Саха устудьуоннара Кытай бэстибээлигэр кытыннылар

Ааптар:  Надежда Посельская
22.11.2023
Бөлөххө киир:

Сахабыт сирин оҕолоро Арассыыйа куораттарыгар эрэ буолбакка, сир араас муннуктарыгар, дойдуларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэллэр, төрөөбүт дойдуларын ааттата сылдьаллар. Сэтинньи 19 күнүгэр Гуанчжоу куоракка баар Соҕуруу Кытайдааҕы технологическэй университекка норуоттар икки ардыларынааҕы култуура бэстибээлэ буолан ааста. Бу үөрэх кыһатыгар үөрэнэр 14 саха оҕото төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин билиһиннэрдэ, саха норуотун култууратын көрдөрдө уонна аһын-үөлүн амсатта.

Бу бэстибээл туһунан Чурапчыттан төрүттээх Соҕуруу Кытайдааҕы технологическэй университет “Гражданское строительство” диэн салаа 1 кууруһун устудьуона Алина Митина сиһилии кэпсээтэ:

– Биһиги үөрэхпит 2019 сылтан норуоттар икки ардыларынааҕы култуура бэстибээлин ыытан саҕалаабыта, ол эрээри бу бүтэһик 3 сыл, ол эбэтэр 2020, 2021, 2022 сылларга бэстибээл ковид ыарыыттан сылтаан буолбатаҕа. Оттон быйылгыттан саҕалаан атын дойду устудьуоннара дьэ Кытайга кэлэр кыахтанан, үөрэнэн, бэстибээли тэрийдилэр.

Үөрэх маҥнайгы күннэриттэн биһиги бу бырааһынньыгы олус кэтэспиппит уонна 1,5 ый иннинэ бэлэмнэнэн саҕалаабыппыт. Ол курдук, Гуанчжоу куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыттан араас сахалыы тэрили, малы-сабы уонна таҥаһы уларсыбыппыт. Гуанчжоуга элбэх саха олохсуйан олорор, бары түмсэн сайын аайы бэйэбит Ыһыах ыһааччыбыт. Онон, билсэр, өйүүр дьоммут үгүстэр, чугастар.

Бэстибээлгэ оҕолор бары мустан, сахалыы таҥаспытын, киэргэллэрбитин кэппиппит, алаадьы, сахалыы лэппиэскэ уонна кымыс астаан бэлэмнээбиппит. Ону тэҥэ, бэстибээлгэ турар сирбитигэр саламалаах истиэндэ оҥорбуппут. Атын дойду устудьуоннарыгар, кэлбит ыалдьыттарга Саха сирин, норуоппут үгэстэрин, таҥаһын-сабын, аһын-үөлүн, айылҕатын туһунан кытайдыы, английскадыы кэпсээбиппит. Бу маны таһынан, хас даҕаны кыыс сахалыы таҥастаах дефиле хаамтылар уонна үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Үҥкүүбүт норуоттар доҕордоһууларын көрдөрөр өйдөбүллээх этэ, ону дьон-сэргэ олус сөбүлээтэ.

Бэстибээл кэмигэр, бүппүтүн да кэннэ олус элбэх дьон биһиги норуоппут туһунан ыйыппыттара. Холобур: «Эһиги сахалар Арассыыйаттан сылдьаҕыт дуо? Нууччаларга маарыннаабаккыт, ордук биһиэхэ, кытайдарга, маарынныыгыт дии» диэбиттэрэ. Ону таһынан, атын омук оҕолоро саха остуолун оонньууларын, чопчу хабылыгы уонна хаамысканы, олус интэриэһиргээбиттэрэ, бэйэлэрэ оонньоон көрбүттэрэ. Үгүс киһи Саха сирин тымныы кыһынын туһунан сураспыта. Сорох оҕолор олох итэҕэйбэтэхтэрэ, хайдах киһи инник тымныыга олохсуйан олоруон сөбүн.

Бэстибээлгэ уопсайа 31 дойду, норуот бэйэтин билиһиннэрдэ. Хас биирдиилэрэ олус үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр. Бу маннык таһымнаах тэрээһин миигин олус сөхтөрдө: хас биирдии устудьуон, ыалдьыт баары барытын интэриэһиргээн, ис сүрэҕиттэн үчүгэйи баҕаран туран кэпсэтэн, эҕэрдэлэһэ сылдьыбыттара.

Маннык улахан тэрээһиҥҥэ биһиги саха оҕолоро үчүгэйдик бэлэмнэнэн кытынныбыт, төрөөбүт дойдубутун, Сахабыт сирин үрдүк таһымнаахтык араас омук дьонугар-сэргэтигэр билиһиннэрдибит диэн олус үөрдүбүт.

Саха устудьуоннарын ааттытан Кытайтан биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ тиэрдэбит!»

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0