Скорпион. Сулумах сылдьар дьон үөрэ-көтө сылдьыҥ, аналгыт эһигини көрдөөбүтэ ыраатта. Бу нэдиэлэ ситиһиилээх буоларын туһуттан, таҥаскытын-сапкытын, тылгытын-өскүтүн көрүнүҥ. Ол быыһыгар доруобуйаҕыт туругун эмиэ умнумаҥ.
Охчут. Санаабыккыт, толкуйдаабыккыт барыта эһиги былааҥҥытынан баран иһиэҕэ. Ол эрээри, киһи үөйбэтэх өттүттэн сонуннары истиэххит, олоххутугар уларыйыылар буолуохтара. Урут хаһан даҕаны улахан болҕомтоҕутун уурбатаххытыгар олус наадыйан кэлиэххит.
Чубуку. Үгүс харчыны барыырга ыксаамаҥ. Харчылаах даҕаны буоллаххытына уурунуҥ, мунньа сатааҥ. Бу уурумньугут сотору кэминэн туһалыаҕа диэн сулустар кэпсииллэр. Саҥаны саҕалыыргытыгар, бэйэҕит кистэлэҥ талааҥҥытын арыйаргытыгар олус сөптөөх кэм тирээн кэлбит.
Күрүлгэн. Соһуччу көрсүһүүлэр, умнуллубат сырыылар күүтэллэр. Дьиэ кэргэҥҥитигэр сыһыаҥҥыт өссө тупсуо. Бэйэҕит кыаххытыҥ билиммэт буоллаххытына, дьоҥҥо ону-маны эрэннэримэҥ. Нэдиэлэ ситиһиилээх буолуоҕа.
Балыктар. Иллэҥ кэмҥитин дьиэ кэргэҥҥитигэр анаан. Ыраах айанныырга тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт. Өрөбүллэргэ сылайбыппын дии санаатаххытына, сынньаныҥ, сиэри таһынан үлэлии, түбүгүрэ сатаамаҥ.