Сахаайта Мойтохонова: «Дьолум төрүт үгэспэр, дьылҕабар»

25.11.2021
Бөлөххө киир:

Саха кыыһа Сахаайта… Ааттыын кэрэ, сырдык, дэлэгэй, эриэккэс киһи. Саха омук иитийэхтээн кэлбит төрүт үгэһин, култууратын өрө тутан, бар дьоҥҥо оһуохайы, үйэлээҕи ыһар, оту-маһы үҥкүүлэтэр, күнү көөчүктэтэн оонньотор мааны Далбар Хотун.

Сахаайта – Айталина Мойтохонова, билэрбит курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Үөрэҕириитин туйгуна, иннибитигэр уктар, кылыһахтаах куоластаах оһуохайдьыт, тамадаһыт, тумус туттар талааннаах киһибит.

Удьуор утума

Айталина Мойтохонова оһуохайдьыт буолар дьылҕалааҕа үөһэттэн ыйыллан турбут эбит. Кини хос-хос эбээтэ Огдооччуйа – Хатыҥчаана былыр бэркэ диэн аатырбыт хомоҕой тыллаах норуот ырыаһыта, оһуохайдьыта, удаҕан эмээхсин өссө оччолорго: «Миигин утумнуур айылҕаттан айдарыылаах оһуохайдьыттар үһүс уонна төрдүс көлүөнэлэргэ үөскүөхтэрэ, миигин салгыахтара…», — диэн анараа дойдуга аттанарыгар кэриэһин эппитэ үһү. Бу Огдооччуйа биир хатыҥы үс күннээх түүн олорон турбакка, тохтообокко хоһуйан,  ыһыах дьонун олус соһуппута билиҥҥэ диэри уос номоҕо буолан күөх Ньурба сиригэр кэпсээҥҥэ сылдьар.

Бу туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир:

— Биһиги Ньурбаттан төрүттээхпит. Огдооччуйа сиэнэ Татыйаананы, Моруусаны, Маарыйаны төрөтөр, бу Маарыйа соҕотох кыыстанар. Ол кыыс билигин төрүт култуураны оҕолорго уһуйар, биллэр тамадаһыт, алгысчыт, оһуохайдьыт Ньурба Антоновкатыгар олорор Валентина Егоровна Сухаринова буолар. Онтон мин эбэм Татыйаана сэттэ оҕоломмутуттан игирэ уолланар, олортон Владимир Спиридонович Николаев (ийэм бииргэ төрөөбүт быраата) эмиэ өбүгэ үгэһин өрө туппут үөрэхтээх алгысчыт, тойуксут, оһуохайдьыт Бүлүү куоратын олохтооҕо буолар. Онтон игирэ аҥаара уол Спиридон кыыһа, Кэнтик орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Спиридианна Николаеваттан  эмиэ сүрдээх тыыппалаах оһуохайдьыт тахсан эрэр. Харыс да хаалбакка, биһигини батыһан сайдан иһэриттэн үөрэбин. Онон саас буолла да бары өгдөҥнөһө түһэбит, арыллыбытынан барабыт. Ханна оһуохай буоларынан, төрдүөн көрсөн түһүлгэлэри ырыабытынан-тойукпутунан киэргэтэбит.

Оччоҕо эбэҥ Хатыҥчаана эппитэ туолбут эбит дии…

— Валентиналаах Владимир үһүс, онтон мин Спиридианналыын төрдүс көлүөнэбит. Онон эбээбит сөпкө өтө көрөн эппит дии саныыбын. Мин 14 саастаахпар, ыллыах-туойуох баҕам тэһэ кэйэ сырыттаҕына, таайым Владимир миигин кэлэн оһуохайга, ырыаҕа-тойукка үөрэппитэ. Итиэннэ эдьиийим Валентина эмиэ сайын аайы ыһыах түһүлгэлэринэн сыһан-соһон, такайан, умсугутан оһуохайдьыт буола сайыннаҕым-үүннэҕим. Эбэм эмиэ кырабыттан тылбын-өспүн чочуйан, бастакы олугу кини уурдаҕа диэн улахан махталлаахпын.

