Сахалар соҕуруу бурдуктаах этибит

Ааптар: 
02.08.2023
Бөлөххө киир:
Photo by form PxHere

Агроном идэлээх Василий Ермолаев  «бурдук», «сэлиэй», «сэлиэһинэй» («пшеница»), «тараан» («просо»), «арбай» («ячмень») курдук агротиэрминнэри атын түүрдүү тылларга тэҥнээн көрбүт.  Итиннэ өбүгэлэрбит соҕуруу эрдэхтэринэ бурдук ыһыытынан дьарыктаммыттар диэн түмүккэ кэлбит.

Маҥнайгы килиэп

Киһи аймах аһылыгын саамай туруктаах көрүҥэ – бурдук. Түҥ былыргы, өссө неолит саҕанааҕы дьон араас үүнээйи туорааҕын тааһынан мэлийэн баран ууга мэһийэн, хааһы оҥостон сиикэйдии сиир эбиттэр, кэлин уокка сырайар, оһоххо буһарар буолбуттар. Үйэттэн үйэлэр солбуһан испиттэр, сымнаҕас килиимэттээх дойдуга олорор омуктар сиртэн үүнээйини ылыыга идэтийэннэр, сиэххэ сөптөөх киһи туораах араас суортарын айбыттар.

Килиэби көтөҕүллүбүт тиэстэнэн оҥоруу Былыргы Египеккэ саҕаламмыт. Номоххо кэпсэнэринэн, биир кулут ньэчимиэнтэн мэһийбит тиэстэтин умнан кэбиһэн аһары уһуннук туруорбута аһыйан хаалбыт. Мөҥүөхтэрэ диэн куттанан ону кимиэхэ да эппэккэ оһоххо укпута үллүбүт уонна сүрдээх сымнаҕас, амтанныын минньигэс лэппиэскэ буолбут. Дьэ ити кэмтэн ыла былыргы египтяннар бэйэлэрэ да билбэттэринэн доруоһаны туһананнар, килиэби аһытыллыбыт тиэстэнэн астыы үөрэммиттэр.
Доруоһа тэллэйэ тиэстэҕэ баар саахары «сиэн» испиири уонна углекислай гааһы үөскэтэр. Углекислай гаас хабахтары үөскэтэн тиэстэ көтөҕүллэр, көпсөркөй буолар итиэннэ итии оһоххо угуллан сымнаҕас килиэп буола буһан тахсар.

Килиэби аһытыллыбыт тиэстэнэн астыыр ньыма Былыргы Египеттэн Аан дойдуга тарҕаммыт. Винограды үүннэрэр омуктар бурдугу виноград уутугар көөнньөрөн, тиэстэлэрин аһытар эбиттэр. Кэлин аһытыы оннугар тиэстэттэн олох (дьоҕус тиэстэ) ордорон, сарсыҥҥы килиэп тиэстэтин охсор үгэс тарҕаммыт.

Итэҕэлгэ, култуураҕа, бэлиитикэҕэ

Үгүс омуктарга килиэп олоҕу уонна үлэни көрдөрөр бэлиэ буолар. Үтүмэн үлэнэн ылыллар килиэби бөххө, сиргэ быраҕыы улахан аньыынан ааҕыллар.
Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, славяннар ыалдьыты туустаах килиэбинэн көрсөллөр. Нуучча тылыгар «Бурдук — барыга баһылык», «килиэп баар буоллаҕына, ырыа да ылланыа» уо.д.а. курдук өс хоһоонноро бааллар. Орто Азия омуктара дастархаҥҥа килиэп ууруллубут буоллаҕына, сымыйалыыр сатаммат диэн өйдөбүллээхтэр.
Библияҕа этиллэринэн, үөрэнээччилэрин кытары аһыыр тиһэх кистэлэҥ киэһэтигэр (Тайная вечеря) Христос килиэби ылан алҕаан баран: «Ылан сиэҥ, бу мин этим-сииним», — дии-дии биэрбит. Онон Христос итэҕэлигэр таҥараҕа тиксии сибэтиэй сиэригэр-туомугар килиэп сүрүн оруолу ылар.
Бэлиитикэҕэ дьону-норуоту түмэр луоһун быһыытынан туттуллар. Былыргы Римҥэ «Хлеба и зрелищ», Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар «Даешь хлеб!» диэн луоһуннар баар буола сылдьыбыттара.

