Саха тылын саҥа тылдьыта — интэриниэт эйгэтигэр

17.03.2021
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 5 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ ХИФУ информационнай технологияларын кафедратын дассыана Василий Мигалкин 28 сыл устата оҥорбут сүҥкэн үлэтэ — электроннай сахалыы-нууччалыы тылдьыта сүрэхтэннэ. Бу тылдьыт эрдэ ситимҥэ баар тылдьыттартан (холобур sakhatyla.ru) быдан баай тыл хомуурунньуга — 102 тыһыынча кэриҥэ сахалыы тыл хомуллубут, туһаныыта лаппа тупсарыллыбыт үлэ буолар.

Саҥа тылдьыты таҥыы сүрүн үлэтин ааптар Василий Мигалкин оҥорбут, оттон үлэлиир бырагы­рааматын таҥыыга тиэхиньии­чэскэй наука хандьыдаата, ра­­диофизика кафедратын дассыана Ньургун Леонтьев үлэлэспит.

БАЙЫАННАЙ КОСМОФИЗИКАНЫ УОННА САХА ТЫЛЫН ТУОХ ХОЛБУУРУЙ?

Василий Васильевич саха тылын сыыппараҕа киллэриигэ кыһалҕатын кытта хайдах үлэлээн барбытын туһунан маннык кэпсиир:

— Өр сыллар усталарыгар ба­­йыаннай сыалларга сыһыаннаах науканан дьарыктаммытым. Сүрүн үлэм — аракыаталар, спутниктар көтөр траекторияларын ааҕар чахчылар баазаларын хомуйуу, систиэмэлээһин этэ. Аныгы сэрии сүрүн күүһэ — аракыата олус элбэх суоттааһыны эрэйэр, ол кыһалҕаларын үөрэтии стратегическай суолталаах үлэ. Ону 1992 сыллаахха Космическай сэриилэр кылаабынай управлениелара диэн тэрилтэҕэ тиийэ сылдьыбытым. Онно көрсүбүт кырдьаҕас үлэһиттэрим миэхэ сүбэлээччи буолбуттара: “Улахан уларыйыылар кэллилэр, дойдубут салайааччыта Горбачев биһиги тэрилтэбитин имири эһэрэ кэллэ. Онон эрдэ-сылла атын ха­­йысханы булан көһөргүн оҥоһуннаххына, бэйэҕэр туһалаах буолуо”. Онон бастаан толкуйга түспүт төрүөтүм итиннэ этэ.

Космофизика боппуруостарын үөрэтиигэ бииргэ үлэлиир доҕорум Иван Гаврильевич Тихонов ийэтэ Евдокия Иннокентьевна Коркина Тыл институтун дириэктэрэ этэ. Кинилэр дьиэлэригэр ыалдьыттыы сылдьан, түүр тылын үөрэтиигэ сыһыаннаах кинигэлэри көрөн, “саха тыла майгынныыр да эбит” диэн дьиктиргээн, саха тылын дириҥник үөрэтиинэн үлүһүйбүтүм.

Дьэ, ити икки сабыдыал бииргэ холбоһон, саҥа идэм үөскээбитэ. Тыл диэн тугуй? Биир омук тыла олус элбэх тыллартан турар, аны тыл дьүөрэлэһиилэрэ, этиигэ туһаныллыылара үтүмэн элбэх комбинациялары, барыйааннары үөскэтэр. Ол аата, эмиэ “база данных” сыһыаннаах үлэни ирдиир. Итиннэ сытар — спутник траекториятын үөрэтии уонна тылдьыты таҥыыны холбооһун. Үтүмэн элбэх улары­йыылары бииргэ холбоон систиэмэлээһин — мин үлэм.

БЭЙЭМ СИРИИП ОҤОСТУБУТУМ

1998 сыллаахха маҥнайгы саха тылыгар сыһыаннаах көмпүүтэр бырагырааматын оҥорон таһаарбытым. Уустук үлэ этэ — оннооҕор уопсай тууттууга аналлаах сахалыы сириип даҕаны суоҕа. Онтон сылтаан бэйэм “һөҕүҥ” буукубалары саҥаттан айан, алпаабыт оҥосторго тиийбитим. “Виндоус” хас даҕаны уларыйыыта ааспытын эрэ кэннэ Unicode систиэмэтигэр саха си­­риибэ киирэн, дьон бары туһанар алпаабытыгар көспүтүм.

