Саха тылын учууталларын учууталлара

Ааптар: 
24.08.2022
Бөлөххө киир:

Ытыктыыр учууталбыт, филологическай наука кандидата, профессор, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бочуоттаах бэтэрээнэ, педагогическай үлэ уонна спорт бэтэрээнэ, үгүс көлүөнэ саха тылын уонна литературатын уһуйааччыларын учууталлара, биллиилээх методист, 100-тэн тахса научнай үлэ, үөрэх кинигэтин ааптара, РФ үрдүк анал үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара ВИНОКУРОВ ИВАН  ПЕТРОВИЧ бу дьыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр 81 сааhыгар уhун ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэннэ.

Иван Петрович университекка үлэлиирин тухары саха тыла үөрэх эйгэтигэр кэлимник, ситимнээхтик киирэрин иннигэр үгүс сыратын-сылбатын анаата. Кини наука өттүттэн көрөн оҥорбут үлэлэрин таһынан – учууталларга, үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга анаан оҥортообут хомуурунньуктара күн бүгүҥҥэ диэри Саха сирин бары оскуолаларыгар туттуллар, биир сүрүн тирэх ааптарбыт этэ. Ордук саха тылын этиитигэр эрчиллии хомуурунньуктара, тылы ырытыыга уонна грамматика уопсай боппуруостарыгар үлэтэ киэҥ биһирэбиллээх. 1990-с сылларга Саха сирэ барыта саха тылын предмет быһыытынан Иван Петрович оҥорсубут бырагырааматынан үлэлээбитэ-үөрэммитэ. Бу бырагыраама бэйэтин кэмигэр олус табыллыбыт, сөпкө аттарыллыбыт фундаментальнай тирэх этэ. Оттон үрдүкү кылаас оҕолоругар оҥоһуллубут үөрэх кинигэтинэн саха хас эмэ көлүөнэ оҕото үөрэнэн, билиҥҥи бырагыраамаларга, ирдэбиллэргэ ситим тардыстан, сүнньүнэн ол саҕанааҕы аттарыллыбыт темаларынан үлэлии олоробут.

Дьокуускай куоракка методист быһыытынан мэлдьи оскуолалары, биирдиилээн учууталлары кытта үлэлэһэр уонна идэни үрдэтинэр тэрээһиннэргэ кыттар, сүбэ-ама буолар этэ. Иван Петрович – бэйэтин көлүөнэтин тумус дьонуттан биирдэстэрэ, олоҕун норуотугар, норуотун тылыгар, үөрэҕириитигэр толору анаабыт киһи. Кини хас биирдии учууталга, үөрэтэр оҕолоругар истиҥник сыһыаннаһара. Куруук күлэ-үөрэ көрсөн, иҥэн-тоҥон кэпсэтэрин астынарбыт. Иван Петрович дириҥ билиилээҕинэн, киһи быһыытынан сытыары сымнаҕас майгылааҕынан, дьону-сэргэни бэйэтин тула түмэр дьоҕурдааҕынан биллэр. Кини суруйан, чинчийэн хаалларбыт сүдү үлэлэрэ, үөрэҕин кинигэлэрэ, босуобуйалара кэнчээри ыччаты иитэргэ-үөрэтэргэ күүс-көмө буола туруохтара.

Куорат оскуолаларын саха тылын, литературатын, культуратын учууталлара Иван Петрович кэргэнигэр, кыыһыгар, чугас дьонугар, аймахтарыгар дирин кутурҕаммытын тиэрдэбит. Учууталбыт туһунан сырдык өйдөбүлү өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр иҥэрэн сылдьыахпыт.

Дьокуускай куорат саха тылын, литературатын, төрүт култууратын учууталларын Методическай холбоһугун аатыттан М.Н.Борисова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0