САХАЛАР АСТРОНОМИЯНЫ ТӨҺӨ БИЛЭЛЛЭРЭЙ?

Ааптар: 
11.02.2022
Бөлөххө киир:

Олунньу 12 күнүгэр Эһээ Дьыл оҕуһун – Тымныы Иччитин аҥар муоһа түһэр. Ону сахалар Дьыл оҕуһа — Телец (созвездие) сулустар бөлөхтөрүгэр аҥар муоһа — үөһэ өттүнээҕи сулустара күн уһаан, халлаан сырдаан көстүбэт буолалларын көрөн, «Дьылбыт оҕуһун аҥар муоһа түстэ, дьэ мантан инньэ халлааммыт сылыйбытынан барыа,» — диэн  этэллэрэ. 

Ону, саха итэҕэлин, үһүйээннэрин бэркэ билэр киһи Анатолий Павлов – Дабыл бигэргэтэр. Норуот билгэһитэ – Тускул итини кытта сөбүлэһэр.

Ол да буоллар   «Ол былыргы саха ити сулустар бөлөхтөрүн хантан билээхтиэҕэй, Күнү, Ыйы, Чолбону билэринэн муҥурданар ини. Халлааны эрдимэҥ ,” – диэччилэр билигин да бааллар. Дьэ ол иһин, төрүттэрбит халлааны, сулустары балачча билэллэрин көрдөрөөрү бу матырыйаалы бэлэмнээтим.

Былыргы саха киһитэ күнү-дьылы кэтээн көрөн күннээҕи олоҕор туһанарын сэргэ, өссө халлаан сулустарын хаамыыларын көрөн эмиэ билгэлэнэрэ. Таҥарианство итэҕэлинэн Таҥара былыр 9 халлааны айан баран, ол халлааннарын Аар Кудук Мас лабааларыгар уурталаабыт. Бүтэһик 9-с Халлаанын айан баран, Аар Кудук Мас төбөтүгэр кыһыл көмүс тоһоҕонон хараҕалаабыт. Онто билигин Орой сулус (Полярная звезда) диэн ааттанар. Оттон 9-с Халлаан Таҥара олорор Орой Халлаана эбэтэр Ырай (Рай) буолар (баҕар Ырай,  Рай диэн тыл Орой диэн саха тылыттан үөкээбит буолуон сөп, – диэн сабаҕалааһын баар). Орой сулус биһиги Орто дойдубутугар Суолдьут сулус буоларын бары билэбит.

Саха саамай туттар, туһанар халлаанын эттигэ, биллэн турар, Ый этэ. Ый (Луна) – ыйан кулу – укажи, диэн өйдөбүллээх. Кырдьык даҕаны, Ый киһиэхэ элбэҕи ыйан көмөлөһөрө. Туох ханнык иннинэ Саха Ый кэрдииһинньигин туһанара. Саха 13 ыйдаах, ол гынан баран ити 13 ый сыл аайы кэлбэт, 3-түү сыл буола-буола ордук хонуктаах сылга, кэлин ону Хаһыйаан ааттаах сыл диир буолбуттара, эбэн биэрэллэрэ.

Сулустартан  үгүс саха Чолбону, Үргэли, Тоҥус араҥаһын, Араҥас сулуһу, Орой сулуһу, Дьыл оҕуһун, ордук булчуттар Халлаан булчутун о.д.а. билэллэрэ. Оттон мындыр кырдьаҕастар добуочча элбэх сулуһу билэллэрэ.

Мантан аллараа Сулустар сахалыы ааттарын биэрэбит, онтон көрөн саха астрономияҕа билиитин туһунан сыана быһыаххытын сөп.

Матырыйаалы Өймөкөөн Сэмэнэ – Чысхаан уонна Ньурбаттан биир киһиттэн истибитин суруйан Өрөкүй Бигэ диэн дьоннор ыытлаабыттарын туһанным. Кинилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин!

Өскөтүн ким эмэ манна киирбэтэх сулус аатын билэр буоллаҕына, бука диэн суруйаргытыгар көрдөһөбүн.

ХАЛЛААН ТУҺУНАН БИЛИИЛЭРЭ

Тэҥири — небо

Кэндэҥэ — звездное небо

Дьүкээбил уоттара, Эбэ балыга — северное сияние

Бүппэт куйаар, Халлаан куйаара, Халлаан көхсө  – вселенная

Халлаан оройо – зенит

Одун халлаан — высшее небо

Мэҥэ халлаан — высокое вечное небо

Буруолаах сулус, Ойун хомуһуна – Комета

Сындыыс — метеор

Сындыыс тааһа – Метеорит

Аргыс (небесное тело, вращающееся вокруг планеты, спутник)

Куйаар Дуолан, Халлаан куйаара — космос

Чолбон — (планета).  Сахалар бадаҕа планеталары сулустартан оччо араарбаттар быһыылаах

СУЛУСТАР САХАЛЫЫ ААТТАРА

Сир — Земля

Ый — Луна

Дьэллэҥэ Чолбоно, Дьэллик чолбон,  Сандаҥа чолбон — Венера

Мэҥдэнэ, Мэндэҥэ – Меркурий

Орой сулус — Полярная звезда

Одун, Дьэндэли, Сэндэли — Сатурн

Хоро, Кураан Чолбоно, Хатааһын Чолбоно  — Марс

Чыҥыс, Чысхаан, Тымныы чолбоно,  Хатааһын Чолбоно — Юпитер

Куйбаҥ (Курбан) кутурук  –- созвездие Лебедь

Тоҥус араҥаһа — Малая Медведица

Атахтаах сулус, Араҕас сулус, Араҥас Сулус, Хамыйах сулус  — Большая Медведица

Эҥэр сулус — Орионов пояс

Орой сулус, Хотугу сулус — Полярная звезда

Халлаан уолун хайыһарын суола, Халлаан сиигэ  — Млечный путь

Үргэл — Плеяда

Мэндэҥэ — Меркурий

Дьыл оҕуһа – Телец

Үөдүйээн — Возничий

Хара кур — Кассиопея

Халлаан Булчута (Тайахтаах) — Орион

Улахан ыт — Большой Пес

Кыра ыт — Малый Пес

ААТТАРА ЧОПЧУЛАММАТАХ СУЛУСТАР

Бөрө тумса (созвездие из четырех звезд) .

Араас сулус (название звезд, расположенных ровным рядом)

Омук Үргэлэ (группа из трех звезд, это вроде Созвездие Ориона, точно не знаю? В.Серошевский)

Кэһэх сулус — (пояс и нож Ориона)

Эҥэр сулус — (Орионов пояс)

Тайахтаах сулус («звезды с лосем «…разные лица показывали разное: чаще всего указывали на Орион. В.Л. Серошевский.)

Ынах буута —  (одно из созвездий, состоящее из пяти звезд)

Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл,

биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы.
Хаартыскалар, уруһуйдар: Г.С.Угаров тиксэриитэ, tavan-en.ru, kipmu.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0