Сахалар былыр ыты «бөх», «үнүгэс» дииллэрэ

Бөлөххө киир:

Ыт былыргы саха ыалын олоҕор-дьаһаҕар, чуолаан, булка уонна хоту көлө быһыытынан киэҥник туһаныллыбытын билэбит. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Научнай үлэлэригэр” саха омук олоххо үөрүйэҕин-үгэһин, билиитин-көрүүтүн түмэн көрдөрөрүгэр тылы, өс хоһоонун ырытыыга ыт туһунан элбэхтик суруйбута. edersaas.ru

А.Кулаковскай булчуттар, айанньыттар ыты сирэйинэн ааттыахтарын харыстаан, “бөх” дииллэрин бэлиэтиир. Ол аата, “бөх бэбээрэр” диэтэхтэринэ, “ыт үрэр” диэн өйдүөхтээххин. Ыт иккис умнуллубут аата – үнүгэс. Маны учуонай түөлбэ да, харыс да тылга киллэрбэтэҕиттэн сылыктаатахха, ыты “үнүгэс” диэн сир ахсын киэҥник ааттыы сылдьыбыт буолуохтарын сөп.

Саха киһитэ биккэ-билгэҕэ олус итэҕэйэрэ. Ыт дьиэ иһигэр холлор буоллаҕына, ити ыал байаары-тайаары гыммыт. Оттон дьиэлээхтэртэн ким эмит улаханнатаары, таҥаралаары гыммытын биттэннэҕинэ, ыт тохтообокко улуйар диэн өйдөбүллээхтэрэ. Ыт оту сиир буоллаҕына, сотору кэминэн халлаан тыалырар эбэтэр хаардыыр диэн билгэлииллэрэ.

А.Кулаковскай тыһыынча кэриҥэ өс хоһоонун уонна уос домоҕун хомуйбутуттан 50 түбэлтэҕэ ыт туһунан ахтыллар. “Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалбат”, “Ыт ыксаан-ыксаан, икки хараҕа суох оҕону төрөтөр”, “Ыт баһа көмүс кытахтан үҥкүрүйбүтүгэр дылы”, “Ыт үрбэт, киһи кэпсэппэт буолбут” диэн бэргэн этиилэр бүгүҥҥэ диэри туттуллаллар. Аныгы дьон умнубуппут, билбэппит элбэх буоллаҕа. Бэл, оччолорго, үйэ анараа өттүгэр Өксөкүлээх: “Эдэр көлүөнэ, ордук үөрэнэр ыччат, олус аҕыйах өс хоһоонун билэр”, — диэн курутуйан бэлиэтээбит эбит.

“Эр – сүрэҕинэн, ыт – тииһинэн”, “Суор күөстэммэт, ыт хаһааммат”, “Ыт тииһиттэн ыт өлбөт”, “Торҕон ыт кутуругунан оонньуур”, “Кырдьаҕас ыт үрбүтэ хаалбат”, “Кэччэгэй баай икки ыт эмиһэ икки син-биир” диэн, о.д.а. өс хоһоонноро билиҥҥи кэмҥэ суолтатыгар таба туттулуннахтарына, этэр тылы бэргэн-сытыы оҥоруохтарыгар, саха тылын байытыахтарыгар саарбахтаабаппын.

Киһи майгытын-сигилитин ыкка сыһыаран хоһуйан-ойуулаан этии олус элбэхтик көрсүллэр. Холобур, манныктар: “Ыт көрбүт эрэ чөҥөчөгөр ииктииригэр дылы”, “Барбатах ыт сыгынаҕы үрэригэр дылы”, “Ыт арҕаһыгар сыаламмытыгар дылы”, “Ыт аттаппыт киһитигэр бэрт буоларыгар дылы”, “Ыт муҥар тиийдэҕинэ ууһут буоларыгар дылы”, о.д.а.

А.Кулаковскай үлэтигэр “Ыт аһаабыт иһитигэр кулгуйар”, “Ыт харбат, саха сааппат” курдук ыты да, киһини да түһэрэн-намтатан этиилэр суохтар. Балар сиэр-майгы айгыраабытын кэннэ үөскээн тарҕаммыттара чахчы. Былыргы саха ыалыгар булчут ыт туохтааҕар даҕаны күндү буолара, быстарар күннэригэр үрүҥ тыыннарын өрүһүйэрэ. Ол даҕаны иһин норуот үһүйээнигэр махтал бэлиэтэ буолан хааллаҕа.

“Ыт уонна килиэп” диэн үһүйээҥҥэ ол ырылхайдык көстөр. Бурдугу таҥара айбыт. Маҥнай айылларыгар бурдук төрдүттэн төбөтүгэр тиийэ куолас анньара үһү. Биир аҥала дьахтар оҕотун эмэһэтин бурдук куолаһынан соппутун таҥара көрөн кыыһырбыт уонна бурдугун дьонтон төттөрү былдьаары ыгылыппыт. Онуоха ыт ытаан-соҥоон, сатаатар, кини өлүүтүн хаалларарыгар көрдөспүтүн таҥара ылынан, бурдук төбөтүн умнаһыгар эрэ куолас хаалларбыт. Онон, киһи аймах күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах сылдьарыгар, ыт өлүүтүнэн килиэптэнэн аһыырыгар махтаныах эрэ кэриҥнээх.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0