Төрүт ийэ тылбыт инники дьылҕата үгүспүтүн долгутар, толкуйга түһэрэр.
edrsaas.ru
Ол туоһутунан бүгүн Дьокуускай куораттааҕы В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ 40-ча киһи мустубута буолла. Мустубут дьон сүрүн сорукпут — сахалыы дьыктааны суруйуу.
Миэстэ аҕыйах буолан, кэлбит дьону бибилэтиэкэрдэр икки бөлөххө араардылар. Мин ааҕар саалаҕа түбэстим.
Дьыктааны «Саха» НКИХ ыытааччыта, саха эстрадатын «сулуһа» Петр Кулаковскай аахта.
Сахалыы дьыктаан суруйуутугар кыттыахпын, билиибин тургутан көрүөхпүн баҕарбытым ыраатта. Быйыл дьэ табыллан, устудьуоннуур кэммиттэн сөбүлээн сылдьар «Бэлииҥкэбэр» тиийэн, баҕам хоту дьыктааны суруйууга кытынным. Дьон тоҕо анньан кэлбитэ соһутта да, үөртэ да.
Ол аата төрөөбүт төрүт ийэ тылга таптал, интэриэс, сүгүрүйүү баар эбит. Ыччаттар эмиэ туора турбатахтара олус кэрэхсэбиллээх суол. Тэрээһин Николай Неустроев төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт буолан, кини «Балыксыт» кэпсээнинэн дьыктааны суруйдубут. «Бары биир санаалаах дьон мустан сомоҕолостубут» диэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Аны түмүкпүтүн күүтэбит.
Ийэ тылбытын сүтэрбэт туһугар киин куорат бибилэтикэрдэрэ маннык суолталаах тэрээһини ыыппыттарыгар махтанабыт.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан
Тамара ВИНОКУРОВА,
Дьокуускай куорат.