Бу күннэргэ Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан Генеральнай борокуратуура уонна Арассыыйа үөрэҕи кэтээн көрөр тэрилтэтин бэрэбиэркэтэ бара турар. Бэрэбиэркэни Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҕалаабыттар. Ол курдук, Майатааҕы лиссиэйгэ, Павловскай, Ороссолуода оскуолаларыгар сылдьыбыттар. Ити кэнниттэн тута социальнай ситимнэргэ, төрөөбүт тылынан үөрэтиини хааччахтыыр курдук ис хоһоонноох бэрэбиэркэ үһү диэн кэпсэтиилэр, араас санаалар тарҕаммыттара. Бу ыстатыйабар ити “силиһин” ырыта барбакка, чопчу боппуруостарга тохтуоҕум.
edersaas.ru
Туох сыаллаах бэрэбиэркэний?
Дьэ, итини дьэҥкэрдээри, СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт дириэктэрэ Светлана Семенова, Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын үөрэх хаачыстыбатын кэтиир уонна хонтуруоллуур салаатын салайааччыта Наталья Степанова “Саха” НКИХ араадьыйатыгар быһа сибээскэ тахсан, бэрэбиэркэ туһунан быһаарыы биэрдилэр, истээччилэр ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.
Бэрэбиэркэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа бары субъектарыгар барар. Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын уонна Арассыыйа норуоттарын тылларын туһунан сокуоннар хайдах үлэлииллэрин бэрэбиэркэлиир сыаллаах.
Сурунаалы толоруу
Мэҥэ Хаҥаласка барбыт бэрэбиэркэ кэнниттэн социальнай ситимнэргэ сурунаал, дневник букатын нууччалыы толоруллуохтаах үһү диэн сурах тарҕаммыта. Биир өттүнэн, тыа сирин дьонун өйүгэр ити хайдах даҕаны баппат быһыы курдук. Сурунаал, аттестат толоруутугар Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт дириэктэрэ Светлана Семенова бэрт сиһилии хоруйу биэрдэ. Кини быһаарбытынан, сурунаал уонна аттестат толоруутун туһунан боппуруостар, Үөрэҕи кэтээн көрөр тэрилтэ (Росборнадзор) бэрэбиэркэтин кэмигэр мэлдьи тахсаллар эбит. Тоҕо диэтэххэ, бэрэбиэркэ федеральнай эбэтэр өрөспүүбүлүкэҕэ тахсыбыт ССРС кэминээҕи сокуоннарга, нормативнай аакталарга тирэҕирэн ыытыллар үһү. Сурунааллары чопчу ССРС кэмигэр оҥоһуллубут быраабылаҕа тирэҕирэн бэрэбиэркэлииллэр эбит. Светлана Семенова быһаарыытын сиһилии бэчээттиибин:
— Дьэ, манна хайдах суруллубутуй? “Родной язык” диэн үөрэх биридимиэтэ баар. Итинник сурулла сылдьар уонна ханнык даҕаны, туох даҕаны быһаарыы суох. Оттон “иностранный язык” (омук тыла) ускуопка иһигэр “английский, французский, немецкий (указать какой язык)” диэн суруллубут. Бэрэбиэркэлиир дьон сокуон туочукатын, буукубатын барытын тутуһан туран бэрэбиэркэлиир буоллахтара. Онон ити докуомуоҥҥа олоҕурдахха, саха тыла (эбээн, эбэҥки, долган, юкагир, чукча да тыла буоллун), кинилэр көрдөхтөрүнэ, докумуоҥҥа барыта “родной язык” диэн буолуохтааҕын курдук буолан тахсар. Онон чопчу итини көннөрүөххэ наада диэн, тус бэйэм Үөрэх уонна наука министиэристибэтин икки салаатын кытта быйыл сайын кэпсэппитим, тута өйдөөбүттэрэ уонна эһиги этэргит сөп, бу докумуоннары көннөрөр туһугар, биһиги маҥнай Арассыыйа үөрэҕи кэтээн көрөр тэрилтэтин (Рособрнадзору) кытта үлэлиэхпитин наада диэн эппиттэрэ. Ити боппуруостарга биһиэхэ хаһан даҕаны этии да, сурук даҕаны киирбэтэҕэ, бу саҥа иһиттибит диэн суруйбуттара.
Төрөппүт көҥүлэ ирдэнэр дуо?
Итинтэн сиэттэрэн, ханнык сокуоҥҥа, ыстатыйаҕа тирэҕирэн бэрэбиэркэлииллэрий диэн ыйытыы күөрэйэр. Үөрэх үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, “Арассыыйаҕа үөрэх туһунан” сокуон Үөрэх тыла диэн 14-с ыстатыйатыгар олоҕуран бэрэбиэркэ бара турар эбит.
“Бу ыстатыйа бастакы пуунугар “В Российской Федерации гарантируется обучение на государственном языке Российской Федерации, а также выбор языка обучения” диэн сурулла сылдьар. Ол аата, сокуон хараҕынан көрдөххө, нууччалыы үөрэнии мэктиэлэнэр, онно туох даҕаны боппуруос үөскээбэт. Оттон атын тылынан үөрэниэххин баҕарар буоллаххына, ол тылы талбытыҥ туһунан туох эмэ докумуон баар буолуохтаах курдук тахсан кэлэр. Билигин Дьокуускай куоракка сахалыы үөрэтиини туруорсуу күүскэ барар буолан, куоракка ити докумуон сааһыланан турар. Оҕо оскуолаҕа бастакы кылааска киирэригэр, оҕо саадыгар уочаракка турарыгар сайабылыанньаҕа хайаан даҕаны үөрэтии тылын талаллар. Ити кэлин сокуонунан харысхаллаах буолар.
Оттон биһиги улуустарбытыгар, 100-тэн тахса сыл устата атын укулааттаах, олохсуйбут өйдөөх-санаалаах, үгэстээх олорор дьоҥҥо кэлэн, итинник ыйытыыны биэрбиттэрэ билиҥҥи биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар хайдах даҕаны кыайан киирбэт. Иккис өттүнэн ылан көрдөххө, наукаҕа да, сокуоҥҥа даҕаны төрөөбүт тыл диэн өйдөбүл чопчулана илик. Холобур, саха оҕото нууччалыы саҥарбыт буоллаҕына, кини төрөөбүт тыла нуучча тыла буолан хаалар”, — диэн салгыы илдьиритэн биэрдэ.
Нууччалыы эбэтэр сахалыы?
Итинтэн сиэттэрэн, оччотугар үөрэх докумуонун барытын сахалыы толоруохтаахтар дуо диэн иккис ыйытыы үөскүүр. Итиннэ салгыы Светлана Степановна маннык хоруйу биэрдэ: “Биһиги, Сэбиэскэй кэмҥэ докумуон баарын үрдүнэн, холобур, саха тылын, литэрэтиирэтин уонна төрөөбүт култуурабытын үөрэтэрбитигэр мэлдьи сахалыы толорон кэлбиппит. Ол аата ити докумуону таһааран баран, ханнык баҕарар тылынан суруйдуннар диэн, көннөрү тылынан дуогабардаһыы быһыытынан олохсуйан хаалбыт”.
Онон үөрэтии тыла сааһыланыахтаах уонна саха тыла судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, оскуолаҕа, оҕо саадыгар хайдах туттуллара суруллуохтаах, бигэргэниэхтээх итиэннэ федеральнай докумуоннар бары уларыйыахтарын наада диэн этэллэр.
Саха тыла Саха сиригэр судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, сурунаалы сахалыы тылынан толоруохтарын сөбүн, улахан кэһиинэн аахпаттарын биллэрдилэр. Ол гынан баран, эмиэ даҕаны ирдэбил туолуохтааҕын ыйаллар. Холобура, былырыын саха тылын уонна литэрэтиирэтин бырагырааматын оҥорбуттар итиэннэ олохтоох министиэристибэнэн бигэргэппиттэр. Бырагыраама федеральнай испииһэккэ киириэхтээх. Ол инниттэн хайдах оҥорбуттарын, уопсай бириинсиптэрин нууччалыы тылбаастаан ыыппыттар. Сурунаалы толоруу эмиэ ити курдук диэн быһааран биэрдилэр.
Түмүк
Ити үөһэ этиллибит санааны барытын учуоттаан туран, туох түмүккэ кэлиэххэ сөбүй? Бастатан туран, төрөппүт оҕотун уһуйааҥҥа уочаракка суруйтарарыгар, оскуолаҕа маҥнайгы кылааска киирэригэр сайабылыанньа биэрэригэр ханнык тылынан үөрэттэрэрин туһунан ыйар диэн быһаардылар. Ити кэлин көмүскэллээх буолары мэктиэлиир. Ол эрээри, бэрэбиэркэ маҥнайгы күүстээх “дьалхаана” иһиллээтин кытта, Дьокуускай куорат сорох оскуолалара төрөппүттэргэ сайабылыанньа суруйтарбыттар. Итини үгүс төрөппүт “бэрт эбээт” диэбэтин биллэрдэ. Уонна “астрономия дуу, биология дуу биридимиэтин үөрэтэллэригэр тоҕо эрэ төрөппүттэртэн көҥүл көрдөөбөттөр эбээт”, диэн холобурдаан чиҥэтэн биэрдилэр. Ити аата, үгүс сахалыы тыллаах дьон биһирээбэтэҕин биллэрдэ.
Иккиһинэн, тастан кэлбит бэрэбиэркэ буоларын, бэйэлэрэ туспа көрүүлээхтэрин, үөрэтэр истииллээхтэрин ыйаллар. Итиэннэ быһа сибээскэ “бэрэбиэркэлээччилэр ханна кэлбиттэрин өйдөөтөхтөрө”, “син тардыннахтара” диэн ис хоһоонноох этиилэр Саха сиригэр барбыт бэрэбиэркэ маҥнайгы хамсаныылара чахчы кытаанахтарын, ирдэбиллээхтэрин туоһулуур. Биллэн турар, кыратык күүркэтии, олохтоох менталитет “оонньооһуна” эмиэ баар буолуон сөп. Ол эрээри, оскуолалар үөрэххэ бырагыраамаларын, бибилэтиэкэлэри, үөрэх кинигэлэрин көрүүлэрэ бэрэбиэркэ дириҥин, ымпыктааҕын көрдөрөр.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн туһанылынна.