Ити “Виндоустан” көһүү судургу дьыала буолбатах, операционнай систиэмэ кодун тыла олус күүскэ үларыйар, чыҥха атын бырагы­раама буолан хаалар. Ону хайыахпыный, иһиттэн үөрэтэн, сырыы аайы саҥаттан коду уларытан испитим.

ТЫЛДЬЫТ ТАҤЫЫ — ИЛИИ ҮЛЭТЭ

Тылдьыты таҥыы олус уһун, аҥаардас илиинэн таҥыыны ир­­диир, киһи салҕар үлэтэ. Эдэр киһи тулуйбат, мин курдук биэнси­йэҕэ тахсыбыт оҕонньор эрэ кыа­йар үлэтэ. Бастаан уонунан кумааҕы тылдьыты кытта үлэ. Сүрүн тыллар, биллэн турар, хатыланаллар, ол эрэн, сорох тыл биир эрэ кинигэҕэ киирэн хаалбыт буолуон сөп. Ону булан, ылҕаан, бэйэҥ үлэҕэр эбэҕин. Үлүһүйэн үлэлээтэххэ, мэ­­йииҥ куруутун дьарыгы ыһыктыбакка, толкуйдуу сылдьар. Оннооҕор маҕаһыыҥҥа уочаракка туран, дьон кэпсээнигэр дэҥҥэ туттуллар тылы иилэ хабан истэҕин уонна “бээ эрэ, бу тыл мин үлэбэр киирэ илик этэ ээ!” диэн, дьиэҕэр тиэтэйэҕин, умна иликкинэ. Холобур, саха тылыгар туттууттан тахсаары гыммыт “тэппи” диэн тыл баар. “Тэппини көрбөт” диэн “кыраттан кыыһырар” диэн быһаарыахха сөп. Ол эрэн, “тэппи” диэн “кыра” буолбатах, “кыра эрээри улахан суолталаах” диэн, ордук сөптөөх тылбааһа “нюанс” диэн буолар. Ол курдук, куруутун тылы истэ, сомоҕо домохтору мунньа сылдьар буолан хаалбытым.

ИНФИНИТИВ САХА ТЫЛЫГАР СУОХ!

Саха тылын тылдьыттарыгар атын тыллар таҥыллар быраабыларын тутуһан “инфинитив” ол эбэтэр “неопределенная форма глагола” туһаныллар. Дьиҥэр, мин са­­наабар, ити төрүт сыыһа. Холобур “бар” диэн тылы “идти” диэн тылбааһынан биэрэллэр. “Идти” диэн тылы чопчу тылбаастаан көр эрэ? Саха тылыгар “неопределеннай форма” суох, “бар” диэн “иди” диэн тылбаастанар. Ити бириинчиктэһии буолбатах, тылы саҥа үөрэтэр киһиэхэ чопчу тылбаас биэрии сүдү суолталаах!

САХА ТЫЛЫГАР ХАС ТЫЛ БААРЫЙ?

Ханнык баҕарар тылга чопчу бачча тыл баар диэн этэр кыах суох. Бастатан туран, тылыҥ сайда, хаҥыы турар. Иккиһинэн, тыл тылтан үөскүүр, биир тыл хас даҕаны суолталаах буолар, икки тыл дьүөрэлэһиилэрэ атын өйдөбүлү үөскэтэр. Бу дьарыгы саҥа ылсыбыт кэммэр саха тылыгар бары сыһарыыларыттан үөскүүр комбинациялары үөрэтэн көрбүтүм — 45 мөлүйүөнтэн тахса. Ити ахтан аһарбыт “бар” диэн тылбыт 400-чэ кубулуйуулаах. “Барыахтааххын”, “барыыһыккын”, “барбахтаабыт”, салҕыы санаан кэбис, атын бары­йааннарын. Ити курдук, тыл аайы.

