Быйыл бэс ыйыгар Дьокуускайга култуура эйгэтигэр олус элбэх тэрээһин буолар. Ол туһунан култуура, духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов суруналыыстарга кэпсээтэ.
— Бэс ыйын быйыл “тыйаатыр ыйа” диэххэ сөп. Быйыл өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр биһиги министиэристибэбит бары далааһыннаах тэрээһиннэргэ: икки улахан ыһыахха, мусуойдарга турар быыстапкаларга, бэстибээллэргэ, конгресстарга кыттыһар. Бу тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор интэриэһинэй буолуохтара диэн эрэнэбит.
Бэс ыйын 2-8 күннэригэр буолбут “Территория. Якутск” бэстибээл испэктээкиллэригэр билиэттэр былдьаһыгынан атыыланан, эбии миэстэ көрдөөн, аншлаг этэ. Сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Бэс ыйын 17 күнүттэн Приморскай драматическай тыйаатыр кэлэн, “Мастер и Маргарита” испэктээкилиттэн саҕалаан, “Двенадцать стульев” курдук классическай, дьоһун туруорууларын көрдөрүөхтэрэ.
Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Санкт-Петербуртан Александринскай тыйаатыр кэлиэхтээх. Саха тыйаатырын сыанатыгар уу кутан тоҥорон, каток оҥорон, Гоголь “Женитьба” испэктээкилигэр артыыстар хаҥкылаах сылдьан оонньуохтара. Манныгы хаһан эмит көрбүккүт дуо, доҕоттоор?
Онтон Татарстан тыйаатыра кэлэн, татаардыы уонна нууччалыы тылынан икки испэктээкили көрдөрүөҕэ. Бэс ыйын 22-26 күннэригэр Национальнай тыйаатырдар конгресстарыгар 30 тыйаатыр кыттыаҕа (ол иһигэр Саха сириттэн 5 тыйаатыр).
Ону тэҥэ, Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа, “Олоҥхо дойдутугар ЮНЕСКО чыпчаал айымньыларын көрсүү” IV норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл, “Музыка для всех” норуоттар икки ардыларынааҕы конгресс, аан дойдутааҕы виртуоз-хомусчуттар күрэстэрэ, о.д.а. далааһыннаах, дириҥ ис хоһоонноох элбэх тэрээһиннэр күүтэллэр. Төһө да сааҥсыйалар мэһэйдээтэллэр, култуура хааччахтары кыайда диэххэ сөп. Тас дойдулартан, атын эрэгийиэннэртэн элбэх ыалдьыттар, кыттааччылар кэлэллэрэ күүтүллэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru