Амма улууһунааҕы «Айыы намыһын ырыаһыттар» бырайыак чэрчитинэн, ахсынньы 23 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа,
Саха АССР үтүөлээх артыыһа, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Зоя Багынанова уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Елизавета Потапова ыалдьыттаатылар.
Кинилэр Бөтүҥ, Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолаларын, лиссиэй үөрэнээччилэрин кытары академик Л.В.Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэйгэ истиҥ, иһирэх кэпсэтиигэ көрүстүлэр.
Зоя Петровна уонна Елизавета Федотовна оҕолорго артыыс үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын уонна киһиэхэ төрөөбүт тыл суолтатын кэпсээтилэр, үөрэнээччилэр ыйытыктарыгар хоруйдаатылар. Елизавета Потапова Сардаана Амгинская хоһоонун олус иэйиилээхтик ааҕан, истибити эрэ барыларын долгутта.
Маны сэргэ, бырайыак ааптара Клара Романовна Кириллина оҕолорго тус санаатын иһитиннэрдэ, бырайыак ис номоҕун, сыалын-соругун билиһиннэрдэ.
Салгыы Бөтүҥ орто оскуолатыттан «Оллоон» фольклорнай бөлөх иитиллээчитэ Лена Степанова Юрий Борисов «Көмүскэс санаалаах күн Айыы киһитэ Кэскил бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардыыны толордо.
Түмүккэ фольклорнай бөлөх иитиллээччилэрэ сыанаҕа тахсан, төгүрүктээн туран, оҕолору ыҥыран, оһуохайы оройуттан туттулар.
Быйыл улууска ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар кэнчээри ыччаппыт ыытыллыахтаах бары тэрээһиннэргэ бэлэмнээхтэрин көрдөрөн, кэлбит ыалдьыттарга махтал үтүө тылларынан бүгүҥҥү тэрээһини түмүктээтилэр.
(Саха тыйаатыра)