Онус төгүлүн ыытыллар “Бэчээт тиэргэнэ” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр “Великолепие ювелирных украшений Якутии” диэн альбом-кинигэни сүрэхтээтилэр.
Санатар буоллахха, бу ураты кинигэни “бичиктэр” бу саас Москваҕа, Кыһыл болуоссакка Бүтүн Арассыыйатааҕы кинигэ дьаарбаҥкатыгар аан бастаан сүрэхтээн тураллар. Бу кинигэ икки тылынан – нууччалыы уонна английскайдыы тахсыбыт, кэрэ көстүүлээх элбэх хаартыскалардаах. Онон нууччалар да, омуктар да көрүүлэригэр саха ювелирнэй искусствотын билиһиннэрэргэ бэртээхэй кинигэ.
“Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров саха төрүт үгэстэрин, култууратын, искусствотын көрдөрөр, кэпсиир альбом-кинигэлэри утумнаахтык бэчээттээн үйэтитэллэрин бэлиэтээтэ. Ол курдук, саха ынаҕын, сылгытын, быһаҕын, ойуутун-мандарын, о.д.а. туһунан балачча кинигэ таҕыста.
—Маннык тыйыс дойдуга тыыннаах эрэ буолар туһугар охсуспакка, өбүгэлэрбит кэрэни кэрэхсээн, үтүөнү үйэтитэн, ыра санааларын ымыы оҥостон, үрүҥ көмүскэ дьүһүйэн, үҥэр таҥараларын – дьахтары уонна сылгыны симээн, ураннык да хоһуйбуттар. Ол иһин да сахалар омук быһыытынан үүнэн-сайдан, чэчирээн, баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Саха мандар ойуута-оһуора көннөрү ойуу эрэ буолбатах, дириҥ ис хоһоонноох, харысхал суолталаах.
“Суруллубут – суоруллубат” дииллэринии, ол түҥ былыргы үөрүйэҕи, искусство биир көрүҥүн бэчээккэ киллэрэн үйэтитиини сыал-сорук оҥостубуппут. Ону тэҥэ, саха ювелирнэй искусствотын, философиятын Арассыыйаҕа уонна аан дойдуга тарҕатар, көрдөрөр сыаллаахпыт, онно үлэлэһиэхпит, — диэн Август Васильевич кэпсээтэ.
Салгыы Ленин болуоссатыгар мустубут дьон Ярославскай аатынан мусуой дириэктэрэ Егор Шишигин өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын, кыраайы үөрэтээччилэрин ааттарыттан эҕэрдэлээтэ.
—Маннык альбом тахсыыта – бэлиэ түгэн. Өрөспүүбүлүкэ мусуойдарын коллекцияларыттан былыргы симэхтэр бу кинигэҕэ киирдилэр. Маны биһиги биһириэх эрэ кэриҥнээхпит – бу саха киэргэлэ, симэҕэ аан дойдуга тарҕанарыгар уонна биһиги мусуойдарбыт экспонаттара киэҥник биллэллэригэр төһүү күүс буолар. Ханнык баҕарар омук киһитигэр киһи кыбыстыбакка көрдөрөр, бэлэхтиир бэртээхэй кинигэ тахсыбыт, — диэн кини санаатын үллэһиннэ.
Тэрээһиҥҥэ “ЭПЛ-Даймонд”, “Оһуор утум”, “Я-золото”, “Саха-дизайн” ювелирнэй хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Кинилэр “Бичик” кинигэр кыһатыгар махталларын биллэрдилэр. Ону тэҥэ, бу хампаанньалар оҥоһуктарын модель кыргыттар, уолаттар кэтэн, хааман кынталдьыстылар. Аныгылыы истииллээх киэргэллэри сэргэ, былыргыны үтүгүннэрэн оҥоһуллубут кийиит симэҕин толору кэмпилиэгин мустубут дьоҥҥо көрдөрдүлэр.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Cаха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Афанасий Ноев түһэрдэ.