Соторутааҕыта тыл тыыннааҕын сүрүн бэлиэтинэн бу тылынан кэпсэтэр дьон бааллара этэ. Билигин, маны таһынан, өссө биир сүдү суолталаах усулуобуйа үөскээтэ – тыл интэриниэккэ туттуллуута.
Интэриниэт айыллыбыт уонна өр кэмҥэ соҕотохтуу туһаныллыбыт тылынан аангылыйа тыла буоларын быһыытынан, бу эйгэ оҥоһуллар, сайдар үнүстүрүмүөнүнэн аангылыйа тыла буолбута. Онтон сылтаан бастаан атын омук дьоно эмиэ ити эрэ тылынан интэриниэккэ кэпсэтэр этилэр. Билигин улахан судаарыстыбалар бэйэлэрин тылларын хото интэриниэккэ киллэрэ сатыыллар. Ордук ситиһиилээхтик Арассыыйа, Кытай уонна Бразилия интэриниэт эйгэтин баһылаабыттар. Ол да буоллар, билигин даҕаны аан дойду бары саайтарыгар 50% кэриэтэ аангылыйа тылынан суруллубуттар. Бу көстүү солуута суох күрэстэһии буолбатах, аныгы үйэҕэ сыыппара эйгэтигэр киирбэтэх тыллар аҕыйах кэм устатыгар симэлийэр кутталлаахтар. Оттон саха тылын сыыппара эйгэтигэр дьылҕата хайдаҕый?
ТЫЛЛАР “КЫҺЫЛ КИНИГЭЛЭРЭ”
Аан дойдуга билиҥҥи кэмҥэ тыыннааҕынан ааҕыллар 7 776 тылтан 3,7% эрэ интэриниэт эйгэтигэр кыра эмэ кыттыгастаах. Ол аата, атын тыллар 96% онлайн-эйгэҕэ суохтар, атыннык эттэххэ, “сыыппара бокуонньуктара”. Бу кыһалҕаны өр кэмҥэ Венгрия учуонайа, математиканы уонна лингвистиканы тэҥҥэ тутан үөрэтэр чинчийээччи Андраш Корнай “Тыл цифровой өлүүтэ” диэн улахан научнай үлэҕэ чинчийэн көрбүт. Оҥорбут түмүктэрэ бөрүкүтэ суохтар — 170 (ол эбэтэр баар тыллартан 2%) эрэ тыл интэриниэккэ бигэтик киирбит, онон сыыппара эйгэтигэр кэскиллээҕэ бигэргэнэр. Өссө 140 тыл (1,7%) кыра кыттыгастаахтар, сыыппара эйгэтигэр хаалаллара бигэтэ суох. Атыттар ааспыт үйэлэргэ “өлбүт” тыллары кытта кэккэлэһэллэр…
Тоҕо тыл хайаан даҕаны сыыппара эйгэтигэр баар буолуохтааҕый?
Бастатан туран, олох үгүс өрүттэрэ виртуальнай эйгэҕэ көһөн эрэллэр. Электроннай кэмиэрсийэ, социальнай ситимнэр урукку кэм эргиэнин, алтыһыытын улам солбуйан эрэллэр. Онон, олох элбэх өрүттэригэр атын тылынан кэпсэтэр омук улам атын норуот тылынан саҥарарын ордорор.
Иккиһинэн, саҥа көлүөнэҕэ төрөөбүт тылын аптарытыата түһүүтэ. Аныгы оҕо гаджеттан арахсыбат, үгүс кэмэ интэриниэккэ ананар. Биллэн турар, интэриниэккэ киириитэ мөлтөх тылы оҕо киһи “хаалынньаҥын” сибикитин курдук ылынар.
“УОРБУТ” ДУУ, “ҮӨРБҮТ” ДУУ?
