Бэҕэһээ, алтынньы 17 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 113-с сезонун арыйда. Тыйаатыр көрөөччүлэрин көрсөр бастакы күнүгэр үксүгэр саха классиктарын айымньыларын санатар эбит буоллаҕына, быйылгы сезон Италия драматура Луиджи Пиранделло «Хайа аарымалара» диэн испэктээгинэн арылынна.
edersaas.ru
Ол гынан баран, тыйаатыр дириэктэрэ Анатолий Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинии, төһө да бу күн Италия драматурун айымньыта көрдөрүллүбүтүн иһин, бүгүҥҥүттэн саҕалаан үлэ барыта улуу убайбыт Былатыан Ойуунускайга, кини төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар. Онон, тыйаатыр айар кэлэктиибигэр хаһааҥҥытааҕар да эппиэтинэстээх дьыл саҕаланна.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга саҥа анаммыт миниистирэ Юрий Куприянов: «Быйыл РФ бэрэсидьиэнэ В.Путин Тыйаатыр сылын биллэрбитинэн, өссө киэҥник хардыылаан, бэйэбит былааммытын, сатабылбытын, өйбүтүн уонна куппутун-сүппүтүн кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахтаахпыт. Саха тыйаатыра быйыл Арассыыйа таһымыгар көстүөхтээх уонна биһиги онно бэйэбит ааппытын ааттатыахтаахпыт диир буоллахпытына, бары тыйаатырбытын өйөөн, инники былааннары олоххо киллэрэн иһиэхтээхпит», – диэн бэйэтин истиҥ эҕэрдэтин тириэртэ.
«Тыйаатыр иһигэр тыйаатыр»
«Хайа аарымалара» (Андрей Борисов, Роман Дорофеев туруорууларыгар) испэктээк Саха тыйаатырыгар аан бастаан бу сыл ыам ыйын 18 күнүгэр көрөөччү дьүүлүгэр тахсыбыта. Бу уонна Сергей Потапов саҥалыы көрүүнэн туруорбут «Мин доҕорум Гамлет» испэктээктэрэ «Кыһыл көмүс мааска» тыйаатыр бириэмийэтин дьүүлүгэр киллэриллэллэрэ былааннанар.
Бу күн «Хайа аарымаларын» «Кыһыл көмүс мааска» Арассыыйа национальнай театральнай бириэмийэтин экспертэрэ Татьяна Веснина (Томскай к), Алексей Киселев (Москва к.) көрдүлэр.
Испэктээк устатын тухары артыыстар уобарастарын арыйыылара, көстүүмнэрэ, сценография барыта биһигини тыйаатыр алыптаах эйгэтигэр сиэтэн киллэрэр. Ол эрээри, олус уустук, бэлэмэ суох көрөөччүгэ өйдөнө охсубат эйгэҕэ. Артыыстар «Тыйаатыр уонна орто дойду олоҕо туох уратылаахтарый, аан дойду дьиҥнээх олоҕо албын-көлдьүн көстүү буолбатах дуо?» диэн ыйытыыга эппиэт көрдүү сатыыр курдуктар. Күнүс уонна түүн, сырдык уонна хараҥа, кырдьык уонна албын, орто дойду уонна абааһылар дойдулара барыта буккуллан, түөрэ-лаҥкы түҥнэһиллэн хаалбыт…
«Тыйаатыр иһигэр тыйаатыр» туһунан номох-испэктээккэ сүрүн оруолу: графиня Илсэ Паулсены Лена Сергеева-Румянцева чаҕылхайдык оонньоото. Ону сэргэ, тыйаатыр эдэр көлүөнэ артыыстара: Валентин Макаров, Ильяна Павлова, Альберт Алексеев, Вячеслав Лавернов, Айсен Лугинов, Дмитрий Татаринов, Илья Портнягин, Семен Алексеев, Павел Ченянов, Айталина Лавернова, Дьулустаан Семенов, Татьяна Легантьева, Ньургуйаана Шадрина уо.д.а искусство ураты жанрыгар бэйэлэрин холоммуттара айар талааннара сайдарыгар, ыырдара кэҥииригэр олук буолара саарбаҕа суох.
Урааҥхайдыы уруй, сахалыы айхал
Саха тыйаатырын үлэлэрин көрөөччүлэр саҥа сезон аһыллыар диэри тулуйбакка күүтэллэр. Ол да иһин, бу күн тыйаатыр сырдык саалатыгар үөрбүт-көппүт, бэйэ-бэйэлэрин эҕэрдэлэһэр сэргэх дьону элбэҕи көрөҕүн. Кинилэри аны көрөр саалаҕа киирбиттэригэр биир соһуччу түгэн үөртэ. Ол курдук, хас биирдии олбоххо артыыстар кэрэ мөссүөннэрэ, көрөөччүгэ эҕэрдэлэрэ суруллубут, кэннигэр 2019 сыллаах халандаардардаах аккырыыккалар бэлэх ууруллубуттар.
Холобур, «Улуу убайбыт Ойуунускай имэҥнээх, илбистээх, дьиктилээх тыла – саха омук соруга» (Анатолий Николаев), «Кэлэн иһэр Тыйаатыр сылыгар кырачаан көрөөччүлэрбитин долгуйа күүтэбит, дууһа, өй-санаа дьүөрэлэһэр тыйаатыр алыптаах эйгэтигэр, Искусство храмыгар!» (Мария Осипова), «Дьиктигэ-дьиибэҕэ итэҕэйээччим, кэрэҕэ-сырдыкка талаһааччым, күндү киһим көрөөччүм, 113-с театральнай дьыл арыллыбытынан урааҥхайдыы Уруй, сахалыы Айхал!» (Дьулустаан Семенов) уо.д.а. эҕэрдэлэрэ көрөөччүлэр үөрүүлэрин үксэтэллэр, тыйаатыр храмыгар кэлэр баҕаларын күүһүрдэллэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru