Саха ыччатын эрэллээх аргыһа — «Эдэр саас» хаһыат

17.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: edersaas.ru

«Эдэр саас» хаһыат уратытык «чаҕылыҥнаан», 90-с сыллар түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэригэр оччотооҕу ыччат инники суолун тэлэригэр суолдьут сулус буолбута. «Эдэр саас» хаһыат тахсыбытын курдук тахса турар. Көлүөнэлэргэ анаан уларыйар-тэлэрийэр. Ол курдук, edersaas.ru хаһыат анал саайта үлэлиир. Быйыл сэтинньигэ 30 сааһын туолар. 1993 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат ыччакка аналлаах туспа сыһыарыыта күн сирин көрбүтэ.

Хаартысканы Иван Ушницкай тиксэрдэ.

Хаһыаты төрүттээбит биллиилээх суруналыыс, В.В.Никифоров — Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Иван Петрович Ушницкай кэпсиир:

— 1990-с сыллар эргин «гласность» диэн тыл үөдүйэн, туох баарын барытын хайдах баарынан көрдөрүөххэ диэн буолбута. Сэбиэскэй сойууска кистэлэҥҥэ сылдьыбыт тиэмэлэри аһаҕастык сырдатыы саҕаламмыта. Ол курдук, репрессия тиэмэтэ ордук дьону интэриэһиргэппитэ. Ити кэмҥэ дьон хаһыаты умсугуйан ааҕар буолан, ыччат хаһыатын тахсар ахсаана 52 тыһ. 700-кэ тиийбитэ.
Ити кэмнэргэ ыччакка аналлаах таһаарыы суоҕа. Доҕорум Афанасий Мигалкины, Василий Васильевы-Харысхалы кытта хайдах таһаарабыт диэн бииргэ дьокутаат буола сылдьан сүбэлэһэрбит. Онтон Виктор Ноговицын ыччат уонна спорт миниистирэ буоларын кытта идиэйэбин эттим. Биир күн эмискэ таһааран ыһар хайдах да кыаллыбатын эттим. Онон бастаан сурутуулаах хаһыаттарга сыһыарыы быһыытынан таһаарыахха диэн этии киллэрдим. «Саха сирэ» хаһыакка сыстыбыта. Сүрүн болҕомтобутун ыччат күннээҕи кыһалҕатыгар, тугунан тыынан, үлэлээн-хамсаан олороллорун күүскэ сырдатарбыт. Наар ыччат хаһыатыгар үлэлээбит киһи буоларым быһыытынан, төһө сатанарынан, ыччат ортотугар элбэхтик сылдьан, кинилэр олохторун — дьаһахтарын билэ сатыырым».

Эрэдээктэрдэр

1993 – 1996 сс. – Иван Ушницкай

1997 – 2000 сс. – Альберт Соров

2000 – 2002 сс. – Николай Никитин

2002 – 2007 сс. – Данил Макеев

2007 – 2014 сс. – Прокопий Бубякин

2014 – 2015 сс. – Ангелина Васильева

2016 сыллаахха edersaas.ru саайт аһыллыбыта.

2015 – 2019 сс. – Надежда Самсонова

2019 сылтан – хаһыат электроннай көрүҥҥэ көспүтэ. Күн бүгүн edersаas.ru саайтка күннэтэ матырыйааллар тахсаллар. Оттон билигин, 2023 сыл муус устар ыйыттан, ыйга биирдэ “Саха сирэ” хаһыат иһинэн сыһыарыы тахсар. Айтана Аммосова, Эльдар Садовников сүрүннээн үлэлэтэллэр.

Хаартысканы Данил Макеев тиксэрдэ.