Сирдээҕи дьол

Дьахтар дьоло туохха сытарый?

— Дьол дьиэ кэргэҥҥэ сытар. Туох да кыһалҕата суох олоруу, оҕо барахсан этэҥҥэ сылдьан ситиһиилэнэрэ, дьиэ иһин лыҥкынас күлүүтүн толороро. Дьиэ иһигэр ил-эйэ, таптал олохсуйуута, тулалыыр эйгэ дьэрэкээн өҥүнэн кустуктана оонньуура, чугас дьонуҥ этэҥҥэ сылдьыылара, бар дьон махтала, ытыктабыла – бу барыта туохха да тэҥнэспэт дьол. Мин бэйэбин дьоллоох дьахтарбын дэнэбин, тоҕо диэтэххэ мигин өрүү өйдүүр-өйүүр, мин ис эйгэбин, иэйиибин чугастык ыланар тапталлаах кэргэним Анатолий Васильев аттыбар баарыттан, киниттэн үс уол оҕолоохпуттан.

Чахчы даҕаны таптыыр киһиҥ өйөбүлэ дьылҕа күндү бэлэҕэ буоллаҕа…

— Кэргэним эмиэ оһуохайдьыт. Ыал дьон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрдэхтэринэ эрэ дьол уйаланар диэн кэргэним өрүү этэр.  Мин санаарҕаатахпына, кини сүөм түһэр, кини ыарыйдаҕына, мин сэниэм суох курдук буолуон сөп. Олус тапсабыт, бу чараас эйгэбитин олус харыстыыбыт. Таптал киһиэхэ аан дойду кэрэтин арыйар, ол дойду күнэ – тапталлааҕыҥ буолар.

Онтон бэйэҥ оҕолоргор туох эмит талаан бэриллибит дуу?

— Мин биир саамай баҕа санаам диэн, оҕолорум култуура эйгэтиттэн туора, ойуччу идэлээх, дьарыктаах буолуохтарын баҕарар этим. Оннук иитэ сатаабытым да, баар ханна барыай, улаханым Харысхан ырыаһыт, орто уолум Арылхан оһуохайдьыт, олонхоһут.  Оҕолорум сахалыы тыыннаах уолан бэртэрэ. Онон саха буоларбытынан киэн туттар дьоммут.

Соторутааҕыта эбээ буолбуккун истибиппит, эҕэрдэлиибит. Үс мохсоҕоллоох ийэҕэ кыыс сиэн минньигэһэ сыттаҕа дии..

—  Туох да диэбит иһин, минньигэһинэн барыбытын абылыыр. Дьүһүннүүн биһиги курдук. Өссө дьоннор ыйыталлар ээ, сиэҥҥин эмиэ оһуохайдьыт оҥороҕун дуу диэн (күлэр). Билигин кырата бэрт буоллаҕа, ол эрээри кийиит кыыс эмиэ култуураҕа сыһыаннаах, онон бу эйгэттэн туора турбат оҕо буолара буолуо дии саныыбын.

 

Талаан – мааныылаах бэлэх

 Оһуохайдьыттар ураты айылгылаах, тыыннаах дьон буолаллар. Уус-уран баай тыллаах, мындыр өйдөөх дьон оһуохайдьыт буолаллар диэн этэллэр. Тохтоло суох, саамай уһаабыта төһө бириэмэ оһуохай тылын эппикиний?

— 2017 сыллаахха Ньурба түһүлгэтигэр «Оһуохай алгыһа» тиэмэҕэ балтараа чаас бэриллибитигэр икки чаас тохтообокко этэммин бастакы миэстэни ылбытым. Саас кэлэн иһэр сибикитэ билиннэ да, оһуохайдьыт тылын-өһүн чочуйан барар, ол курдук мин олоҥхону, хоһооннору, саха айымньыларын элбэҕи ааҕабын. Тыл саппааһын байытыыга, сайыннарыыга өрүү үлэлиэххэ наада. Өйгө үөрэтииттэн дьиҥнээх оһуохай тыла тахсыбат, тыл саппааһа байбат, тутайар аакка барар. Былааннаатахха, бэйэтэ аан арылларын курдук ис-иһиттэн кутуллан кэлэ турааччы. Ол эрээри, табыллыа суохха эмиэ сөп. Бу буоллаҕа – айылҕаттан айдарыы ис дьиҥэ, туруга.

