Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин “Ылдьаа ыччаттара” уопсастыбаннай ыччат тэрилтэтэ быйыл Саха сириттэн Россия Президенин гранын ылбыт 24 коммерческайа суох тэрилтэ иһигэр киирдэ.
“1944 с. Крымы босхолообут Саха буойуннарын өйдөбүнньүгүн үйэтитии” бырайыага 997 895 солкуобай кээмэйдээх бириэмийэҕэ тигистэ.
“Бу бырайыакка үлэбитин 2015 с. саҕалаабыппыт. Оччолорго өрөспүүбүлүкэбит гранын ылан, Крымы босхолоспут Саха сирин олохтоохторун туһунан кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыппыт, “Саха буойуннара – Крымы босхолооччулар” 30 мүнүүтэлээх киинэни устубуппут.
Былырыыҥҥыттан президент гранын ылар туһугар туруулаһан, быйыл бу куонкуруска кыайыыны ситистибит.
Бу ылбыт үппүтүнэн документальнай киинэлэри салгыы оҥоруохпут, ыччаты патриотическай иитиигэ сайты үлэлэтиэхпит”, — диэн кэпсээтэ СИА-ҕа бырайыак ааптара Сардаана Эверстова.
Сонун идея дьиэ кэргэн историятыттан саҕаламмыта кэрэхсэбиллээх. “Эһэм Эверстов Игнат Степанович Крымҥа сэриилэспитэ эрээри, бу туһунан олох кэпсээбэт этэ. Атын оҕолор чугас аймахтарын хорсун быһыыларын туһунан кэпсээннэрин олус ымсыыра истээччибин. Дьиҥэ, эһэм уордьаннаах этэ. Мин кини дивизиятын историятын үөрэтэн, 1944 с. саамай уоттаах кыргыһыылар буолан ааспыт Сапун-хайатыгар этэрээтэ инники күөҥҥэ сылдьыбытын билбитим. Эһэм бастакынан доту үлтү тэптэрэн, нацистар обороналарыгар дьөлө көтүүнү оҥорбута. Ити түмүгэр 19 таанкабай куорпус саллааттара бөҕөргөтүнүүгэ тоҕо көтөн киирэн, үрдэли ылар кыахтаммыттара”, — диэн уопсастыбанньык кыыс санаатын үллэһиннэ.
“Ньиэмэс саллааттарыгар Сталинград уонна Курскай дуга кэнниттэн, Крым саамай хобдох кыайтарыылартан биирдэстэрэ этэ. Ол эрээри, олохтоох историктар маныаха улахан болҕомтолорун уурбаттар. Дьиҥэ, Крымы ылан баран, 4-с Украинскай фронт Карпатка тиийбитэ уонна Европаны босхолооһуну саҕалаабыта”, – диэн Эверстова бэлиэтээтэ.
Кэлэр өттүгэр бырайыак кэҥиэҕэ, манна сахалары уонна нууччалары сэргэ, атын омук дьонун кыттыыларын туһунан чахчылар киириэхтэрэ.
Айаал Яковлев, СИА.