Сахалыы детектив уһулунна

10.02.2016
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга саха киинэтигэр кэмиэдьийэ уонна драма жанрдаах киинэттэн ураты атын жанрдаах киинэлэри устубаттар – диэн көрөөчүлэр үҥсэргииллэрин үгүспүт истибит буолуохтаах. “Сайсары күөлгэ… ”  саха киинэтигэр детектив диэн сонун жанрдаах киинэ уһулунна.  

lavernov

2014 сыллаахха “АРТ Дойду” киинэ хампаанньа («Покидая благоухающую гавань», «Сэмэнчик», «Лыах», «Ньургуһуннар», «Айыы Уола») салайааччыта Марианна Скрыбыкина детектив устарга санаммыт. “Айыы Уола” биографическай хабааннаах киинэни норуот ылыммытын, сөбүлээбитин кэннэ, тохтоон хаалбакка, саҥа үктэллэри дабайарга санаммыт “Сайсары күөлгэ…” детектив продюсера Марианна биһиги хаһыаппытыгар маннык кэпсиир:

— Мин детектив устуохпун төрүкү баҕарарым. Онтон дьэ толкуйдаан, киинэбит аҥаардас сценарийын суруйарга балтараа сыл буолбута. Саха киинэтигэр балтараа сыл сценарий суруллуута диэн олус элбэх бириэмэ. Ол курдук, ити кэм иһигэр детектив жанрдаах 22 киинэҕэ сценарий толкуйдаабыппыт. 22 сценарий тухары барытыгар оруоллары толорор артыыстары булбуппут, айар хамаанда туруоран көрбүппүт. Детектив устаарыбыт үлэ бөҕөтүн көрүстүбүт. Биир сценарийга бары ылсан үлэлээбиппит, онтуобут бүтэр уһугар саха дьонун майгытыгар барсыбат, Саха сиригэр сөбө суох киинэ буолан тахсыах курдук этэ. Онон аны сценарийбытын биирдии эпизодунан былааннаан оҥорон саҕалаабыппыт. Ол кэнниттэн кэпсэтиилэри туруоран биэриэххэ наада буолбута. Онуоха маннык идэлээх Светлана Таайкуоҕа көрдөрбүппүтүгэр, кини эпизодтарбытын ааҕан көрөн баран тута: “Маннык хабааннаах сахалыы айымньы баар, Егор Неймохов “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” диэн, ол детективкэ маарынныыр ис хоһоонноох”, — диэбитэ. Биһиги тута “Сайсары күөлгэ түбэлтэни” ааҕан, киинэбитин бу айымньыга олоҕурдан барбыппыт. Онон киинэбит чопчу Егор Неймохов айымньытынан уһулунна диэн буолбатах, бу айымньыга олоҕуран уһулунна диэххэ сөп. Айымньыга 70-с сыллар кэпсэнэр буоллахтарына, киинэҕэ билиҥҥи кэм көстүөҕэ. Тахсыахтаах киинэбитин айар хамаанда Егор Петрович Неймохов сырдык кэриэһигэр аныыбыт. Сүрүн дьоруойбут хомуйан оҥоһуллубут уобарас буолар. Кинини толкуйдуурга судуьуйалары, ис дьыала үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн, бу эйгэ үлэтин кытта билсэн саҕалаабыппыт. Оттон сүрүн оруолга Саха театрын эдэр артыыһын Вячеслав Лаверновы талбыппыт. Киинэ сценарийа толкуйданар кэмигэр сүрүн оруолу Алексей Егоров – Өркөн толоруо диэн сабаҕалаан көрөөһүн эмиэ баара. Оттон Вячеславы кытта “Айыы Уола” киинэҕэ үлэлии сылдьан билсибиппит. Онно тоҕо эрэ тута “аныгыс киинэм сүрүн оруолугар бу уол оонньуо” диэн санаан ылбытым. Кинини кытта үлэлиир олус чэпчэки, тута дьыалаҕа киирэн, оруолун бэрткэ толордо. Саха киинэтин эйгэтигэр өссө биир чаҕылхай талааннах киһинэн Вячеслав Лавернов буолар диэн бэйэбэр арыйдым.

Саҥа киинэ улуустарынан эмиэ сүрэхтэниэ. Саха бастакы детектив жанрдаах киинэтэ сүрэхтэнэрин күүтэбит!

Айтана АММОСОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0