Сахабыт сирин Экэниэмикэтин министиэристибэтэ 2018 с. бастакы аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын түмүктэрин таһаарда. Ол курдук, биһиэхэ инфляция 5,4% намтаан, 3,2% диэри түспүт. Валовай эрэгийиэннээҕи бородууксуйа 2017 с. кытта тэҥнээтэххэ, 3% үрдээн, 401 млрд солк. куоһарбыт.
edersaas.ru
Орто хамнас 9,6%, бүддьүөт эйгэтигэр 21,6% үрдээтэ, манна быраастар хамнастара 100 000 солк. тиийэ үрдээбитэ киирэ сылдьар буолуохтаах.
2018 с. бастакы аҥаарыгар 223 тыһ. кв.м. дьиэ тутулунна, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, 115% элбэх. Билигин куоракка хаһааҥҥытааҕар да элбэх дьиэ тутуллар, ипотекаҕа киирэн сөбүлээбиккин ылыаххын сөп.
Өрөспүүбүлүкэ валовай эрэгийиэннээҕи бородууксуйата (ВРП) билигин 914 млрд солк. тэҥнэһэн, кэлэр сылларга нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэринэн 1 мөлүйүөҥҥэ тиийиэхтээх. Улахан инвест-бырайыактар олоххо киирдэхтэринэ, урутаан сайдар сирдэр толору кыахтарын ылан тигинэччи үлэлээн бардахтарына, ВРП 1 трлн тиийиэ диэн сыаналыыллар.
ВРП эрэгийиэн төһө сайдыылааҕын, нэһилиэнньэ дохуотун, туох дьарыктааҕын, үлэ таһаарыытын көрдөрөр суолталаах сыыппара. Бу көрдөрүү Москва, Санкт-Петербург курдук халыҥ харчы эргийэр улахан мегаполистарга үрдүк, ол кэнниттэн бырамыысыланнас сайдыбыт эрэгийиэннэрэ тилэх баттаһан иһэллэр.
ВРП көрдөрүүтүнэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыылаах эрэгийиэннэр рейтиннэрин инники күөнүгэр ньиэп-гаас баайдаах сирдэр: Ямало-Ненецкэй, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктар, Сахалин, Магадан, Тюмень уобаластара киирэллэр. Росстат 2016 с. оҥорбут испииһэгин арыйдахха, 85 эрэгийиэнтэн Сахабыт сирэ 8 миэстэҕэ турар, урукку дьыллары тэҥнээн көрдөххө, сыл ахсын 10 иһигэр сылдьар.
Оттон Алтай, Тыва, Крым, Бурятия, Поволжье соҕурууҥҥу уобаластара о.д.а. сиртэн хостонор баайдара суох буолан, экэнэмиичэскэй сайдыыларынан хаалан иһэллэр. Олох сайдыытын таһыма ол диэки намыһах, дьон хамнаһа кыра, үчүгэй үлэ суох. Сайын уоппускаларыгар Крымҥа, хайалаах Алтайга, Бурятияҕа сылдьыбыт дьон былыргы сэбиэскэй олохпут хартыынатын көрөн кэллибит диэччилэр. Алтайга төһө даҕаны аатырбыт Белокуриха курортара дьону угуйарын иһин, олохтоох дьон Сахабыт сирин кытыы нэһилиэктэриттэн да мөлтөхтүк олороллор.
Ол да буоллар, биһиги бары Чечняҕа ымсыырабыт, үрүҥ мрамортан дыбарыас, көҕөрүмтүйэ чэлгийэр от-мас быыһыгар фонтан, сибэкки арааһа, хамнастара үрдүгэ дии саныыбыт даҕаны, ВРП рейтинигэр кинилэр, соһуйуох иһин, бүтэһик сылдьаллар.
Онон отчуоту көрдөххө, Сахабыт сиригэр хамнас үрдүүр, олох таһыма тупсар, дьиэ тутуллар, бырамыысыланнас сайдар, нэһилиэнньэ олоҕун уйгута атыттары кытта тэҥнээтэххэ, Арассыыйа үрдүнэн инники күөҥҥэ иһэр! Ол эрэн, киһи сонньуйуох ис дьиҥэ алмаастаах өрөспүүбүлүкэҕэ боростуой дьон орто хамнастан кыраны 40-45000 солк. ылаллар, онтуларынан өссө ипотека, кирэдьиит төлүүллэр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru