Сахалыы айымньылар татаардыы тылбаастаннылар

25.11.2016
Бөлөххө киир:

 Саха сиринээҕи «Чуораанчык» уонна «Колокольчик» оҕо сурунааллара Татарстаҥҥа «Многоликая Россия» Бүтүн Арассыыйатааҕы суруналыыстар куонкурустарыгар кыттан кэлбиттэрин туһунан хаһыаппытыгар бэчээттэммитэ. Тохсус сылын ыытыллар куонкуруска 52 регионтан 1850 үлэ киирбититтэн, «Чуораанчык» сурунаал бочуоттаах үһүс миэстэни ылбыта улахан ситиһии. Сурунаал эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова элбэх үтүө сонунун сэргэ, өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэллэ.

Ол курдук, Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин «Оһуор ойуу оҥоойук» оҕолорго аналлаах кинигэтэ татаардыы тылбаастаммытын аҕалла.

Татьяна Жиркова: «Сахалары улаханнык интэриэһиргииллэр эбит. Улахан суруйааччыларбытын билэллэр. Ол СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин оҕолорго аналлаах хоһооннорун татаардыы тылбаастаан, кинигэ таһаарбыттарыттан да көстөр. Оҕо эйгэтигэр үлэлиир суруналыыстары, педагогтары ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллар. Судаарыстыба өттүттэн улахан өйөбүл баар эбит», – диэн кэпсээтэ.

Иван Мигалкин хоһооннорун кинигэтэ татаардыы тылбаастаныыта бу ахсынньы 7 күнүгэр буолаары турар СӨ Суруйааччыларын сойууһун сийиэһин көрсө тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Кинигэҕэ бэйиэт оҕолорго аналлаах 32 хоһооно киирбит. Хас биирдии хоһоон оҕолорго аналлаах дьэрэкээн уруһуйдарынан киэргэтиллибит.

migalkin

Иван Васильевич: «Кэлиҥҥи кэмҥэ соҕуруунан-хотунан, кыра-улахан куораттарынан, дэриэбинэлэринэн сылдьаммын, оҕолор барахсаттар арылыйа мичээрэн оонньоон туорахтаһалларын көрдөхпүнэ, Сергей Васильев «Барыта оҕолор иһин» хоһоонун строкалара дууһабын истиҥ-иһирэх иэйиинэн толороллор. Ити оҕолорго бэйэм оҕолорбун дьүөрэлээммин, кинилэргэ тапталым ыраас, сырдык уонна үйэлээх!» – диэн эппиттээх. Оҕолор барахсаттарга истиҥ тапталтан суруллубут бэйиэт хоһоонноро аны татаардыы тылынан бэчээттэммитэ айар киһи талааныгар сүгүрүйүүнү көрдөрөр.

Норуодунай бэйиэт «Сулус санаалар» диэн быйыл тахсыбыт кинигэтигэр: «Амма Аччыгыйа, Далан уо.д.а. улахан суруйааччыларбыт суох буоллулар. Аны кинилэр айымньыларын курдук сүдү күүстээх айымньылар тахсыахтара суоҕа диэн өйдүүр сыыһа. Киһиэхэ эрэл диэн баар буолуохтаах. Эрэлэ суох норуот кэхтэр», – диэн суруйбутун ааҕабыт. Кырдьыга да, эрэл баар буолан, бу олоххо баҕарбыппытын толоробут, ситиһэбит.

Ол курдук, И.Мигалкин кинигэтин сэргэ татаардар өссө СӨ норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан «Легенды белого Севера» айымньытын эмиэ татаардыы тылбаастаатылар. Халыҥ тастаах, иннигэр Василий Семенович олоҕун туһунан суруллубут кинигэ «Магариф-Вакыт» кинигэ кыһатыгар 1 тыһыынча ахсаанынан бэчээттэннэ. Бу кинигэ кыһата Арассыыйа биир улахан национальнай уонна оҕо кыһатынан биллэр, «Оҕо кинигэтэ» Арассыыйа куонкуруһун дипломана.

Биллэн турар, суруйааччыларбыт саха ааҕааччытыгар биһирэммит айымньылара татаардыы тылбаастанан тахсыылара атын омуктар саха литэрэтиирэтин, суруйааччылар билсэллэригэр, норуоттар доҕордоһуулара бөҕөргүүрүгэр далаһа буолара саарбаҕа суох.

Надежда ЕГОРОВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0