“Сахачай” 100 киилэ чэйи кырдьаҕастарга бэлэхтээтэ

27.03.2020
Бөлөххө киир:

Сахачай” хампаанньа бэйэтин бородууксуйатын 100 киилэ чэйи кырдьаҕастар, инбэлииттэр олорор 15 интэринээт-дьиэлэригэр биэрдэ.

edersaas.ru

— Өрөспүүбүлүкэҕэ үөскээбит балаһыанньа чэрчитинэн, биһиги чуолаан кырдьаҕас, кыаммат дьоммутугар көмөлөһүөхтээхпит. Бэйэбит дойдубутугар үүнэр кучу чэй кинилэргэ күүс-уох биэриэ, иммунитеттарын, доруобуйаларын бөҕөргөтүө, тумууттан харыстыа диэн эрэнэбит. Ону тэҥэ, биһиги маҕаһыыммытыттан атыыласпыт хас биирдии киһиэхэ маасканы бэлэхтиибит, — диэн “Сахачай” салайааччыта Ньургуйаана Заморщикова кэпсээтэ.

Үтүө санаа күүһэ улахан. Сүрэхтэри сылаанньытар, үтүө санааны көбүтэр, тарҕатар, санааны көтөҕөр кыахтаах. Онон, маннык ыарахан күннэргэ этиһэ, мөҕүттэ, сэлээннэһэ сылдьыбакка, кыах баарынан үтүө дьыаланы оҥорон, күүспүтүн түмтэхпитинэ эрэ, чөл туруктаах буолуохпут. 

Маны өйдөөн, бастакынан кыаҕырбыт, атахтарыгар турбут дьоммут — урбаанньыттар  илиилэрин утары ууммуттара хайҕаллаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0