Өстөөх уодаһына

Дойдуга аһылык өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйарга бастатан туран ыһыы сиэмэтэ «ыраас» (ыарыыга, сүһүрүүтэ суох) буолуохтаах. Наһаа ардахтаах, олус кураан дьылга эбэтэр үчүгэйдик көрүллүбэтэҕинэ-харайыллыбатаҕына, бааһына бурдуга сиппэккэ хаалар, араас ыарыыга ылларар. Оннук сиэмэ суох оҥоһуллар.
Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыттан күүскэ үлэлээн, сиэмэ бурдук «ыраас» буоларын ситиспитэ. Бу дьыаланы суостаах НКДВ иилээн-саҕалаан ыыппыта. Омук сириттэн киллэриллэр, дойду иһинээҕи уобаластар икки ардыларыгар илдьиллэр-аҕалыллар бурдук, ыһыыга ууруллар сиэмэ барыта кытаанах хонтуруолга тутуллара.
Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии сылларыгар үлэ өссө күүһүрбүтэ. Бурдуктаах уобаластар өстөөххө былдьанан дойду хотугу өттүгэр уонна Уһук Илиҥҥэ килиэп тиийбэтинэн бурдук Америкаттан атыылаһыллыбыта. Бурдугу тиэммит хараабыллары көрсөр сирдэргэ, Мурманскай, Архангельскай уонна Уһук Илин муоратааҕы пуортарыгар анал иниспиэксийэлэр тэриллибиттэрэ. Акыйаан уҥуордааҕы «атастар» үчүгэй бурдук быыһыгар «кирдээх» сиэмэни кыбытан ыыппыттарын тутаннар, муораҕа тимирдибиттэрэ биллэр.
Өстөөх оккупациялаабыт сиригэр балаһыанньа өссө уустук эбит. Ньиэмэстэр Украинаны уонна Белоруссияны сэриилээн ылан баран, сэбиэскэйдэр кыайан быыһаабакка хаалларбыт бурдуктарын сиэмэтин Германияҕа илдьибиттэр, онтон саарбах сиэмэни аҕалан тарҕаппыттар. Эбиитин хас эмит сүүһүнэн гектар бааһынаттан сир кырсын (быйаҥнаах араҥатын) түөрэн ылбыттар. Уодаһыннаах куорҕаллааһын Кыайыы кэнниттэн улахан сыранан көннөрүллүбүтэ.

Өбүгэбит сухаһыт эбит

Биһиги, сахалар, бурдугу нууччалар кэлиэхтэриттэн билбиппит. Ол эрээри тылбытыгар сири оҥорууга, бурдугу астааһыҥҥа сыһыаннаах тыллар бааллара дьиктиргэтэр. Аҥардас «бурдук», «кэлии» уонна «соҕоох» да үгүһү этэллэр.
43_smСаха тылыгар төрүкүттэн баар агротиэрминнэри ырытарга хорсун холонууну Чурапчы киһитэ, агроном идэлээх Василий Ермолаев «Уу долгун куттаахтара» диэн 1991 с. таһаартарбыт кинигэтигэр оҥорбута. Кини «бурдук», «сэлиэй», «сэлиэһинэй» («пшеница»), «тараан» («просо»), «арбай» («ячмень») курдук агротиэрминнэри, бурдугу ыһыыга астааһыҥҥа, харайыыга сыһыаннаах «омоон, омоох», «түүтэх», «чордуур», «үгэх, үкүр», «көппөх», «мээмэй, мээмэйдэнии», «кэлии», «соҕоох» уо.д.а. тыллары атын түүрдүү тылларга тэҥнээн көрөр итиэннэ өбүгэлэрбит соҕуруу эрдэхтэринэ бурдук ыһыытынан дьарыктаммыттар. Бу тыйыс айылҕалаах хотугу дойдуга кэлэннэр бурдугу үүннэрэр кыаллыбат буолан ону умнубуттар, онон ити тыллар суолталара кыараабыт, арыый уларыйбыт, сиртэн үүнээйини ылыы өйдөбүлэ тыл дэгэтигэр уонна олоҥхо номоҕор хаалбыт. Ол оннугар сир үлэтигэр үөрүйэхтэрин быһыытынан хотуур түспэтэх лаҥхалаах сирдэрин ыраастаан, өртөөн, ханна эрэ ууну түһэрэн, ханна эрэ уу сүнньүн уларытан, ходуһалары таһааран, сүөһү-сылгы ииттэн, саханы ууһатан олорбуттар диир.
Агроэтнограф Василий Федотович Ермолаев бу үлэтэ төрөөбүт тылы, историяны интэриэһиргээччилэр болҕомтолорун тардан, саҥа чинчийиилэргэ угуйуохтун.

Раиса СИБИРЯКОВА.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0