Саха тыла — аныгы үйэҕэ

Ааптар: 
26.02.2019
Бөлөххө киир:

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн иитинэн Нам сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын, сурунаалларын үлэһиттэрэ кыттыылаах суруналыыстар десаннарын тэрийдилэр.

edersaas.ru

Манна суруналыыстар эрэ буолбакка, Гуманитарнай чинчийии институтун, ХИФУ үлэһиттэрэ, биирдиилээн тылга үлэлэһэр дьон кыттыбыттара.

“Төгүрүк остуол” цифровой үйэҕэ хаһыаттар, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа сайдыыларын тосхоллорун туһунан барда. Манна аҥаардас сахалыы тыллаах суруналыыстыканы эрэ буолбакка, тиэрминтэн саҕалаан оҕону сахалыы эйгэҕэ, литэрэтиирэҕэ тиийэ сыһыарыыга кэпсэттилэр. Тэрээһини СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа миниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильев салайан ыытта.

 

Норуот суруналыыстан үөрэнэр

 Ааспыт сыллаахха СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытыгар боппуруостарын сүрүннүүр управление тэриллибитэ. Бу салааны Римма Жиркова салайар, уопсайа, сэттэ үлэһиттээх. Манна даҕатан эттэххэ, урукку сылларга анал хамнастаах үлэһит диэн суоҕа, эбээһинэһи сүрүн үлэлэрин таһынан СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин үлэһиттэрэ сүгэллэрэ.

“Төгүрүк остуолга” Римма Жиркова таба суруйуу сороҕор тутуһуллубатын, тиэрмини оҥорууга уопсай тиһик суоҕун, тыл баайын сыыһа туттууну бэлиэтээтэ, Нам улууһун “Эҥсиэли” хаһыатын бүтэһик нүөмэрин ырытта. Итиэннэ суруналыыстар хардарыта ырытыһыыларын көҕүлүөххэ, тиэрмини уонна хаһыат тылын халыыбын биир сүрүннүөххэ, эрэкэлээмэ тылын-өһүн чочуйан биир халыыпка киллэриэххэ диэн эттэ. “Суруналыыстар дьон хараҕын далыгар сылдьаҕыт. Эһиги саҥарбыккытын, суруйбуккутун, эппиккитин дьон тута ылынар. Эрэкэлээмэҕэ дуу, хаһыат тылыгар-өһүгэр дуу, алҕас тиэхиньиичэскэй да сыыһа бардаҕына бу сөптөөх суруйуу диэн ылынар. Онон ханнык даҕаны учууталлааҕар, эһиги үлэҕит саамай суолталаах уонна тиийимтиэ”, — диэтэ. Ордук мөккүөрдээх уонна атыҥырыыр түгэннэр билигин тиэрмин боппуруостарыгар баалларын ыйар, манна биир санааҕа кэлэн күүскэ үлэлэһиэхпитин наадатын ыйар. “Нууччаттан киирбит тылы тута олуона тылынан солбуйар эбэтэр бэйэтинэн ыытарбыт эмиэ табыллыбат, дьон ылыммат”, — диэн бэлиэтиир.

Тылы сыыһа тутуннахха — ыстараап

Тылы сыыһа туттубут тэрилтэ эппиэтинэскэ тардыллыахтаах диэн, тыл туһугар туруулаһар уопсастыбанньыктар өссө былырыын этэн аһарбыттара. Оччотугар эрэ син тардыныахтара диэн санаалар этиллибиттэрэ. Бу сырыыга тустаах боппуруоһу эмиэ көтөхтүлэр. Маныаха Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта “Административнай сокуону кэһии кодексыгар” (Кодекс административных правонарушений) итиниэхэ сөптөөх ыстатыйа баарын иһитиннэрдэ итиэннэ үчүгэйдик үөрэтэн баран инникитин олоххо киллэриэххэ сөп диэн хоруйдаата.

Тыл үөрэхтээхтэрин этиилэрэ

Тыл үөрэхтээхтэрэ киирии тылларга тохтоотулар. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, таба суруйууга хаһыаттар тупсан иһэллэр диэн бэлиэтииллэр. Ол курдук, “Саха сирэ” хаһыат (2003 с. 25,5 % нуучча тылын сахатытар эбит буоллаҕына) 2018 сыллаахха 69 % сахатыппыт. Ити аата нууччаттан киирии тыллары суруйууга Таба суруйуу быраабылата уонна тылдьыт тутуһулларын этэллэр. “Киирии тыллары суруйууга, историяттан көрдөххө, урут да баара, билигин даҕаны соччо оннун була илик боппуруос. Итиннэ мөккүөр өрүү уҕараабат. Ол иһин 2002 сыллаахха Таба суруйуу тылдьытыгар бу мөккүөрү арыый даҕаны тэҥнээри сахалыы-нууччалыы барыйааннаах тыллары суруйарга тылдьыкка бэйэтэ сыһыарыы курдук бэриллибитэ. Ол кэмҥэ сахалыы нууччалыы барыйааннаах суруйуу баара. Оттон 2015 с. Сахалыы таба суруйуу уонна Сурук бэлиэтин быраабылалара бигэргэнэн тахсыбыттара. Урукку тылдьыттан уратыта диэн нууччалыы-сахалыы барыйааннаах суруйуу суох. Суруйарга ыарахан соҕус тыллар киирбиттэрэ. Бу хаһыат маннык суруйар, ити хаһыат маннык суруйар диэн хаһааҥҥа диэри ырыта сылдьыахпытый? Быраабыла ылылынна, сокуон курдук тутуһуллуохтаах. Массыыналаах дьон айанныылларыгар быраабыланы тутуһаллар, биһиги эмиэ ол курдук сурукпутугар быраабыланы тутуһуохтаахпыт”, — диэн быһаараллар.