Куруук ыллыы-туойа сылдьар киһи буоллаҕыҥ. Бэйэҕин, куоласкын хайдах харыстанаҕын?

— Маннык дьон өрүү ыйыталлар, эппиэтим биир – күөмэйбин тугунан да сайҕаммаппын, туох да «аптаах» ууну испэппин. Баар баарынан. Биллэн турар, саас ахсын эмтэнэбин, доруобуйабын бөҕөргүтүнэбин. Киһи доруобуйатын ыалдьыбатаҕын да иһин көрүнүөхтээх. Итиэннэ киһи бэйэтин ис туругун харыстыахтаах, арчыланыахтаах, ыраастаныахтаах.

Аан бастакы улахан ситиһиигин өйдүүр буолуохтааххын, кэпсээ дуу…

— Саамай улахан уонна саамай күндү ситиһиим 2003 сыллаахха Далыр нэһилиэгэр ыытыллыбыт аҕастыы-сурустуу А.И.Алексеева уонна З.Д.Егоров ааттарыгар ыытыллыбыт эрэгийиэннээҕи оһуохай күрэҕэр «Аан Дархан» үрдүк аатын сүкпүтүм буолар. Онно үөрбүт сирэйбин, өрө эккирээбит бэйэбин көрүө этигит. Чахчы даҕаны от-мас, сир халлаан миигинниинн тэҥҥэ үөрбүт курдуга… Бу бастакы улахан кыайыым-хотуум миэхэ кынат үүннэрбитэ.

Ситиһиитин ааҕан сиппэппит…

Сахаайтабыт ситиһиилэрин киһи ааҕан сиппэт. Араас таһымнаах оһуохай түһүлгэлэригэр сэттэ төгүл «Аан Дархан» үрдүк аатын ылбыта, 2005 сыллаахха ыытыллыбыт Туймаада ыһыаҕын «Гран-при» хаһаайына, учууталлар икки ардыларынааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус «Гран-при», 2008 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ фольклорнай кэлэктиип салайааччыта», ону таһынан элбэх үөрэтэр методическай босуобуйалар, бырагыраамалар ааптардара. Маны сэргэ, 2015 сылга Москуба куоракка ыытыллыбыт искусство оскуоларын бастыҥ учуутала, бүтүн Арасссыыйатааҕы күрэх кыайыылааҕа буолан, «Арассыыйа бастыҥ учуутала» анал аатын сүкпүтэ. Кини улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ оһуохайы, олоҥхону, чабырҕаҕы, норуот тылынан уус-уран айымньытын өрө тутар, тарҕатар дэгиттэр талааннаах киһибит.

Айталина Михайловна ыччаты, улахан дьону эмиэ уһуйар. Кини салайар 50 тахса оҕолоох «Кылыһах» норуодунай бөлөҕө аҕыйах сыл иһигэр сири-сибиири тэлэһийэ сүүрэн, аатырыан аатырда, элбэх ыһыах түһүлгэлэрин киэргэттэ. Бу бөлөх улууспутугар аан бастакынан норуодунай оҕо бөлөҕө буолбута – Сахаайта айар түбүктээх үлэтин улахан ситиһиитэ буолар.

Кэрэ кэпсээн кэһиилээх, ханнык баҕарар киһи уйулҕатын уһугуннарар хаһыаппыт ыалдьыта Айталина Мойтохонова этэринэн, оһуохай туһугар өйүнэн-санаатынан, сүрэхтиин-быардыын ыалдьар, ис эйгэтинэн чугас, эдэр-эрчимнээх, энтузиаст эр киһи салайааччы наада диир. Оччоҕо эрэ Ґөһээ Бүлүү оһуохайа билиҥҥи таһымыттан түспэккэ сайдар аартыктары тэлэччи арыйыаҕа диэн тус санаатын этиннэ.

Валентина ДОГОЮСОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0