САХА ТЫЛЫН ХАРЫСТААҺЫҤҤА ТУОХ ОРДУК САБЫДЫАЛЛААҔЫЙ?

Лингвистика тылы харыс­тааһыҥҥа сабыдыала улахана биллэр. Уус-уран айымньылар эмиэ тыл баайа сүппэтигэр улахан өҥөлөөхтөр. Ол эрэн, тылы тыыннаах оҥорор, дьиҥнээх харыстанар сирэ — саха тылынан кэпсэтэр дьон. Холобур, төһөлөөх да үчүгэйдик үөрэтиллибит, буукубаҕа, сыыппараҕа киирбит тыл, кэпсэтэр киһитэ суох буоллаҕына, туох да суолтата суох буолар. Дойдубар Бороҕоҥҥо тахса сылдьан кыра саастаах оҕолор үгүстэрэ нууччалыы кэпсэтэллэриттэн соһуйбутум. Мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри нууччалыы саҥарбат киһи этим ээ. Аармыйаҕа тиийэн баран нууччалыы быһаарсар буолбутум, биир да саха суох сиригэр тиийэн дьону кытта кэпсэтэр кыһалҕаттан.

Онон лингвистика суолтата сүдү эрээри, оҕону сахалыы саҥардыы кыһалҕата өссө улахан. Мин тылдьытым ити дьыалаҕа көмө буолара эбитэ буоллар, туһалаах үлэнэн дьарыктанным диэм этэ.

САҤА САЙДЫЫ СУОЛА

Миигин кытта үлэлэспит уол Ньургун Леонтьев бу тылдьыты бэйэтин үлэтигэр туһаныах­таах. Кини үлэтэ биир тылы үөрэтииттэн киэҥ — этиилэри тылбаастыыр бырагырааманы таҥыынан дьарыктанар. Ону таһынан, саҥарыллыбыт тылы буукубаҕа кубулутуу, буукубаны саҥаҕа кубулутуу кыһалҕатын үөрэтэр. Дьэ ити баар бүгүҥҥү күн кэскиллээх хайысхата. Онно саха тылын баайа мунньуллубут тылдьыт көмө буолуо диэн эрэллээхпин. Өр сыллар устата тарбах көмөтүнэн көмпүүтэргэ тыллары биирдиилээн киллэрии үлэтин ким эрэ оҥоруохтаах этэ. Үлэм түмүгэ Саха сирин биир муҥутуур элбэх ааҕааччылаах саайтыгар Edersaas.ru туспа сирэй быһыытынан киирбитэ миигин олус үөрдэр.

ТҮМҮККЭ

Саҥа тылдьыт сүрэхтэниитин «Сахамедиа» холдинг салайааччыта Алексей Чертков уонна “Саха сирэ» хаһыат эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын иилээн-саҕа­лаан ыыппыттара. Алексей Сергеевич тылдьыты оҥорбут ааптар үлэтин бэлиэтээн: “Василий Васильевич оҥорбут үлэтэ киһини сөхтөрөр. Бу үлэни нууччалар улуу чинчи­йээччилэрин Владимир Даль үлэтин кытта тэҥниэххэ сөп”, — диэн эппитэ.

Василий Мигалкин оҥорбут үлэтин түмүгүн “Саха сирэ” хаһыакка бэлэхтиирин туһунан лиссиэнсийэ дуогабарын Алексей Чертков мустубут дьону кытта билиһиннэрдэ. Онон бу тылдьыты edersaas.ru ааҕааччылара туһаныахтарын сөп. Саайт сүрүн сирэ­йигэр, уҥа өттүгэр «Тылдьыт» диэн туспа баттанар «кунуопка» баар буолла. Ону баттаатахха, тылдьыт сирэйэ экраҥҥа тахсар.

Ааҕааччылары бу тылдьыты тургутан көрүҥ, көхтөөхтүк туһаныҥ диэн ыҥырыам этэ. Тус бэйэм хас да күн иһигэр тылдьыт үлэтин кытта билистим, билигин үлэбэр күн аайы туттар тэрилим буолла.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0