«Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын» сүрэхтээтилэр (ВИДЕО)
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар дьон тоҕуоруһа муһунна, өрүү буоларыныы иллэҥ миэстэ суох. Манна 1996 сыллаахха СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев олохтообут Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Бу үөрүүлээх долгуҥҥа сөп түбэһиннэрэн, “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын” сүрэхтээтилэр.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев: “Аан дойду балысханнык сайдар кэмигэр, силистээх-мутуктаах эрэ киһи сиргэ чиҥник турар, тирэхтээх буолар, салгыы сайдар, барҕарар. Ол иһин биһиги саха тылын сайдыытыгар, инники кэскилигэр улахан болҕомтону уурабыт. 2020 сылтан саха тылын сайыннарыыга уонна бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагыраама олоххо киириитэ саҕаланар. Тыл эйгэтигэр аан дойду таһымыгар холобурга сылдьар эрэгийиэн буоларбытынан, киэн тутта этэбит. Биир дьоһун сорукпутунан — оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэр усулуобуйатын олохтуох тустаахпыт, сахабыт тылын интэриниэт эйгэтигэр киллэриигэ күүскэ үлэлиэхтээхпит”, — диэн видеонан эҕэрдэтигэр эттэ. 80 тыһыынча тыллаах “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта” сыыппыраҕа көспүтүн, маннык хабааннаах үлэ өссө үксээн иһиэҕэ диэн иһитиннэрдэ.
“Норуоттар куйаар ситимин нөҥүө алтыһыылара аһаҕас кэмигэр, төрөөбүт тылы чөл хаалларыы суолталаах соругунан буолар”, — диэн СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдэтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бэлиэтээтэ. Итиэннэ Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ (ООН) 2022 сылтан Аан дойду төрүт олохтоох омуктарын тылларын 10 сылын биллэрэр диэн иһитиннэрдэ.
Ил Дархан Айсен Николаев от ыйын 1 күнүн Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрдэ, бу Саха сирин норуоттарын тылларын сайыннарыыга өссө биир хардыы буолар диэн тоһоҕолоон ыйда.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков үс түгэҥҥэ тохтоото. Ол курдук, бастатан туран, 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” (“Якутский край”) диэн сахалыы ширииптээх бастакы хаһыат тахсыбыта диэн эттэ. Иккиһинэн, “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын” бүтэһик туомун таһааран норуот иннигэр уунар бэлиэ күннэрэ диэн иһитиннэрдэ. Үсүһүнэн, “үөрэтии” уонна “үөрэнии” диэнтэн үөрэтиигэ көһөн эрэбит диэн дьаарханарын биллэрдэ. Маныаха ыччат төрөөбүт тылларынан үөрэнэр буолбакка, төрөөбүт тылларын үөрэтэллэрин, бу икки тыл икки арда олус улахан суолталааҕын”, — ыйда.
Бу күн 15 туомнаах, 80-ча тыһыынча тыллаах “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын” сүрэхтээтилэр. Көрөөччүлэр иннилэригэр, саалаҕа “Үйэ бырайыага” диэн ааттанар тылдьыты көрдөрдүлэр.
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун дириэктэрэ Наталья Попова: “Тылдьыт саха омук уратытын эрэ буолбакка, үйэлэри уҥуордаан кэлбит үгэстэрин, олоҕурбут өйдөбүллэрин, ханнык омуктары кытта алтыһан ааспыттарын туоһулуур. Манна норуот кэпсэтэр тыла, киэҥник тарҕаммыт түөлбэ тыллара, норуот тиэрминнэрэ, кэпсэтии тылыгар туттуллар дьүһүннүүр-ойуулуур тыллар, сомоҕо тыллара киирдилэр. Икки тылынан – сахалыы уонна нууччалыы быһаарыллар”, — диэн билиһиннэрдэ.
Тылдьыты аан дойду, Арассыыйа учуонайдара биһирииллэрин биллэрэллэр. Арассыыйа омуктар дьылаларыгар федеральнай агенствота “Этигэн тыл” (“Ключевое слово”) сыл аайы ыытар куонкуруһугар “Наука бастыҥ бырайыага” номинацияҕа бириэмийэни ылбыт.
Тыл үөрэҕин билимнэрин дуоктара, бэрэпиэссэр, академик Петр Слепцов Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлээн туран, 15 туомнаах тылдьыт норуокка бүүс-бүтүннүүтүгэр ананарын, ким баҕарар туһанар кыахтааҕыттан үөрэрин биллэрэр итиэннэ тылдьыкка үлэлээбит дьон бэйэлэрэ даҕаны төрөөбүт тылларын ордук үчүгэйдик сыаналаабыт буолуохтарын сөп диэн этэр.
Ыспыраапка
“Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта” 15 туомнаах. Тылдьыт 9,5 тыһыынча сирэйдээх, 80-ча тыһыынча тыл киирбит. Сахалыы уонна нууччалыы быһаарыллар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.