Саха ынаҕын элбэтиигэ сыллата үп эбиллэн иһэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн “Сахаагроплем” тэрилтэ баазатыгар “2021 сыл түмүгүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр племенной сүөһүнү иитии туруга” диэн тиэмэҕэ сэминээр-сүбэ мунньах ыытылла турар. Сүрүн дакылааты СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Сүөһү иитиитин, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ уонна хаһаайыннааһын дьоҕус көрүҥнэригэр департаменын салайааччыта Николай Питимко оҥордо. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 40 племенной хаһаайыстыба, 11 көрүҥ сервис тэрилтэтэ (билигин 4-дэ аналынан үлэлээбэт) уонна Саха сирин сиригэр-уотугар селекционнай-племенной үлэни тэрийэр 2 тэрилтэ бааллар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн племенной ынах, сылгы, таба, сибиинньэ ахсаана уопсайа 34286 төбө баар.

Селекциялыыр-племенной үлэни тэрийиигэ судаарыстыбаттан 453,3 мөл солк. үп көрүллүбүт, ол иһигэр федеральнай – 256,7 мөл солк. уонна өрөспүүбүлүкэттэн – 196,6 мөл солк. Былырыын 35 племенной хаһаайыстыба 1 ийэ төбөҕө 10414 солк. кээмэйдээх субсидия ылбыттар.

Сүөһү иитэр 9 хаһаайыстыбаҕа 4649 сүөһү иитилэн турар, итинтэн ынаҕа – 2121.

Николай Николаевич бэлиэтииринэн, биир племенной ынахтан үүтү ыаһын улаатан, 3290,8 киилэҕэ тэҥнэспит. Өрөспүүбүлүкэҕэ искусственнай сиэмэлээһининэн ынах 45,5 быр. хабыллыбыт.

Ньирэйдэри тыыннаахтыы иитии – 86,1 быр. тэҥнэһэр. Племенной ыччат сүөһүнү батарыыга үлэ ыытыллыбыт.

Ньирэйдэри тыыннаахтыы ылан иитиигэ уонна биир ынахтан ыаһын көрдөрүүтэ өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн улаханын Департамент салайааччыта тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саамай элбэх племенной сүөһү саха ынаҕын казеннай тэрилтэтигэр, “Өлүөхүмэ кыладабыайа” тэрилтэҕэ уонна “Кириэстээх” тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибигэр иитэн тураллар.

Ити курдук, тустаах салааны салайар департамент салайааччыта Николай Питимко бары племенной көрүҥнэри ырытан, ааспыт сыллары кытта түһүүнү-тахсыыны тэҥнээтэ. Киһи сэргиирэ диэн саха ынаҕын иитиигэ, тэнитиигэ сыллата үп эбиллэн иһэрэ ахтылынна.

Дакылаакка сүрүн болҕомто туохха туһаайылынна. Ол курдук, 2023-2027 сыллардааҕы селекция-племенной үлэ кэскиллээх былаана торумнаныахтааҕын ыйда. Сүрүн болҕомто исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, идэлэрин үрдэтиигэ ууруллуохтаах. Дойду киин институттарыгар селекцияҕа, генетикаҕа уо.д.а. үөрэниэхтээхтэрэ ыйылынна. Аны сайын Удмуртияҕа ыытыллар осеменатордар күрэхтэһиилэригэр кыттарга өрөспүүбүлүкэ иһигэр куонкурус ыытыллыахтаах. Атын эрэгийиэнтэн кэлбит сүөһүлэр удьуорунан бэриллэр уонна сыстыганнаах ыарыылара өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаларыгар тарҕамматтарыгар болҕомто ууруллан, инникитин улахан үлэ барыахтааҕа этилиннэ.

Салгыы сүбэ мунньахха селекционнай-племенной үлэни тэрийии туһунан “Сахаагроплем” тэрилтэ салайааччыта А.Д.Жирков кэпсиэҕэ. Сылгы, таба, сибиинньэ селекциятын туһунан Н.Н.Мордовской иһитиннэрии оҥоруоҕа. Ону сэргэ искусственнай буоһатыыны тэрийии, боруода аттар селекцияларын туһунан отделлар салайааччылара, исписэлиистэр билиһиннэриэхтэрэ.

Мунньахха салайааччылар, зоотехник-селекционердар, туһааннаах исписэлиистэр кытталлар. Санаа атастаһыыта тэриллиэҕэ.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыскалары ыытта: Г.Осипова

Видеоларга. 1. “Сахаагроплем” тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Юмшанов С.П.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0