«Сахаагроплем» базатыгар убаҕас мэдиссиинискэй кислород оҥоһуллуоҕа

Бөлөххө киир:

«Саха сирин кислорода» тэрилтэ оҥорор убаҕас мэдиссиинискэй кислородун кээмэйин элбэттэ. Ол эбэтэр сууккаҕа оҥорор кээмэйин 1,2 туоннаттан 2 туоннаҕа диэри улаатыннарда.

Билигин Дьокуускай куоракка 46,9 туонна убаҕас мэдиссиинискэй кислород саппааһа баар.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, өрөспүүбүлүкэ былаастара убаҕас мэдиссиинискэй кислороду Дьокуускайга оҥорууну хааччыйыынан дьарыктаналлар.
2021 сыл атырдьах ыйыгар Нерюнгри оройуонугар «Саха сирин кислорода» тэрилтэ үлэтин саҕалаабыта, онон мэдиссиинискэй тэрилтэлэр наадыйыылара аан бастаан толуйуллубута. Онуоха эрэгийиэн былаастара көҥүлү биэрэргэ, федеральнай уорганнартан тустаах көҥүллэри ыларга, балыыһалары кытары дуогабар түһэрсэргэ улахан көмөнү оҥорбуттара.
Ону таһынан киин куоракка «Сахаагроплем» тэрилтэ базатыгар убаҕас мэдиссиинискэй тэрили оҥорорго бэлэмнэнии үлэтэ салҕанар. Бу тэрилтэ ковиды  эмтииргэ мэдиссиинискэй кислороду оҥорорго бэлэмнэнэр. Онон, кислороду оҥорорго сыл саҕалыытыгар көҥүлү ылбыт «Сахагроплем» Саха сиригэр кислороду иккис оҥорооччунан буолуоҕа. Исписэлиистэр хайыы-үйэ тустаах үөрэҕи баһылаатылар.
Сотору убаҕас мэдиссиинискэй кислороду оҥорорго быраабы ылар процедуралар бүттүлэр эрэ, «Сахаагроплем» убаҕас кислороду наадыйааччыларга тириэрдэн барыаҕа.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0