Сахалыы диктант кыайыылааҕа Инара Федорова

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн сибээстээн, “Сахалыы диктант” аахсыйа ыытыллыбыта. СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр 160-ча киһи кэлэн, баҕа өттүнэн диктант суруйбута.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Диктант түмүгэ билиннэ. Ол курдук, “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” аатын, нуучча тыла идэлээх Инара Федорова ылла. Кини биир алҕастаах (сурук бэлиэтигэр) эрээри, улахан алҕаһынан ааҕыллыбат диэтилэр.
Оттон “Бастыҥ суруксут” аатын иккилии-үстүү алҕастаах алта киһи ылла. Кинилэр тылы таба суруйууга сыыһалара суох эрээри, сурук бэлиэтигэр сыыспыттар. “Үчүгэй суруксут” (түөрт алҕастаахтар) аат биэс киһиэхэ тигистэ. Түөрт сыананы – 22, үс сыананы — 49 киһи ылла. 63 киһи куһаҕаннык суруйбут.
РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун доцена, филологическай наука хандьыдаата Дария Чиркоева: “Түмүгү таһаардыбыт. Тиэкис сылын аайы уларыйар. Былырыыҥҥы тиэкис уус-уран тылларынан ордук баай этэ. Быйылгы тиэкискэ сурук бэлиэтэ, арааһа, уустук буолла быһыылаах. Сорох тылы дьон туттубаттар эбэтэр истибэттэр быһыылаах. Сыыһа суруйталаабыттар. Ол аата ити тыллар кэпсэтии тылыгар сүтэн эрэллэр диэн түмүк оҥоруохха сөп. Биһиги сүрүн болҕомтону тылы таба суруйууга уурар соруктаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, диктант суруйа кэлэр дьон бары тыл үөрэхтээхтэрэ, бары учууталлар буолбатахтар. Инньэ гынан, олус уустук сурук бэлиэлэрдээх түгэннэри сымната соҕус бэрэбиэркэлээтибит. Ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, түмүк улахан уратыта суох. Былырыын Амма Аччыгыйын айымньытыттан быһа тардыыны ылбыппыт. Онно элбэх киһи: “Олох хаһан да истибэтэх тылларбыт”, — диэн эппиттэрэ. Ол иһин тылы таба суруйууга сыыһа элбэх этэ. Быйыл ону учуоттаан, судургутуттубут. Онон “4”, “5” сыана элбэх. Тылга туох да сыһыана суох идэлээхтэр, биһиэхэ судургу тиэкис наада диэн билигин да этэллэр. Оскуола оҕотун таһымынан тиэкис көрдүүллэр. Биһиги ортотунан көрөр буоллахпыт.
Бүгүн түмүктэрин истэ, үксэ саастаах дьон кэлбит. Устуодьуоннар, эдэрдэр университекка суруйбуттара. Быйыл диктант тэнийдэ аҕай. Оскуолалар, тэрилтэлэр эмиэ үлэлэригэр суруйбуттара», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Бибилэтиэкэҕэ мустубут дьон сыаналарын истээри иһийэн олордулар. Ким эрэ биэһи ылан үөрэр, ким эрэ иккини ылан хомойор. “Сүрэх тэбэрин тухары” арамаан кинигэтин тутан олорон, сыыһаларын бэрэбиэркэлэнээччилэр эмиэ бааллар. Сорохтор бу тылы, бу сопутуойу тоҕо сыыһа диэтигит диэн кэлэн мөккүһэллэр. Атыттар сыыһыа да суох сирдэргэ сыыһан, кыһыйан, эһиил эмиэ кэлэн суруйуохпут дэһэллэр.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0