ЫҺЫАХ
Валентина Шологонова-Суруйаана
Ыһыах—күммүт үөрэр күнэ,
Ыһыах—Аар айыылардыын алтыһыы күнэ,
Ыһыах—салама ыйанар күнэ,
Ыһыах— алгыс көтөҕүллэр күнэ,
Ыһыах—арчыланыы, ыраастаныы күнэ,
Ыһыах—баай байанайы тардыы күнэ,
Ыһыах—куйаар күүһүн бэрсэр күнэ,
Ыһыах—өбүгэбит биһигини одуулаһар күнэ,
Ыһыах—саха Ытык күнэ.
Ыһыахтааҥ, ыһыахчыттар!
Ыһыахтааҥ кэтэһиилээх күммүт үүммүтүгэр
Ыһыахтааҥ күөххэ этэҥҥэ үктэммиччэ,
Ыһыахтааҥ уруйу- айхалы сатарыччы,
Ыһыахтааҥ эйэҕэс эҕэрдэни үөрбүччэ,
Ыһыахтааҥ күннээх мичээри күлүмнэччи,
Ыһыахтааҥ ырыаны-тойугу дуораччы,
Ыһыахтааҥ көрү-күлүүнү диэличчи,
Ыһыахтааҥ махталы, баһыыбаны доргуччу,
Ыһыахтааҥ арыылаах кымыһы дэлэччи!
Ыһыахтааҥ дьиэҕит иһигэр да буоллар!!!
Эмчит күнүнэн!
Быһыы-майгы
Бүтүн Аан дойду үрдүнэн,
Букатын да,
Буомбалаах сэрии тэҥэ буолбут
Быһымах күннэригэр,
Биитэр, хайа эрэ дьаабал
Буккуйан -тэккийэн айан таһаарбыт,
Баҕар, айылҕабыт
Бэйэтэ үөскэппит
Биллибэт ыар ыарыыта
Буулаабытын, кэлбитин
Бохсоору, дьалбарытаары
Байҕал курдук күүстээх,
Баһаам элбэх
Билиилээх-көрүүлээх
Быраастарбыт
Барахсаттар,
Буһа-хата охсуһар
Буулаҕа
Бухатыыр
Боотур Ньургунунуу,
Буурҕалаах кэмтэн
Букатын куттаммакка,
Була-була аккаас этиммэккэ,
Буулдьалыы ыстаммакка,
Биэрбит Гиппократ Андаҕарыгар
Бэриниилээх буолан,
Булгуруйбат биир санаанан,
Быыкаа чыычаахтарын,
Баар-суох күндү дьоннорун
Быраҕаттаан, хаалларан туран,
Быыһыы, эмтии, үтүөрдэ
Балыыһаҕа ыйы ыйдаан олохсуйбут
Бүгүҥҥү Эмчиттэрбитигэр-
Быраастарга, сиэстэрэлэргэ,
Бокуойа суох сууйар-сотор
Боростуой үлэһиттэргэ-
Бука-барыгытыгар
Бу үүммүт Эһиги күҥҥүтүнэн
Бастыҥ мааны Эҕэрдэбитин
Биэрэбит, тиэрдэбит!
Былырыыҥҥа диэри
Бал бааччы тыллаах-өстөөх
Баһааҕырдааччы
Баар эбит буоллаҕына,
Бүгүн кини эһиэхэ
Бокулуоннаан туран,
Булгуччу
“Бырастыы гыныҥ “диэн көрдөстүн!
Бириэмэҕитин
Бараабыт,
Бокуойдаабатах,
Бүөбэйдээбит ыарыһахтаргыт
Бэттэх кэлэн,
Бука бары үтүөрэннэр,
Балысхан үөрүүгэ куустарыҥ!
Бүтүннүү “кытарбыт”
Балааталар,
Балаһалар сырдаатыннар!
Биэтэкпит
Бэрт соторунан
Биллэрдин
Биири—кыайыыны!
Барык-сарык ааһа охсон,
“Болдьохпут”
Бигэтик
Бүттүн, түмүктэннин!
Бука бары
“Билиэнтэн
Босхолонон”
Бары күндүбүт — көҥүлбүт кэллин!
Быраастарбыт-эмчиттэрбит
Бу уодаһыннаах дьайы
Букатыннаахтык кыайаннар,
Быыра сүтэрдиннэр бу сиртэн!!!
Барҕа махтал , таптал,
Бары кэрэ-үтүө, истиҥ
Баҕа санаалар, ытыктабыл,
Бочуот,
Болҕомто
Быстыбаккалар мэлдьи
Барыгытын арыаллаатыннар!
Буулаабатын, сыстыбатын эһиэхэ
Букатын ханнык да ыарыы!
Байанайгыт мичик гынан,
Барҕа
Бааттаах,
Быйаҥнаах,
Бэрт мааны,
Бэртээхэй,
Баай-байылыат олохтонуҥ!
Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны,
Баараҕай ситиһиини, дьолу-соргуну,
Биир үйэ буолар уһун олоҕу!
Бэрт түргэнник этэҥҥэ дьиэҕитигэр
Бэйэҕит дьоҥҥутугар тиийэргитигэр
Баҕарабыт, тускулуубут!
Бэс ыйын 21 күнэ. 2020 сыл.
Сүрүн хаартыскаҕа: Николай Рязанскай хартыыната. Батсаап ситимиттэн