Казахстан, Узбекистан, Мексика, Колумбия, Чили, Перу, онтон билигин — Танзания!
Дьокуускайга “Синет” хампаанньа оҥорбут, тэниппит “inDriver” такси сыһыарыыта аан дойдуга тарҕанан эрэр. Былырыын Казахстаҥҥа бара сылдьан, “inDriver”-ынан хото туһаналларын, астыналларын илэ харахпынан көрөн, “биһиги дьоммут оҥорбуттара” диэн киэн тутта санаабытым.
Бүгүн аан дойду биир уһугар Танзанияҕа үлэлии сылдьар “inDriver” сулууспа операционнай дириэктэрэ Марина Аржакова үгүс үлэтин быыһыгар биһиги ыйытыыларбытыгар хоруйдаата.
Кини “inDriver” саҥа киирэр дойдуларыгар уопсай үлэни сүрүннүүр киһи буолар. “Синетка” 2011 сыллаахтан үлэлиир.
— Африкаҕа офис арыйаргытыгар дьону хайдах талбыккытый?
— Оннук чопчу ирдэбил суоҕа. Манна үлэлиир дьон бары Саха сириттэн төрүттээхтэр, үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла. Кинилэр бастаан Арассыыйа араас куораттарыгар саҥа саҕалааһыннарбытын сүрүннээбиттэрэ. Билигин аан дойду таһымыгар тахсан, эмиэ ол үлэни оҥороллор.
— Марина, бэйэҥ хантан төрүттээххиний?
— Мин Уус Алдан Бороҕонугар төрөөбүтүм. Оҕо сырыттахпына дьонум Дьокуускайга көспүттэрэ. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай салаатыгар пиарщик идэтин баһылаабытым. Күннээҕи үлэбэр үөрэхпин олус туһанабын.
— Саха сирин тыйыс тымныытын ахтаҕын дуо?
— Кыһыны соччо сөбүлээбэт буолан, улаханнык ахтыбаппын. Тоҥуом-хатыам кэриэтэ кыратык итииргиэм. Үһүс кыһыммын атын дойдуга атаарабын. Оттон атын куораттарга үлэлиир кэллиэгэлэрим кыһыны ахтабыт дииллэр. Манна даҕатан эттэххэ, Африкаҕа куруук куйаас диэн өйдөбүл арыый да сыыһа эбит. Холобур, биһиги үлэлиир Арушабытыгар билигин сайын эрээри, өҥүрүк куйаас буолбатах. Быһа холоон, күнүс +25, киэһэ өттүгэр +17 кыраадыс буолар.
— Танзания дьоно туох уратылаахтарый?
— Бу дойду дьонун туруору чиэһинэй, судургу майгыларын сөхтүм. Атын сири кытта тэҥнээтэххэ, Африка дьоно олус ыалдьытымсахтар. Туора харахтарынан көрөллөрө суоҕун кэриэтэ. Танзаниецтары олус сөбүлээтим.
— Суол быраабылатын танзаниецтар төһө тутуһалларый?
— Бэйэм массыына ыытар быраабым суох. Туораттан көрдөххө, суоппардар быраабыланы тутуспакка, үлүбээй айанныыр курдуктар. Холбур, матасыыкыллар массыыналар быыстарынан айанныыллар, утары суолга даҕаны тахсан кэлэллэр. Онтон сылтаан барыы-кэлии тэтимэ бытаан соҕус, биһиэхэ курдук көтүппэттэр. Холобур, куорат киин уулуссатынан чааска 20-30 км. түргэнинэн айанныыллар, массыына быыһыгар “тук-туктар” (уопсастыбаннай тырааныспар), дьон төттөрү-таары сылдьар. Бастаан куттанар этим, кэлин үөрэнэн хааллым. Египеккэ курдук, светофору соччо тутуспаттар эбит.
— Быйылгы Саҥа дьылы Африкаҕа көрсөҕүн дуо?
— Төрөппүттэрим Ростов уобалаһыгар олороллор. Саҥа дьылы дьиэ кэргэммин кытта көрсүөм.
— Инники былааныҥ?
— “inDriver” сулууспаны салгыы сайыннарыахпыт дии саныыбын. Иннибит диэки баран иһэбит.
Надежда Самсонова, edersaas.ru