Дьиҥэр, ити кутталлаах сыыппаралар, чахчылар саха тылыгар улахан сыһыана суох курдуктар. Дьон күннэтэ сахалыы суруйсар, ытык кырдьаҕастар кытта үгүстэрэ “батсааба” суох олохторун санаабаттар. Ол эрэн, сайдыы саҥатыгар баар буола сылдьыбыт элбэх итэҕэстэр “дьарҕа ыарыы” курдук хаалан хаалбыттар. Холобур, «Утуо куцунэн!», «Дозорбун корон уордум», “Ебугэ угэьинэн” — маннык быһыылаах суруктары көрбүккүт буолуо? Ити өр кэмҥэ сахалыы аттарыылаах клавиатура суоҕуттан тахсыбыт көстүү. Көстүүтүнэн эбэтэр дорҕоонунан майгынныыр нуучча буукубатынан солбуйуу 2000-с сылларга үөдүйбүтэ. Туһанар сахалыы клавиатурабыт суоҕа ити курдук саҥа “алпаабыты” айарга күһэйбитэ. Онтон 2007 сыллаахха Николай Иванович Васильев, Microsoft Саха сиринээҕи официальнай үлэһитэ туруулаһыытынан, Microsoft Windows Vista саҥа операционнай систиэмэтигэр сүрүн бичиктэригэр сахалыы буукубалар дьэ киирбиттэрэ. Ити кэмнэргэ төлөпүөҥҥэ маҥнайгы сахалыы аттарыылаах клавиатураны Михаил Кыраһа киллэрбитэ. Андроид операционнай систиэмэҕэ AnySoftKeyboard диэн сыһыарыыга «Sakha (Yakut) Keyboard» диэн кэҥэтиини суруйан PlayMarket-ка босхо укпута. Итини барытын сатыыр эрэ киһи туруоруон сөп этэ, ол иһин үгүс дьон үөрэммиттии “ебугэ угэьинэн” суруйа сылдьыбыттара.
Билигин ити кыһалҕа суох, аҕыйах мүнүүтэлээх хасыһыы кэнниттэн көмпүүтэргэ даҕаны, суотабай төлөпүөҥҥэ даҕаны саха клавиатуратын эбии туруоруохха сөп. Ол да буоллар, элбэх киһи итини дуона суох кыһалҕанан ааҕар, сүрэҕэлдьээн сахалыы раскладканы эбиммэт, “үөрүөх” оннугар билигин даҕаны “уора” сылдьаллар.
БИКИПИЭДЬИЙЭ УОННА БАТСААП
Сыыппара ситимигэр өс хоһоон айыллыбыта “Интэриниэккэ биирдэ киирбит, хаһан да сүппэт!” диэн. Бу өс хоһоон ким эрэ ааспыт олоххо курдук уруккутун кистиэн баҕардаҕына да, интэриниэт архыыптарыттан барыта күөрэйэн тахсарын этэр. Кырдьык, интэриниэккэ киирбит сүппэт айылгылаах. Ол эрэн, барыта ити курдук судургу буолбат. Холобур, батсаапка алтыһыы дириҥ билиини мунньар дьоҕура суох, кэпсэппитиҥ аллараа «тимирэн» иһэр. Арай сорох сордоохтор алҕас атын түннүккэ суруйбуттарын “скриншоттара” үйэтитиллэн хаалааччы. Дьиҥнээх халбаҥнаабат билиини хомуйар, дьаарыстыыр үнүстүрүмүөнүнэн аналлаах саайтар буолаллар. Итинник саайтарга тылбаасчыт (холобур www.sakhatyla.ru) сирэйдэр, күннээҕи сонуну сырдатар саайтар (www.edersaas.ru), култуураҕа, тылга сыһыаннаах порталлар, тыйаатырдар, мусуойдар саайтара (www.sakhamuseum.ru) киирсэллэр.
Ордук көдьүүстээх саайтартан биирдэстэринэн аан дойдуга интэриниэт көҥүл энциклопедията — Бикипиэдьийэ буолар. Бу энциклопедия бастаан эмиэ аангылыйа тылынан эрэ суруллар этэ, онтон атын тыллар бэйэлэрэ туспа сирэйдээх буолан испиттэрэ. Билигин ааҕыллыбытынан, 314 омук бэйэтин тылынан бикипиэдьийэлээх. Саха тыла эмиэ туспа сирэйдээх. Маны саха тылын сайдыытын туһугар ыалдьар энтузиаст Николай Павлов-Халан 2006 сыллаахтан туруорсан олохтообута. Бу ылбычча оҥоһуллар дьыала буолбатах – сайаапка түһэрии, тургутуу, көҥүллээһин уустугун ааһан тэриллэр.