Данил Макеев, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ:

—  “Эдэр саас” хаһыат эрэдээктэринэн биэс сыл үлэлээбитим. Ол иннинэ Иван Ушницкай, Альберт Соров, Николай Никитин эрэдээктэрдээбиттэрэ. Оччолорго эрэдээктэри солбуйааччынан Сардаана Баснаева, кэрэспэдьиэннэринэн Сайаана Львова, Екатерина Бястинова, Ангелина Васильева, Прокопий Бубякин, Александр Тарасов, Руслан Платонов, Геннадий Бечеряков үлэлии сылдьыбыттара. “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Васильевич Кириллин уонна “Эдэр саас” бастакы эрэдээктэрэ Иван Ушницкай бу сыһыарыыны бастаан тэрийэн таһааралларыгар, ыччат сахалыы ааҕарыгар, олоххо суолун буларыгар, талаанын, кыаҕын сайыннарарыгар төһүү буолуохтаах диэн соругу туруоруммуттара. Хаһыат ити соругун чахчы үчүгэдйик толорбута. “Эдэр саас” хаһыат эдэриттэн – эмэнигэр тиийэ сөбүлээн ааҕар хаһыат буолбута. Хаһыат хас биирдии рубриката дьону сэҥээрдэрэ. Ону таһынан, “Эдэр саас” хаһыат үлэһиттэрэ култуурунай, социальнай хайысхаларга, идэни талыыга бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар араас тэрээһиннэри ыыталлара, аармыйаҕа сылдьан эчэйиини ылбыт саллаакка көмө оҥорор аһымал акцияны ыыталлара, араас куонкурстары тэрийэллэрэ.

Оччолорго куйаар ситимэ сайда илик буолан, “Эдэр саас” хаһыат балачча улахан, киэҥ эйгэни хабара. Холобур, саха эстрадатын ырыаһыттара буор – босхо кэлэн ыллаан – туойан, бука бары “Эдэр саас” хаһыаккка тирэҕирэллэрэ. Хаһыат 15 сыллаах үбүлүөйүн тэрийэрбитигэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ биллэр ырыаһыттара босхо кэлэн ыллаан улахан кэнсиэр буолбута. Сорох – сорохтор өссө биир эрэ ылыаны ыллаатыгыт диэн хомойбуттара.

Мин үлэлиир кэммэр хаһыат тылыгар – өһүгэр улахан болҕомтону уурбуппут. Сылын аайы устудьуоннар кэлэн быраактыканы бараллара. Кинилэр ааҕааччылар суруктарын оҥорон, чочуйан, кэрэспэдьиэн такайыыларын ааһан сурук- бичик үлэтигэр бастакы үөрүйэхтэрин ылаллара.

“Эдэр саас” эрэдээктэринэн уонна “Саха сирэ” хаһыат сурук салаатыгар үөэнэ сылдьан бэйэм дьону кытта үлэҕэ элбэх үөрүйэхтэри мунньуммутум. Ити сыллар олоҕум биир үтүө кэмнэрэ буолбуттара.

Прокопий Бубякин, Амма улууһун Эмис нэһилиэгин баһылыга:

