Саха тыйаатырын муус устардааҕы репертуара

Бөлөххө киир:

Муус устар 5 күнэ.  Л.Васильева. «Хаһан даҕаны» (Никогда) испэктээх. (12+). Режиссер Руслан Тараховскай, Михаил Егоров сценографията. Оруолларга Мария Николаева, Дмитрий Михайлов, Елена Сергеева-Румянцева, Айта Лавернова, Игорь Говоров, Ньургуяна Шадрина, Ильяна Павлова.

Испэктээх нууччалыы синхроннай тылбаастаах барар.

Саҕаланар 18-00 ч.

Муус устар 6 күнэ. Н.Неустроев. “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэ (Поспешившийся) (6+), режиссер Дмитрий Михайлов, Михаил Егоров сценографията. Испэктээккэ Павел Ченянов, Дмитрий Михайлов, Михаил Семенов, Мария Николаева, Ильяна Павлова, Жанна Ксенофонтова, Игорь Говоров, Елена Сергеева-Румянцева, Таня Легантьева, о.д.а. оонньууллар. Испэктээх нууччалыы синхроннай тылбаастаах барар.

Саҕаланар 18-00 ч.

Муус устар 7 күнэ. СӨ Булчуттарын күнүгэр аналлаах дьоро киэһэ.   “Ааттаһарым Байанай, аһатарым Аар тайҕам” (12+).

Билиэт Саха тыйаатырын каассатыгар атыыланар, итиэннэ Тессерус партнерскай ситимҥэ. Онлайн билиэттэр sakhatheatre.ru, afisha.ykt.ru сайтарга.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0