“Сахаэнерго” энергетиктэрэ Дьааҥы оройуонун уот эбийиэктэрин кэтииллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Сахаэнерго” АУо Дьааҥытааҕы филиалын (“Якутскэнерго” ПАУо алын уопсастыбата, РусГидро бөлөҕөр киирэр) энергетиктэрэ  халаан кэмигэр уот эбийиэктэрин суукканы эргиччи кэтииллэр.

Билигин Дулҕалаах уонна Суордаах сэлиэнньэлэригэр дизельнэй уот ыстаансыйалара этэҥҥэ үлэлииллэр, уотунан хааччыйыыга хааччахтааһыннар суохтар. Дизельнэй ыстаансыйа уонна трансформатор подстанцията халаан уута ылар сириттэн үрдүк атахха тураллар. 0,4 уонна 10 кВ уот баҕаналарын ууга барыылара 50 см тэҥнэһэр, үлэһиттэр суукканы эргиччи уот оборудованиеларын туругун көрөллөр-истэллэр. Уу түһэрэ күүтүллэр, онон уот эбийиэктэригэр этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэллэр.

Дьааҥытааҕы уот ситимнэригэр массыыналаах, уунан устар тэриллээх уонна мотопуомпалаах көһө сылдьар саахалы туоратар биригээдэлэр тэрилиннилэр, кинилэр чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытар толору кыахтаахтар.

“Сахаэнерго” АУо пресс-сулууспата

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0