Кутталлаах дьаҥ тарҕанарыттан сэрэнэн, дьон дьиэтигэр олорор кэмигэр ас-үөл маҕаһыыннара үлэлэрин тохтоппоттор.
– Биһиги олохтоох аһынан-үөлүнэн улуустары уонна киин куораты хааччыйар үлэбитин өссө күүһүртүбүт, – диир «Сахаагропродукт» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэпэрэтиип салайааччыта Константин Тимофеев. — Тоҕо диэтэххэ сибиэһэй, экологическай өттүнэн ыраас, иҥэмтиэлээх эттигинэн баай бэйэ аһа-үөлэ ыарыыны утары охсуһарга, иммунитеты күүһүрдэргэ көмөтө туохха да тэҥмэппэт.
Чахчыта даҕаны оннук эбит, куорат маҕаһыыннарыгар олохтоох ас тиһигин быспакка кэлэ турар, оттон кэпэрэтиип фирменнэй маҕаһыыннара, киоскалара үлэлэрин өссө тэтимирдибиттэр. Чугастааҕы улуустартан аҕалыллыбыт эт уонна үрүҥ ас арааһа, Дьокуускайдааҕы, Нерюнгритааҕы уонна Ньурбатааҕы көтөрү иитэр фабрикалар, сибиинньэ иитэр хаһаайыстыбалар бородууксуйалара атыыга быстыбат.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1