Биир кэмҥэ олоҥхолуу, оһуохайдыы сылдьар дьон уруһуйдаах уопсай тэтэрээт баар буола сылдьыбытын өйдүүр буолуохтааххыт. Аҕыйах хонуктааҕыта саха тылын биридимиэтигэр быраабылалардаах уопсай тэтэрээт атыыга таҕыста. Өйүк ааптара “Эдэр саас” саайтка тэтэрээт туһунан санаатын үллэһиннэ.
Сонун, туһалаах тэтэрээт ааптара — Чурапчы улууһун Төлөй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, улуустааҕы саха тылын учууталларын түмсүүтүн салайааччыта Елена Попова. Балачча кэм устата иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын быйыл олоххо киллэрбит. Ол иннинэ кыралаан быраабылаларын түмэн бэлэмнээн чөкөппүт.
“Атыыга биридимиэттэринэн тус-туспа араас тэтэрээттэр бааллар. Саха тылыгар оннук тэтэрээт суох диэн оҕо үөрэнэригэр анаан 48 лиистээх тэтэрээти бэлэмнээн таһаартардым. Иннигэр уонна кэннигэр, уопсайа, аҕыс сирэйгэ үөрэх түөрт салаатынан (лексика, фонетика, морфология, синтаксис) саха тылыгар көмө быраабылалардаах. Ол иһигэр сахалыы алпаабыт, түһүк, о.д.а. киирэр. Саамай бүтэһик сирэйигэр “Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытын” куйаар-куода баар. Оҕо билбэт тылларын суолтатын төлөпүөн нөҥүө көрүөн сөп”, — диэн Елена Егоровна кэпсиир.
Уопсай тэтэрээт Дьокуускай куоракка уонна Чурапчыга атыыга баар. Учуутал бэйэтин үбүнэн, биир идэлээҕэ А.Н.Кузьмина өйөбүлүнэн “Офсет” типографияҕа 300 устууканан таһаартарбыт, сыаната – 200 солк. Ааптар, биирдиилээн уонна кылааһынан сайаапкалары биэрэн эрэллэр диэн этэр. Инникитин литэрэтиирэ уруогар туттуллар тэтэрээти толкуйдаан оҥорор былааннаах.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru