Олоҕун кэрчиктэрэ:
1967 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр төрөөбүтэ
1989 сыллаахха СГУ Педагогическай институтун бүтэрбитэ
1991 сыллаахха диэри Булуҥ улууһун Таймылыыр бөһүөлэгэр учууталлаабыта
1996 сыллаахха «Наше время» хаһыакка редакторы солбуйааччынан үлэлээн саҕалаабыта
1998 сыллахтан Дьокуускай мэра Илья Михальчук пресс-сэкиритээрэ
2004 сыллахтан «Саха лайф» информационнай сайт редактора
Суруналыыс, чааһынай предприниматель, ийэ, дьиэ хаһаайката София Булчукей итии чэй сыпсырыйа-сыпсырыйа биһиги хаһыаппыт ыйытыыларыгар хоруйдаата.
— София Владимировна, үгүс киһи эн араспаанньаҕын псевдоним дии саныыр…
— Суох, Булчукей диэн бэйэлээх бэйэм араспаанньам. Кэпсээтэххэ маннык. Эһэм Илья Яковлев Сталинград анныгар сэриилэспит апыссыар этэ. Новосибирскайга байыаннай училищены бүтэрэн кэлэн, 23-тээх уол, эбэбин көрсөр. Эбэм дьоно күтүөтү сөбүлээбэккэлэр уорарыгар тиийэр уонна Дьокуускайга кэлэн залогка бүтэһик балаҕан баарыгар олорбуттар. Кинилэртэн ийэм төрүүр уонна үөрэнэ сылдьан мин төрүүр быабар Булчукей диэн тувиҥҥа кэргэн тахсар. Соҕотох оҕо буоламмын, араспаанньабын илдьэ сылдьабын. Бэйэм бастакы кэргэмминээн Нарыйаана диэн кыыс оҕолоохпут, АГИКИ устудьуона, 24 саастаах. Бэйэтэ баҕатыйан саха тылынан уус-уран айымньытын үөрэтэр. Кыра эрдэҕинэ, ыарахан да буоллар, сахалыы оҕо саадыгар, сахалыы кылааска үөрэттэрбиппит.
— Бэйэҥ учуутал идэлээх эбиккин, сурунаалыыстыкаҕа хайдах кэллиҥ?
— Бастакы кэргэмминээн СГУ-ну бүтэрэрбитигэр устудьуоннар өрө туруулара буолбута. Биһигини «омугумсуйууга» буруйдаан, дипломмутун хоту оройуоҥҥа үлэлиир буоллахпытына эрэ биэрэллэрэ. Таймылыыры талбыппыт. Сойуус ыһыллыбытыгар манна көһөн кэлэн, Ярославскай музейыгар үлэлээбитим. Үлэбин сөбүлүүбүн эрээри, атыны баҕарарым. Арааһа суруналыыстыканы боруобалыыһыбын диэн, 1996 сыл ахсынньытыгар «Наше время» хаһыакка тиийбитим. «Баһаалыста миигин ылыҥ, босхо суруйуом» — диэтим. Дьэ, бэлиитикэттэн бэрисидьиэни эрэ билэр киһи бэлиитикэни суруйар буоллум. Редакторым «Сатаныаҕа, кыайыаҥ» диэтэ. Үс ый оннук үлэлээбитим. Оччолорго кэргэним эмиэ үлэтэ суох сылдьыбыта. Ыарахан кэм этэ. Билигин санаатахха, тургутуу эбит. Ол кэннэ миэстэ тахсыбытыгар редакторы солбуйааччынан ылбыттара. Бэйэбин маннык булбутум. Дууһаҥ сытар дьыалатынан дьарыктанар буоллаххына, түүн даҕаны, күнүс даҕаны үлэлээтэргин, дуоһууйууну эрэ ылаҕын. Суруналыыстыка оннук.
— Хаһыат кэннэ куорат дьаһалтатыгар Илья Михальчука пресс-сэкиритээрдээтиҥ?
