Нэдиэлэ ортото төрөппүттэргэ аналлаах биир кэлим эксээмэҥҥэ (БКЭ) кыайан бириэмэ булан тиийбэтэҕим. Онон “Сахалыы диктант” аахсыйаҕа хайаан да кыттан, бэйэм билиибин холонон көрөргө сананным. Дьэ хайдах эбитий?
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Национальнай билиотека ааҕар саалатыгар 13 ч 40 мүн киирбитим, эрдэ кэлбит дьон номнуо миэстэтин булан олорбут этэ. Хата, иннигэр миэхэ анаабыт курдук, биир миэстэ баарыгар тиийэн олордум. Остуолга диктант суруйуохтаах бэлэм кумааҕым сытар. Уонча мүнүүтэ буолбата, дьон эбии кэлэн барда. “Үөһээ саалаларга миэстэ суох. Ол иһин манна түстүбүт” — дэһэллэр сорохтор. Кэннибэр “историческай хаартыска” диир саҥалар эмиэ иһиллэллэр. Төлөпүөннэригэр хаартыскаҕа түһэллэр. Диктант саҕаланыа 10 мүнүүтэ иннинэ саала туолла, аан сабылынна. Ону кытта уу-чуумпу буола түстэ. Үлэһиттэр кэрийэ сылдьан уруучука түҥэтэлээтилэр.
Диктааны ааҕыахтаах ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун доцена, филологическай наука кандидата Дария Чиркоева: “Сахалыы сурук-бичик тэрээһинигэр кэлбит дьоҥҥо махталбын биллэрэбин. “Сахалыы диктант” аахсыйа 2014 сылтан ыытыллар. Маҥнай икки сааланан этэ. Былырыыҥҥыттан үһүс саалаҕа эбиллибитэ. Быйылгы диктант уратылаах. С.А.Новгородов төрөөбүтэ 125, саха филологиятын уонна култууратын факультета (билигин институт) тэриллибитэ 25 сылларыгар ананар. Аахсыйаны СӨ Национальнай билиотекатын кытта кыттыһан тэрийэбит.
Народнай суруйааччы Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” романыттан быһа тардыыны ыллыбыт. Кини быйыл төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтиэхпит. Былырыыҥҥы тиэкис олус уустук диэбиккит. Ону учуоттаан, быйыл судургу тиэкиһи тала сатаатыбыт”, — диэн кылгастык киирии тылы этээт, диктаны аахпытынан барар.
Микрофон баар буолан, ааҕар киһи саҥата ыраастык иһиллэр. Ол эрээри, кэнники олорооччулар маҥнай утаа хат-хат ыйытыах курдук буолан иһэн, уоскуйа быһыытыйдылар. Дьон да саба саҥардылар быһыылаах. “Оо дьэ, дьону бутуйума, өйдөөн иһит ээ”— диир тыллар иһиллэн иһэн, ах бардылар. Ыйытар киһи бэйэтэ да бэркиһээтэҕэ буолуо.
Тиэкис 240 тылтан турар. Былырыын 301 тыллаах эбит. Тус бэйэм тыллара судургулар, арай, сурук бэлиэтэ элбэх эбит диэн бэлиэтии көрдүм. Итиэннэ ааптар тылын уларыппатахтар. Ол курдук, «лиистэрин”, “чувство” диэн тыллары хайдах баарынан суруйуҥ диэн эттилэр. Диктант суруйбатах ырааппыт эбит. Итиччэ бытааннык, ыраастык ааҕан биэрбиттэрин кэннэ, куоттаран кэбиһиэх курдук түгэннэр эмиэ үөскээн ыллылар. Эбиитин үлэбинэн кылгата суруйа үөрэнэн хаалан, сорох тылларбын таптаабыппынан кылгата сыстым эҥин. Ол да буоллар, син түмүктээтим.
Матрена Николаевна: “Аахсыйаҕа аан бастакыбын кыттабын. Тиэкиһэ судургу, сурук бэлиэтэ уустук эбит. Оскуоланы бүтэрбиппит да быданнаатаҕа. Түөрт уонтан тахса сыл буолла. Идэбинэн тылга туох да сыһыаным суох. Чэ, хайдах буолар. “Биэс” сыананы ылбатым чахчы. Сахалыы саҥарарын саҥарабыт эрээри, суруйарбытыгар ыарырҕатабыт. Онон киһи бэйэтин билиитин тургутан көрөрүгэр, олус үчүгэй тэрээһин. Сорох диктант суруйа кэлбит дьон саҥара олороллоро, атыттарга мэһэйдииллэрэ куһаҕан эбит”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Маҥнайгы этээс саалатыгар диктант суруйбут дьонунан сирдэтиннэххэ, үгүстэрэ 45-тэн үөһэ саастаахтар. Эдэрдэртэн биир-икки эрэ ыччат көстөр. Библиотека үлэһиттэрэ үс сааланан уопсайа 160-ча киһи кэлэн диктаны суруйда дэһэллэр. Сыллата кыттааччы ахсаана эбиллэ турар эбит. Ону кытта сахалыы тылынан ааҕар киһи ахсаана эбиллэн истэҕэ.
Түмүк сэрэдэҕэ, олунньу 15 күнүгэр, киэһэ 18 ч Национальнай библиотекаҕа биллэр. Туйгун сыананы ылбыттар, чэппиэргэ бары күргүөмүнэн “Саха” НКИХ “Олох үөһүгэр” биэриигэ кытталлар. Ситиһиилэри!
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.