Билигин, Саха Бикипиэдьийэтигэр 13 тыһыынчаттан тахса туспа ыстатыйа суруллан сытар. Бу энциклопедияны ким баҕалаах толоруон сөп. Саха сиригэр куруутун суруйар баҕалаах уонча эрэ киһи көстүбүт, түөрт уонча киһи кэмиттэн кэмигэр суруйан ыстатыйа эбэллэр эбит. Арай санаатахха, син кырата суох — 13 тыһыынча, улахан сыыппара! Ол эрэн, тэҥнээн көрдөххө? Аан дойдуга 40 мөлүйүөн кэриэтэ бикипиэдьийэ ыстатыйата мунньуллубут. Нуучча бикипиэдьийэтигэр 1 697 750 ыстатыйа суруллубут. Уруу түүр тыллаах татаардар 205 тыһыынча кэриҥэ ыстатыйалаах бикипиэдьийэни мунньуммуттар.
ИНСТАГРАМ УОННА ТИК-ТОК
Аныгы ыччат таптаан туһанар сирдэригэр – Инстаграм уонна ТикТок сыһыарыыларга, саха тыла киһи дьиктиргиэн элбэх. Сахалыы тылынан “контент” оҥорор дьон балай эмэ бааллар. Инстаграмҥа @l_speak_yakutian, @sakha.tyla, @sakhatyla, @sakha_lessons, @sakatytyy курдук анаан саха тылыгар үөрэтэр, сөптөөх тылбааһы быһаарар үлэни ыыталлар.
Тик-Ток сыһыарыыга элбэх тылы туттар сатаммат эрээри, манна саха олоҕун, култууратын атын дьону билиһиннэрэр дьон атын омуктары кытта алтыһаллар. Холобур, pandasakha диэн профильга 316 тыһыынча сурутааччы Испания, Таиланд, Бразилия, Кытай, Австралия курдук ыраах сиргэ олорон саха киһитэ муус муустуурын, собо ыраастыырын, харта буһарарын, сылгы аһатарын сөҕө-махтайа көрөр.
ТЫЛБААС ҮЛЭТЭ
Соторутааҕыта ХИФУ математика уонна информатика кафедратын магистрана Оксана Домотова нейросеть көмөтүнэн саха тылын быһаарар систиэмэни оҥоруунан дьарыктанарын туһунан сонун иһиллибитэ. Чинчийээччи кыыһы кытта суруйсан үлэтин туһунан ыйыппыппар, маннык хоруйдаата:
— Үлэм ситэ оҥоһулла илик, бу иннинэ сорох хаһыаттар олус күүркэтэн, омуннаан суруйбуттар. Онон бырайыагым биллэр омоонноох буоллаҕына, билиһиннэриэм этэ, — диэн саҥа кэпсэтиини биллибэт кэмҥэ болдьоото. Үлэтэ аныгы кэм муҥутуур үрдүк чыпчаалыгар, “искусственнай интеллеккэ” олоҕурарын туһунан эрэ эттэ.
Бу технологияҕа олоҕуран саха тылын кытта билигин үлэлиир ньыма “Яндекс Тылбаасчыт” буолар. Бу тылбаасчыт былырыын кыһын саҕаланыыта үлэҕэ киирбитэ, ону сахалыы уонна омук тылын билэр дьон көмөлөрүнэн тургутан көрбүппүт. Уопсай түмүк – туһалаах, судургу холобурдары сатыыр, ол эрэн, өссө сайдыах тустаах. Онон Оксана курдук, саха тылын иһиттэн билэр дьон нейросеть курдук аныгы ньымаларынан бу хайысханы сайыннардахтарына, саха тылын үйэтитиигэ улахан ситиһии буолуо этэ.
Егор Карпов, edersaas.ru