Саха устудьуоннара Хайалаах Алтайтан кыайыы көтөллөөх эргилиннилэр

Бөлөххө киир:
Хаартыскалары суруйуу дьоруойдара тиксэрдилэр.

Ыам ыйын 16-19 күннэригэр Алтай Өрөспүүбүлүкэтин Хайалаах Алтай куоратыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы түүрдэр тылларын, литэрэтиирэлэрин уонна фольклордарын олимпиадата 17-с төгүлүн ыытылынна.

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун саха салаатын устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Икки күн билиилэрин тургутан, сэттэ хамаандаттан бастакы миэстэ буоллулар, кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Маны таһынан, түүрдэр тылларыгар күөн көрсүһүүгэ саха салаатын 4-с кууруһун устудьуона Олеся Слепцова бастаата. Оттон уопсай киирсиигэ саха салаатын 2-с кууруһун устудьуона Констанция Яковлева кыайыылааҕынан таҕыста.

Олимпиада туһунан 3-с куурус устудьуона Сибэкки Заровняева санаатын үллэһиннэ: «Алтай ытык сирэ сайыҥҥылыы сылаас, чээлэй күөх айылҕатынан айхаллаан көрсүбүтэ. Бу курдук кэрэ сиргэ түүр омуктар мустаммыт или-эйэни түстээтибит, бэйэ-бэйэбитин кытта билсиһэн, алтыһан астынныбыт. Олимпиада эйгэтэ үгүс түүр ыччатын түмэр күүһэ үйэлэргэ сүппэтин!»

Олимпиадаҕа кыттааччылары кытта атын устудьуоннар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ ыллаан-туойан, алгыстаан, хомустаан, үҥкүүлээн, Саха сирин олус сиэрдээхтик уонна сэргэхтик билиһиннэрбиттэр. Көрөөччүлэр: «Алгыс, тойук сүрэхпит ортотунан киирэн олуһун диэн уйадыйдыбыт, долгуйдубут, бэл, ытаатыбыт,» — диэн эппиттэр. Ол курдук, биһиги устудьуоннарбыт бары өттүнэн күүстэрин-уохтарын, өйдөрүн-санааларын, талыы талба талааннарын көрдөрөн үгүс дьону сөхтөрбүттэр.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0