— Куорат мэрин быыбара буолла. Мин Илья Михальчук штабыгар үлэлэспитим. Быыбар түүн куолаһы ааҕыы буола турар. Куолас 60 бырыһыана ааҕылынна, ким кыайара билиннэ. Михальчук «миэхэ пресс-сэкиритээирнэн кэл», — диэтэ. Ыйтан ордук толкуйдаан баран сөбүлэстим. Онтон алта сыл үлэлээн баран, хал буоламмын «ыытыҥ» диэбитим. Туох да төрүөтэ суох. Ону ким да өйдөөбөх этэ.
Сарсыарда аайы 8-тан мунньахтыыр, мин эрдэ турарбын ыарырҕатар этим. Михальчугу утарар ыстатыйа элбэхтик тахсааччы. Сакааһынан даҕаны суруйаллара, сөптөөх да кириитикэ баара. Барытыгар эппиэттиигин. Суруналыыстарга булгуччу комментарий ылыҥ диэн үөрэтэҕин. Ол саҕана суруналыыстыка дьиикэй этэ, омооно эрэ көстөрө. Билигин даҕаны сорох сайтар оҥорон көрө-көрө, туох да олоҕо суох суруйаллара баар суол.
— Михальчуктуун билигин билсэҕин дуо? Уурайаргар мөккүөр суоҕа?
— Мөккүөр суоҕа эрээри, сүтэрсибиппит. Билсибэппит. Кини онтон көспүтэ. Бииргэ үлэлээбит дьоммун кытта билсэбин.
— Судаарыстыбаннай уонна чааһынай иһитиннэннэрэр эйгэлэр сыһыаннарын хайдах көрөҕүнүй?
— Судаарыстыбанай хаһыаттарга, сайтарга идэлээх, күүстээх суруналыыстар үлэлииллэр. Ол гынан баран бэйэни хааччахтааһын (самоцензура) баар дуу.. Өр хааччахтаммыт буолан, оннук үөрүйэх баарга дылы. Өскөтүн ааҕааччылары кытта «тыыннаах» санаа атастаһыыта, ханнык эрэ матырыйаалгар ааҕааччы хайҕааһына эбэтэр кириитикэтэ суох буоллаҕына, суруналыыс кэхтэр. Нууччалыы эттэххэ, «дыхание публики», ырытыһыы наада. Оттон чааһынайдарга төттөрүтүн биир уһукка охтуу баар. Наар куһаҕаны суруйаллар. Дьону тардаары. Мин сайпар куһаҕан уонна үчүгэй 50/50 буоларын ирдиибин. Сенсация эрэ буоллаҕына, туруорабыт. Аны, чааһынайдар була сатыы-сатыы наһаа кириитикэлииллэр. Чэ, холобур, биһиги, суруналыыстар, Егор Борисовы ылан «сиэн кэбиһиэхпитин» сөп. Ону кыайбат, табыллыбат, итэҕэс диэн. Оччоҕо тугуй, иккис Штыров кэлиэ дуо?
Биһиги аҕыйах ахсааннаах омук быһыытынан бэйэбит элитабытын өйүөхтээхпит. Бары өттүнэн. Элитата суох ситэтэ суохпут. Улахан омуктар былааһы уонна СМИ-ни арааран көрөллөр. Оттон биһиги норуот интэриэһин, Сахабыт сирин интэриэһин нөҥүө көрдөхпүтүнэ табыллар. Харыстабыллаах сыһыан баар буолуохтаах.
— Иккис бэрисидьиэн Вячеслав Штыровка сыһыаныҥ хайдаҕый?
— Утарыта турсуу суоҕа. Уопсайынан, инженер бэрисидьиэн буоларын сөбүлээбэтэҕим. «Мега-бырайыак» игин диэн, сирбитин дэлби алдьаттылар. Өссө 50 сыл тура түспүтэ буоллар. Билигин өрүттэрэ ыарахан. Саха дьоно наһаа талааннаах, өйдөөх, күүстээх майгылаах. Онон кэриэйдэр, дьоппуоннар курдук саҥа технология, культура, искусство суолунан барыа этибит.