СӨ оскуолаларыгар үөрэтии тылын туһунан
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин быһаарыыта:
-Балаҕан ыйыгар уонна алтынньыга дойду үрдүнэн Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын туhунан уонна Арассыыйа норуоттарын тылларын туhунан сокуоннар хайдах үлэлииллэрин көрөр сыаллаах бэрэбиэркэ бара турар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр нуучча тылын үөрэтиигэ, ону таһынан оҕону төрөөбүт тылынан уонна икки тылынан үөрэтии-иитии хайысхатыгар олохсуйбут научнай-методическай төрүттээхпит. Бу үлэ билигин даҕаны ситимин быспакка бара турар. Ол курдук, Арассыыйа Федерациятыгар нуучча тылын үөрэтии кэнсиэпсийэтин барылын дьүүллэһиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн киирбит этиилэри ылынан, учуоттаан, кэнсиэпсийэни көннөрөн баран бигэргэппиттэрэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 126 араас омук эйэ-дэмнээхтик бииргэ түмсэн олорор, икки судаарыстыбаннай тыллаахпыт, нуучча уонна саха тыллара. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыл туһунан сокуон 6-с ыстатыйата аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тыллара өрөспүүбүлүкэҕэ официальнай тыл буолалларын мэктиэлиир.
Бу соруктары олоххо киллэриигэ филологическай үөрэхтээһин форума уонна саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын сийиэстэрэ буолан ааспыттара. Бу тэрээһиннэр түмүктэринэн, нуучча тылын, саха тылын, литэрэтиирэни үөрэх кыһатыгар биир кэлимник үөрэтиигэ соруктар чопчуламмыттара.
Бүтүн Арассыыйатааҕы нуучча тылын уонна төрөөбүт тыл олимпиадатыгар биһиги оҕолорбут ситиһиилээхтик кытталлар. Ол биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тыллары үөрэтии хаачыстыбата үрдүк таһымнааҕын, сөптөөх хайысхалааҕын кэрэһилиир. Ол курдук, нуучча тылын уонна төрөөбүт тыллары үөрэтиини чинчийэр, үөрэтии саҥа ньымаларын булар-оҥорор үлэлэр, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр эппиэттиир үөрэх кинигэлэрин оҥоруу, олимпиадалар, кэмпириэнсийэлэр, куонкурустар, күрэхтэр о. д. а. тэрээһиннэр тиһиктээхтик бараллар. Сыллата, нуучча тылын биир кэлим эксээмэнин түмүгүнэн, үрдүк уонна 100 бааллаах оҕо ахсаана элбии турара, тылы үөрэтиигэ үлэ-хамнас сөптөөхтүк бара турарын көрдөрөр.
Биллэрин курдук, Арассыыйа Федерациятын үөрэхтээһин сокуонун 14 ыстатыйатыгар хас биирдии киһи судаарыстыбаннай тылынан үөрэнэрэ, иитиллэрэ уонна үөрэх систиэмэтин кыаҕын иһинэн бэриллэр тылы талан ылара мэктиэлэнэр. Ону тутуһан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох тыллары үөрэтиини, Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын үөрэтиини күөмчүлээбэккэ тэрийэбит.
Эксперт санаата
Саха тыла – судаарыстыбаннай тыл
Ньукулай ПАВЛОВ-Халан, “КиберСаха” хамсааһын сүрүннээччитэ, СӨ Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин чилиэнэ:
— Саха тыла — судаарыстыбаннай тыл. Онон иккис судаарыстыбаннай нуучча тылын сэргэ үөрэх эйгэтигэр толору туттуллар кыахтаах. Ону ким да бобор бырааба суох. Тоҕо диэтэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Төрүт Сокуонугар да, Арассыыйа Федерациятын даҕаны Конституциятыгар ити сурулла сылдьар. Мин санаабар, төттөрүтүн, төрөөбүт тылбытынан үөрэнэр бырааппыт Дьокуускай куоракка уонна атын куораттарга толору хааччыйыллыбат – оскуола, кылаас да тиийбэт, уһуйаан даҕаны аҕыйах.
Ону таһынан, ханнык да оскуолаҕа киир, тыаҕа буоллун, куоракка буоллун — истиэндэлэриттэн саҕалаан саайтарыгар тиийэ, оҕоҕо туһуламмыт суруктара барыта биир эрэ тылынан суруллан тураллар. Бу — сокуону кэһии, судаарыстыба тылын күөмчүлээһин. Иккиһинэн, бэрэбиэркэлиир уорганнар дьону куттаан, дириэктэрдэри, учууталлары хабырдык тутан-хабан буолбакка, алҕастарын эйэ-дэмнээхтик быһаарар, итэҕэстэрин туоратар үлэнэн дьарыктаныахтаахтар. Буруйдуур-сэмэлиир уорган — суут.