Информационнай технология үйэтигэр киберспорт көрүҥэ күүскэ сайдар. Кибер күрэхтэһиилэр Интернет ситиминэн дойду, эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар ыытыллаллар.
Киберспорт — диэн видео оонньууга соҕотох эбэтэр хамаанданан күрэхтэһии буолар. Атын дойдулартан Арассыыйаҕа аан бастакынан спорт көрүҥүн быһыытынан официальнайдык бигэргэтитиллибитэ.
Бэс ыйын 21-28 күннэригэр «Ростелеком» хампаанньа Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ Counter-Strike оонньууга ыыппыт чөмпүйэнээтигэр араас куораттартан 32 хамаанда кыттыбытыттан Саха сирин ыччаттара чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр. Хамаанда тириэньэрэ — Степан Антонов — никнейма borosto диэн, Киберспортивнай тэрилтэ 1-кы базатыгар турнир тэрийээччинэн уонна Сounter-strike:global offensive оонньууга «-72с» хамаанда тириэньэринэн үлэлиир. Кибер тириэньэртэн Степан Антоновтан хамаандатын, күрэхтэһиигэ кыайыыларын туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт:
— Хамаандабыт аатын «-72с» 2017 сыллаахха Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиигэ кыттарбытыгар, Контр Страйк оонньооччулара биһиги төрөөбүт дойдубутун, Сахабыт сирин биллиннэр, диэн сыаллаах толкуйдаабыппыт. Бастакы хамаандабыт састаабыгар borosto, spira, antt, keinj, f0rz диэн никнеймнаах кыттааччылар буолан оонньообуппут. Мин онньооччу быһыытынан кыттыбытым. Күрэхтэһии түмүгүнэн 5-с миэстэ буолбуппут. 2019 с. оонньоон тохтообуппут. Онтон быйыл 2021 с. хамаандабытын хомуйан, оонньууларбытын сөргүттүбүт. Урукку састааппытыттан оонньооччулар spira, anttzz уонна мин билигин тириэньэр быһыытынан сылдьабын. Састааппыт саҥа оонньооччулара abiraju, bogemtdarf, shysha — эдэр, үчүгэйдик оонньуур уолаттар. Ити курдук хомулламмыт дьарыкпытын саҕалаатыбыт.
«Контр Страйк» диэн хамаанданан оонньуу буолар, 5-тии киһиттэн турар икки хамаанда: саба түһээччилэргэ уонна көмүскэнээччилэргэ арахсар. Саба түһээччилэр буомба туруоруохтаахтар, көмүскэнээччилэр буомбаны туруортарыа суохтаахтар. Оонньуу 30 раундтан турар, ким 16 раунду хоппут, ол хамаанда күөн көрсүһүү кыайыылааҕынан тахсар. Биир оонньуу быһа холоон биир чаас буолар, оттон күрэхтэһии хас даҕаны күн буолуон сөп.
«Ростелеком» хампаанньа ыыппыт чөмпүйэнээтэ үчүгэйдик ааста, бу хамаандабыт бастакы кыайыыта буолар. Хамаандабыт хапытаана — bogemtdarf . Кинини кытары тактика, моральнай өттүнэн ыкса үлэлиибит, хамаандаҕа дьиссипилиинэни тутуһуу өттүнэн көмөлөһөбүн. Уһук Илин эрэгийиэнигэр бастыҥ күүстээх оонньооччулар Саха сиригэр бааллар дии саныыбын, ол иһин күрэхтэһиини холкутук кыайдыбыт. Инникитин кэккэ былааннардаахпыт, олору олоххо киллэрэргэ күүскэ үлэлиибит, — диэн эдэр тириэньэр үөрүүтүн үллэһиннэ. Саха сирин киберспортсменнарыгар инникитин улахан ситиһиилэри, кыайыылары-хотуулары баҕарабыт!
Надежда Ильина, edersaas.ru