Саха АССР төрүттэмитэ 100 сылыгар уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах уус-уран дьүһүйүүнү В. В.Алексеев аатынан Тойон Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччилэрэ доргуччу аахтылар, болҕомтону тартылар.
—Бу долгуйа күүтүүлээх, үөрүүлээх улахан бэлиэ күнү уруйдуу-айхаллыы көрсөргө гимназиябыт дириэктэрэ Федор Федорович Татаринов сатабыллаах салалтатынан кэлэктиип турунан туран бэлэмнэннибит. Биһиги «Уолан» гимназиябытыгар 177 оҕо үөрэнэриттэн бүгүҥҥү дьүһүйүүгэ 160 үөрэнээччи кытынна. Уолаттар Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыатын ис сүрэхтэриттэн иэйэн, киэн туттан туран ыллаан, уус-уран дьүһүйүүнү күргүөмүнэн доргуччу ааҕан бүгүҥҥү, үйэлэргэ умнуллубат кэрэ-бэлиэ күнү, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүн уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр, — диэн гимназия саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Наталья Васильевна Бурцева үөрүүтүн үллэһиннэ. Оҕолор тэрээһиҥҥэ сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн туран кытыннылар.