— Киһи быһыытынан сайдыбыт, үлэһит быһыытынан атахпар турбут хаһыатым, биллэн турар, “Эдэр саас” буолар. 2005 сыллаахха «Ил Түмэн” хаһыаттан көһөн кэлбитим. Ол саҕана «Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Наталья Ивановна Харлампьева, оттон “Эдэр саас” эрэдээктэрэ Даниил Макеев этилэр. «Эдэр саас” хаһыаты оҕо эрдэхпиттэн билэрим, ааҕарым. 1993-1996 сылларга «көмүс» кэмигэр мин уон иккилээх оҕобун. Бу сылларга хаһыат иитэр суолтата олус үрдүк этэ. Онтон кэлин урукку киэҥ биллиитин сүтэрбит быһыытыйбыт курдуга, ол суруналыыстартан тутулуга суох, хаһыаттар элбээбиттэрэ ахан, информационнай бэбиэскэ уларыйбыта, интэриниэт киирэн эрэрэ. 2007 с. “Эдэр сааска” эрэдээктэринэн анаабыттара. Күүстээх үлэ саҕаламмыта. Ол саҕана ыччакка болҕомто соччо көрүллүбэт курдуга. Ол эрээри, Ыччат бэлиитикэтин  миниистиринэн Георгий Куркутов өрө күүрүүлээхтик үлэлээбитэ. Оччолорго бэрисидьиэн Егор Борисов салалтаҕа, ыччакка кыах биэрбитэ. Онно сөп түбэһэн, ону таһынан хаһыаттарбыт салалтата өйөөннөр, ыччаты түмэн, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбиппит. Саха суруналыыстыкатын сулустара, эдэр ааттара тахсыбыттара: Ульяна Евсеева, Никита Аргылов, Виктория Бястинова, Ульяна Захарова, Дмитрий Никаноров, Муся Винокурова, Сахаайа Терехова, Ирина Бодруг, Надежда Самсонова уо.д.а. Мин ааҕарбынан, 40 – ча ыччат үлэлээн ааспыта. Эдэр суруналыыстар түмсэр, мустар сирдэринэн “Эдэр саас” хаһыат буолбута. Бэл, Владислав Левочкины кытта эдэр суруналыыстар кулууптарын тэрийэн үлэлэппиппит. “Саха ыччатын – бырамыысыланнаска” биир бастыҥ бырайыак эмиэ бу сылларга үөскээбитэ.

Хаартысканы Ангелина Васильева тиксэрдэ.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат суруналыыһа, суруйааччы:

— Көҥүл тыаллар үрэннэр, саҥалыы өй-санаа тарҕанан турар кэмэ этэ. Онуоха саҥа кэми кэрэһэлиир, сонун сүүрээннэри тарҕатар саҥа хаһыат баар буолуохтааҕа. Ону толорон, Иван Ушницкай »Эдэр саас» хаһыаты тэрийбитэ тута норуот хаһыата буолбута.

Интэриниэт, »батсаап», атын да иһитиннэрэр сириэстибэ суоҕар, »Эдэр сааска» тахсыбыт суруйуу тута дьоҥҥо киэҥник тарҕанара, эдэр ырыаһыт »сулус» буолан уһуктара. Тираж 52 тыһыынчаҕа тиийэрэ, өссө уларсыһа сылдьан ааҕаллара, онон 200 тыһыынча кэриҥэ киһи ааҕара буолуохтаах.

»Эдэр саас» хаһыат киллэрбит сонун сүүрээннэрэ, маассабай тэрээһиннэрэ оччотооҕу уопсастыбаны балачча хамсаппыттара, сэргэхсиппиттэрэ.

Иван Петрович устудьуоннары түмэ тардан, барытыгар батыһыннара сылдьан үөрэппитэ — билигин ол оҕолоро биллэр суруналыыстар, салайааччылар буоллулар. Кини дьиҥнээх настаабынньык эбит.

Прокопий Бубякин эрэдээктэрдиирин саҕана, 2007 сылтан ыччаты үлэҕэ сыһыарар »От-шоу», »Саха ыччатын — промышленноска» бырайыактар ыытыллар буолбуттара. »Сахалар бырамыысыланнаска сатаан үлэлээбэттэр» диир кэмнэригэр оҕолору Мииринэйгэ, Нерюнгригэ, Ленскэйгэ, Алдаҥҥа илдьэн, улахан бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ сырытыннаран, идэҕэ туһаайар үлэ күүскэ ыытыллыбыта. Ол оҕолортон үксүлэрэ тиэхиньиичэскэй, бырамыысыланнай идэлэри баһылаабыттара. Кэлин бу саҕалааһын судаарыстыбаннай таһымҥа тахсан, салҕаммыта.

«Эдэр саас» хаһыат 30 сыл устата ааспыт үйэ дьалхааннаах кэрчигин уонна биһиги кэммитин кырдьыктаахтык ойуулаан, дьоруойдарын сырдатан, үйэтитэн кэллэҕэ.

+1
9
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0