— Эн сайткар Ил Дарханы кириитикэлээһин төһө баарый?
— Син баар. Ол эрээри сөптөөхтүк көрөн кириитикэлии сатыыбыт. Киһи сатаан көннөрөрүн. Була сатыы-сатыы буолбатах. Егор Борисов Ил Дархан буолуоҕуттан ыла талааннаах дьону өйүүр. Сэргиибин. Төрүт итэҕэли хааччахтаабата эмиэ үчүгэй. Олохтоох киһи буолбута биллэр. Тас көрүҥүнэн даҕаны, дьиҥ саха эр киһитэ. Наһаа үчүгэй көстүүмнэри кэтэр, парфюма, туттара-хаптара… Уонна өйдөөх киһи хаһан баҕарар интэриэһинэй, кыраһыабай буолар. Дьиэ кэргэнигэр да сыһыана ону бэлиэтиир. Кэргэнинээн куруук бииргэ онно-манна сахалыы симэнэн сылдьаллар.
— Бырабыыталыстыбаҕа эйиэхэ информация тиэрдэр дьоннооххун дуо?
— Сайтка сонун түргэн-түргэнник тахсыан наада. Быраабыталыстыбаҕа эрэ диэн буолбатах. Ханна баҕарар «источник» баар. Суруналыыска саамай сүрүнэ – «источник». Боростуой ыстатыйаны ханнык баҕарар устудьуон суруйуон сөп. Араас министиэристибэлэргэ, биэдэмстибэлэргэ, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга уо.д.а дьонноохпут. Техническэй үлэһиттэр кытта «источник» буолуохтарын сөп.
— Кэргэнниилэр сыһыаннарын билиҥҥи үйэ ситиһиилээх дьахтарын быһыытынан хайдах көрөҕүн?
— Биһиэхэ маннык сценарий олоҕуран хаалбыт. Эдэр сылдьан биирдэ таптаан баран, олохпут тухары ол эрэ киһини таптыахтаахпыт, эр киһи – булааччы-талааччы, дьахтар – хаһаайка. Оттон олох атыны көрдөрөр. Таптал соҕотох буолара наһаа үчүгэй, остуоруйаҕа холоонноох. Ол гынан баран мин биирдэ эрэ таптаабатаҕым. Бастакы сатамматаҕына, махтанан баран салгыы барыахха наада. Урукку кэргэмминээн билигин доҕордуу сыһыаннаахпыт.
— Хаһаайка быһыытынан тугу сөбүлээн астыыгыный?
— Кэргэмминээн ким иллэҥнээҕинэн уочараттаан астыыбыт. Николай Лугинов кэргэнэ Наталья Терехова биэрбит ырыссыабын сөбүлүүбүн. Сылгы этин эрийэн баран, ол аҥарынан мааннай куруппаны кытта булкуйабыт. Туустаан-тумалаан, кэтилиэт оҥорон баран, паарга буһарабыт. Сэргэлээххэ чааһынай дьиэлээхпит, тыа быыһыгар олоробут. Үчүгэй интэриниэт баара буоллар, Өлүөнэ очуостарын утары Хаҥалас Тиит-Арыытыгар олоруом этэ.
Сэмсэ тыл
Евгений Грибчатов, «Якутия» хаһыат редактора:
— София Булчукей Саха сиригэр дьахтар суруналыыстыкатын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ. Өр сылларга Дьокуускай мэра Илья Михальчук сүбэһитинэн үлэлээн баран, суруйар талааныгар бэлиитикэни билэрин эппитэ. Дойду, өрөспүүбүлүкэ олоҕун сүрүн эрээри, соччо өппөтөх оҥкулларыгар ураты көрүүлэммитэ. Кини санаатын элбэх киһи ылыммат. Ол гынан баран үгүс киһи истэр, учуоттуур.
Надежда САМСОНОВА.