Саха тылын учууталларын аан бастакы сийиэһигэр, саха омук кэскилин кэҥэтэ, өлбөт-сүппэт сүбэтин тобула, ыраахтан-чугастан Дьокуускайга делегаттар мустаннар, икки күн устата оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтии-иитии тирээн турар соруктарын, баар кыһалҕаларын, проблемаларын быһаарыстылар, санаа атастастылар.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Сийиэскэ. А.С.Сокольникова уҥата.Оҕону сахалыы тылынан иитиигэ-үөрэтиигэ, төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтиигэ сыһыан төрөппүт да, үөрэнээччи, үөрэтээччи да, салалта да өттүттэн араас кэмнэргэ атын-атын. Ордук аҕа көлүөнэ учууталлар саха тылын, литературатын, култууратын үөрэтиигэ өрөспүүбүлүкэбит араас быһаарыылаах кэрдиис кэмнэригэр үлэлээн-хамсаан кэллилэр.
Кинилэр бүгүн: “Өйдүүбүт өлө сыспыт, өрөгөйдөөбүт да кэмнэрбитин… Олортон бу сийиэс – биир быһаарыылаахтара. Омуна суох, “киһи эбэтэр кии” буолар түгэммит”, — дэһэллэр.
Акулина Сокольникова, Уус Алдан улууһун В.М.Прокопьев аатынан Тумул орто оскуолатын төрүт култуура, саха тылын, литературатын учуутала (Хаартыскаҕа уҥата):
—Аҕыйах сыллааҕыта биһиги, төрүт култуура учууталлара, Алтай өрөспүүбүлүкэтигэр түүр омуктар түмсүүлэригэр кыттан кэлбиппит. Онно курманджи, шор, тофалар, алтай, хакас омук учууталлара, хантан сылдьарбытын истэн баран: “Сахалар төрүт омук оскуолатын кэнсиэпсийэтин киллэрэн, үгүс омуктары быыһаатыгыт, дьоллоох дьоҥҥут”, — диэн махтал тылларын этэн тураллар.
Онон, биһиги бу бастакы сийиэспит аҥардас Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылларын эрэ кыһалҕатын, омук кэскилин быһаарар эрэ буолбатах, киэҥ Россия хоту-соҕуруу олорор омуктарын саргылаах сарсыҥҥыларын эмиэ быһаарар суолталаах диэн өйдүөх кэриҥнээхпит.
Бастакы кэнсиэпсийэ түмүктэрэ балысхан, ол да иһин бу тыл сийиэһин ыыта турдахпыт. Ол эрээри, кэнсиэпсийэ ааптарын, оччотооҕу үөрэх миниистирин Егор Петрович Жиркову дэлэгээттэр ортолоругар көрбөтөхпүттэн хомойо санаатым.
Сийиэс тоҕо тэрилиннэ?
Биллэн турар, саха төрүт оскуолаларын кэнсиэпсийэтигэр иккис тыын угаары, итэҕэстэрбитин туоратынаары, оһорунаары, сүтэрбиппитин булаары, дьон санаатын истээри.
Күн бүгүн биһиги, төрөөбүт тыл, литература, култуура учууталларын кыһалҕабыт үгүс. Олортон маннык санаалары этиниэхпин баҕарабын.
“Саха иитиллэр эйгэтэ —айылҕалыын алтыһыы!”
Бастакытынан, үөрэтии чаастарыгар 1990 сыллааҕы таһыммытыттан төттөрү түстүбүт. Кэнсиэпсийэнэн ылбыт 52 чааспытыттан 20-чэ чааһы мэлиттибит. Саха тыла, төрүт култуура чаастарын статустара түстэ. Бэл, оннооҕор кылаас сурунаалын тиһэх илииһигэр көһүүбүт, оттон төрүт култуура биридимиэтэ төрүт да атын сурунаалга туспа бэлиэтэнэр буолуута – бу барыта уопсай мөлтөөһүнү туоһулуур дии саныыбын.
Иккиһинэн, саха киһи быһыытынан сайдар, иитиллэр эйгэтэ—айылҕалыын алтыһыы. Өбүгэлэрбит тыйыс айылҕаҕа сатаан дьаһанан олорор үөрүйэхтэринэн, сүөһү-ас ииттэн, бултаан-алтаан үгүс үйэлэри туораан кэлбиттэрэ. Билигин буоллаҕына, от-мас үлэтигэр сыстыбат, сааны-саадаҕы туппат, бытарҕан тымныыны тулуйбат оҕону иитэн таһаара олоробут. Бэл диэтэр, айылҕаҕа тахсан уоту оттору, ас буһарынары, хонору көҥүллээбэт буоллубут. Ити курдук, омук быһыытынан уратыбыт, иитиллэр эйгэбит ыырын аччатар дьаһаллары таһаара турарбыт, сымнатан эттэххэ, сонньутар.
Үсүһүнэн, тыл – норуот баайа! Тылы чинчийээччилэр бэртээхэй тылдьыттары оҥороллоро кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри, тирааһа – тахсар ахсаана аҕыйах буолан, оскуолаҕа биирдии эрэ экземпляр кэлэр.
Төрдүһүнэн, оҕо аахпат буолуутун биир төрүөтүнэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин үөрэтэр бырагыраамаларын уларытыы дии саныбын. Урукку өттүгэр оскуолаҕа дорҕоону-бичиги билэр оҕолор кэлэллэрэ.
Билигин сахалыы тылынан дьэрэкээн ойуулаах кинигэлэр, мультиктар оҕо саадтарыгар тиийиилэрэ кэм ирдэбилэ буолла. Кыратыттан кинигэҕэ сыстыбыт оҕо кинигэҕэ тапталы хаһан даҕаны хаалларбат.
Маннык этиилэрдээхпин
—Саха тылын, литературатын, төрүт култууратын чаастарын элбэтэргэ.
Ол инниттэн, саха тылын, литературатын үөрэтиигэ 5 барыйааҥҥа бүттүүн көһүүнү булгуччулаах ирдэбил быһыытынан Үөрэх министиэристибэтин дьаһалыгар киллэрэргэ.
—“Төрүт култуура” биридимиэккэ философскай наука доктора Ксенофонт Дмитриевич Уткин-Нүһүлгэн “Киһитийии үөрэҕэ” үлэтинэн алын кылаастан 11 кылаааска диэри ситимнээх үөрэтии-иитии тиһигин киллэриини үөрэтиигэ ыларга.
—Саха баай тыла-өһө, итэҕэлэ, үгэһэ олоҥхобутугар сытарынан, олоҥхо олуктарыттан саҕалаан, олоҥхо ис номоҕун, философиятын үөрэтиини алын кылаастаан ыла киллэрэр бырагыраамма барылын оҥорорго, талан үөрэтэр биридимиэт быһыытынан киллэрэргэ.
—Сахалыы тылдьыттар хас биирдии үөрэнээччигэ тиийэллэрин инниттэн, бырабыыталыстыба эбии үбүлээһини оҥорон, бэчээттэтэригэр, электроннай барыйааннарынан хааччыйарыгар.
—Саха тылын туруга, эйгэтэ кэҥээһинигэр, хас биирдии киһи омук быһыытынан тыыннаах хаалыыбытыгар эппиэтинэстээҕин өйдөөн туран, уопсастыбаннас “Саха тылын туһунан” киэҥ ыҥырыылаах кэпсэтиитин тэрийиини сөптөөҕүнэн ааҕарга.
Кэпсэттэ Татьяна Маркова.