Чурапчы Мугудайыттан төрүттээх Алексей Попов хайа үлэтигэр эрдэттэн бэлэмнэнэн, анал үөрэҕи бүтэрэн, билигин уопуттаах шахтер буола үүннэ.
edersaas.ru
Бүгүн Шахтер күнүнэн саха кэскиллээх ыччатын кытта шахта уустук үлэтин туһунан төлөпүөнүнэн сибээстэһэн кэпсэттибит.
Идэни таба талыы
— Эн шахтаҕа үлэлиир анал үөрэхтээх үлэһит эбиккин дии? Тыа сирин ыччата хайдах бэрт сэдэх идэни таллыҥ?
— Чурапчыга спортивнай интэринээт-оскуоланы 2003 c. бүтэрэн баран, СГУ-га физкульурнай институкка икки сыл үөрэммитим. Онтон 2006 сыллаахха дойдубар төннөн, Чурапчытааҕы кэллиэскэ үөрэнэн, 2009 c. ититии тиһигин исписэлииһэ буолан бүтэрбитим. Идэбинэн үлэ булбатаҕым, онон 2010 с. “Нижнеленскэй” тэрилтэҕэ үс ыйдаах проходчик үөрэҕэр киирбитим. Анал «корочкалаах» буолан, 2011 с. Удачнайга тиийэн, шахтаҕа проходчигынан үлэлээбитим, биэс сыл. Онтон ыал буолан, 2016 c. бүтэн кэлэн, Чурапчыга Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр учуокка турбутум. Үлэтэ суох олорор кэммэр кэтэхтэн ХИФУ-га хайа инженерин үөрэҕэр киирбитим. Онтон идэбинэн Өймөкөөҥҥө «Западнай» көмүс хостуур тэрилтэҕэ үлэ баара биллибитэ.
Сир анныгар үлэ
— Икки сыл буолбут эбит дии, Өймөкөөҥҥө үлэлээбитиҥ?
— 2018 сыллаахтан саҥа сир үлэтин боруобалаан көрөргө сананан, олох билбэт дойдубар кэлбитим. Уус Ньараҕа диэри таксинан кэлэн баран, докумуоммун толорон, «Бадараан» диэн учаастакка кэлбитим. Үс ый үлэлиибит, үс ый сынньанабыт. Баахтанан буолан, киһи үлэлиэн сөп. Сылы эргиччи — сайыннары-кыһыннары үлэлиибит.
— Шахта үлэтэ диэн хайдах буоларый?
— Килэмиэтиртэн тахса дириҥнээх сир анныгар ханаат троһунан анал олоппосторго олорон, киирэбит. Үлэлиир сирбитигэр диэри айаммыт – 10 мүнүүтэ.
— Билэр үлэҥ буолан, ыарырҕаппатыҥ да буолуо?
— Оннук. Тэҥнээн көрдөххө, куорат буолан буолуо, Удачнай үлэлиир усулуобуйата ордук. Ол гынан баран, бу «Западнай» көмүс хостуур тэрилтэ Өймөкөөн улууһугар биир сэниэлээхтэрэ буолан, куһаҕана суох усулуобуйалаах. Биллэн турар, шахта үлэтэ ыарахан. Сир анныгар киирэн үүттээн, тоҕо тэптэрэбит. Лебедканан урууданы хомуйан, үөһэ таһаарабыт. Ону Бадарааннаҕы фабрикаҕа сууйа илдьэллэр. Барыта миэстэтигэр чугас-чугас буолан, үлэ тэтимнээх.
— Быыллаах буолуо, доруобуйаҕытыгар охсубат ини?
— Анал харыстанар тэрил, таҥас, респиратор биэрэллэр. Онон куттала суох. Үлэ усулуобуйата тутуһуллар.
«Кылаастаах асчыттар…»
— Астара үчүгэй бөҕө буолуо? Куруорт аһа диэччилэр дии.
— Красноярскайтан анал, кылаастаах асчыттар бэдэрээккэ үлэлииллэр. Онон астара, кырдьык, олус минньигэс. 200 солкуобайга «комплекс» дэнэр тотоойу аһы аһаталлар (миин, торуой, салаат).
— Олох чэпчэки сыана эбит дии!
— Оттон үлэбит да онно эппиэттиир ыарахан буоллаҕа.
Саха — соҕотох
— Атын улуустартан сахалар бааллар дуо?
— Шахтаҕа соҕотохпун. Уонча суоппар уол баара да, баахта кэнниттэн төннүбэтэхтэрэ. Дьиҥэр, саха бырамыысыланнас үлэтигэр сыстаҕас. Холобура, Удачнайга саха ыччата элбэх этэ. Онон «Саха ыччатын – бырамыысыланнаска!» бырайыак үчүгэйдик үлэлиир диэххэ сөп. Манна мин иннибинэ биир саха уола бэрт өр үлэлээбит үһү. Бары ол эдэр киһини хайгыыллар, холобур тутталлар. Бары атын-атын омуктарбыт эрээри, биир норуот дьонун курдуктарбыт, эйэлээхпит.
— Үлэҕит чааһа хайдаҕый?
— Сарсыарда 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри үлэлиибит. Үлэбит миэстэтигэр эбиэттиибит. Остолобуойтан сарсыарда халбаһылаах килиэп, бэрэски, булочка ылабыт. Итии чэйи миэстэтигэр оргуттабыт. Ким торуой сиэн баҕарар эрдэттэн сакаастаан ылан барар. Үксүгэр үссэнээт, үлэлии ойобут.
Былаан
— Эдэр киһи былааныҥ?
— Саха сиригэр бырамыысыланнай оройуон үгүс. Онон биир сиргэ тохтоон хаалбакка, атын улуустар рудниктарыгар үлэлээн көрөн, тэҥниир былааннаахпын.
— Кэргэниҥ тугу үлэлиир? Хас оҕолооххутуй?
— Икки оҕолоохпун, улаханым алта саастаах, кырам – иккитэ. Кэргэним Оксана Васильевна Чурапчытааҕы киин балыыһаҕа кылаабынай буҕаалтыры солбуйааччы. Билигин кыра оҕобутугар олорор. Дьоммутугар Одьулууҥҥа бааллар. Бэйэбит куоракка икки хостоох дьиэлээхпит. Чааһынай дьиэ туттар былааннаахпыт.
— Бу тэрилтэҕэ туох социальнай өйөбүл баарый?
— Сэрэхтээх үлэ буолан, страховкалаахпыт. Уонна кэтэхтэн үрдүк үөрэхпин бүтэрэрбэр эбии төлөбүрдээх биир ыйы биэрбиттэрэ.
… Ити курдук, ыарахан үлэтин быыһыгар киэһэ сынньанар кэмигэр Чурапчы кэскиллээх ыччата Алексей Попов шахта үлэтин кылгастык сырдатан ааста. Бырамыысыланнас ыарахан үлэтин баһылаабыт саха уолугар үлэтигэр ситиһиини, тус олоҕор барыта табыллан иһэригэр баҕарабыт.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. edersaas.ru