Суруналыыстар тылдьыкка киирбэтэх тылы бэйэлэрэ сахатыталлар. Холобура, “батсаап” эбэтэр “бассаап” дииллэр. Ити икки барыйаана туттулларын ыйаллар. “Бикипиэдьийэ”, “болкуобунньук”, “бүддьүөтүнэй”, “истириэс”, “килиип”, “дэмэкирээт”, “көмпүрүөнсүйэ” эҥин диэн тыллары суруналыыстар быраабыланы тутуһан бэйэлэрэ сахатытан киллэрэллэр диэн этэллэр.

Кыттааччылар санаалара

Биир идэлээхтэрбит, тиэрмин бэрт судургутук үлэлиир кыахтаах боппуруос биһиэхэ эрэ кыаллыбакка турарын, алтайдар баара-суоҕа 70 тыһ. ахсааннаахтар эрээри, тиэрмиҥҥэ хамыыһыйалаахтарын санаталлар. “Сокуон курдук ылыныллан, хаһыатынан, араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри кэпсээтэр, биир-икки сыл иһинэн букатын оннун булар судургу дьыаланы бэйэбит уһата-кэҥэтэ сылдьабыт”, — дэһэллэр.

Оттон “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Родион Кривогорницын: “Балаһыанньа икки өрүттээх. Тоҕо диэтэххэ, манна олорооччулартан арыый аҕа саастаахтара уһун кэм устата сэбиэскэй былаас кэмигэр олорбуппут. Бары хаһыаты аахпыппыт. Оччолорго нуучча тылыттан киирбит тыл нууччалыы суруллара, этиллэрэ. Билигин сахалыы хаһыаты аҕа саастаах көлүөнэ ааҕар. Сахалыы тылбаастаатахха этии уһуур. Биир дьиксинэрим диэн, аһара уустугуртахпытына, ыччат сахалыы тыллаах хаһыаттан тэйиэн сөп”, — диэн этэр.

“Кэскил” хаһыат салаатын салайааччы Жанна Леонтьева: “1936 сылтан тахсар “Бэлэм буол” хаһыакка элбэх оҕо кэлэн быраактыкаланар. Кэнники сылларга кэлэр устудьуоннар “үнүстүүт”, “бакылтыат”, “үнүбэрсиэт” диэнтэн атыны толкуйдаабаттар. Ити тыллар оннуларыгар биһиги тоҕо сахалыы тыллары толкуйдаабаппытый? “Үнстүүт”, “бакылтыат”, “үнүбэрсиэт” диирбититтэн ол тыллар сахатыйан барбаттар. Холобура, туроктар англия тылыттан куотан, бэйэлэрин төрүт тылларыгар чугаһатан, олох атын тылынан солбуйбуттар. “Көмпүүтэри” “билги сайар” дииллэр. Ол курдук, биһиги тоҕо сахалыы тыллары толкуйдаабаппытый? “Оптуорунньук” — “иккинньик”, “бээтинсэ” — “биэһинньик”, “почемучка“ — “тоҕочоон”, “детский сад” — “биэбэйик”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

“Эҥсиэли” хаһыат эрэдээктэрэ Владислав Касьянов: “Туох да диэбиккит иһин, туруору тылбаас барыта үчүгэй диэн этиэхпин туттунабын. Биһигини төһө да ыстарааптаабыккыт иһин, дьон барыта сахалыы тылбааһынан саҥаран барара саарбах. Мин саныахпар, икки өрүттээх буолуон наада. Үөһэттэн даҕаны сааһылааһын үлэтэ уонна дьон тылы тутуутун үөрэтэн көрүөххэ баар этэ. Билигин оннооҕор гаджет оҕолоро диэн мөккүөр турда. Ол дьоҥҥо туруору сыҥалаан туһа кыра буолуо. Кинилэр сыыһаллар диэн этиэхпин туттунабын эрээри, бары күн сарсыҥҥыттан кэлиэгэлэрбит курдук сахатытан бардахпытына, тиражпыт төһө эбиллиэ эбитэ буолла? Оттон хаһыакка сурутуу туһунан эттэххэ, ыччат хаһыаты кумааҕы быһыытынан тутан олорон ааҕыан саарбахтыыбын. Гаджекка сөптөөх форматы толкуйдаан, ону сурутууга киллэрдэр син быһаарыллыах этэ. Биллэн турар, туох эрэ модуль курдук балбааҥка наада. Ыччат сөбүлүүр көрүҥүнэн ыччаты сахалыы ааҕыыга угуйуохтаахпыт”, — диэн санаатыгар, Чокуур Гаврильев ити сөптөөх этии буоларын, билигин итиннэ үлэлэһэ сылдьалларын, IT-парка резиденэ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын барытын түмэн, электроннай сурутууну тэрийиэн баҕарарын иһитиннэрдэ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0