Саха тыйаатырыгар лаборатория саалата “Үс түүннээх кэпсэтии” премьеранан арылынна

Ааптар: 
27.12.2020
Бөлөххө киир:

Алексей Арбузов “Мараат барахсан…” диэн пьесатынан Роман Дорофеев “Үс түүннээх кэпсэтии” диэн испэктээги туруоран көрөөччүлэргэ бэлэх уунна. Ленинград блокадатыгар үс тулаайах хаалбыт эдэркээн оҕолор Лика (Айталина Цыпандина), Мараат (Вячеслав Лавернов) уонна Лүөҥкэ (Илья Портнягин) олохторун суолун уоттаах сэрии харсыһыннартыыр. Үс араас суоллаах-иистээх араас кыһалҕалаах, араас ыра санаалаах оҕолор көрсөн доҕордоһоллор, бастакы таптал ыраас сыһыаныгар куустараллар. Онтон уоттаах сэриигэ кыттыһыылара, сэрии кэннинээҕи олохторо көстөр.

Испэктээккэ төһө даҕаны аҕыс уонча сыл аннараа өттүнээҕи олох көһүннэр, билиҥҥи кэмҥэ суолталаах, сытыытык турар ыйытыылар тураллар. Киһи уйулҕатын таарыйар тыллар элбэхтэ иһилиннилэр. Саҥа халыыптаах испэктээк биир сүрүн уратытынан сыанаҕа оонньуу сылдьар артыыстары тутан олорон бу баардыы көрөҕүн.

Испэктээк туруорааччы режиссера Роман Дорофеев:

— Бу пьесаны илиибэр ылаат биир тыынынан аахпытым. Олус сөбүлээбитим. Бу пьеса сахалыы тылбаастанан сыанаҕа туруохтаах дии санаабытым. Сэбиэскэй суруйааччы Алексей Арбузов “Мараат барахсан” диэн пьесатын тылбаастаан сыанаҕа туруорбуппут – бу айымньыга бастакы холонуубут буолар. Пьесаны улахан сыаналарга биллиилээх артыыстар, режиссердар туруора сылдьыбыттара. Билигин даҕаны биһиги олохпутугар сытыытык турар тиэмэлэри таарыйар.

Биллэрин курдук, ааспыт үйэҕэ Аҕа дойду эрэ сэриитэ буолбакка, Чечня, Афганистан о.д.а сэриилэр буолан ааспыттара. Блокада хас сэрии аайы баар, хас сэрии аайы маннык дьылҕалаах тулаайах оҕолор бааллар. Бу пьесаҕа антогонист – сэрии буолар. Пьесаҕа сэриини киэҥник өйдүөххэ наада.

Дьоруойдар сүрүн өстөөхтөрө – сэрии. Ол эрээри тулаайах оҕолор сэрии буола турдаҕына бэйэ-бэйэлэрин булан тыыннаах хаалаллар. Тыыннаах хаалыы – сүрүн кыһалҕа буолар. Өскөтүн бу оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсүбэтэхтэрэ буоллар тыыннаах хаалыа суох этилэр. Сэрии буола турдаҕына, төһө да аччыктааталлар кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытары көрсүбүт, доҕордоспут дьоллоох кэмнэрэ буолалларын кэнники өйдүүллэр.

Иккис чааһыгар дьоруойдар ис туруктарын, ис санааларын, уйулҕаларын арыллыыта барар.
“Үс түүннээх кэпсэтии” – дьоруойдар олохторун үс кэрдиис кэмэ көстөр: бастатан туран кинилэр оҕо саастара, иккиһинэн эдэр саастара уонна ситэн-–хотон, өйдөрүн туппут орто саастара. Бу кэрдиис кэмнэр хас биирдиилэрэ биир эрэ түүн курдук түргэнник ааһар. Бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат дьон дьылҕалара. Оҕо саастарын ыра санаалара барыта туолла эрээри, кинилэр дьоло суохтарын өйдүүллэр.

Лаборатория саалатыгар испэктээк эксперимент быһыытынан турда. Уратыта – икки түмүктээх, бүгүн көстөр испэктээк бэҕэһээҥҥиттэн атын түмүктээх буолуоҕа. Испэктээк Саха тыйаатырын репертуарыгар киирдэ.

Инникитин лаборатория саалатыгар биир киһи толорор испэктээктэрэ, аҕыйах киһилээх пьесалар туруохтара. Ону сэргэ бэйиэттэр айымньыларын аҕалан, артыыстары бэйэлэрэ талан ылан хоһооннорун аахтаралларыгар, хоһоон киэһэлэрин ыытарга табыгастаах саала. Лаборатория саалата – муҥура суох.

Аан бастакытын улахан сыанаҕа сүрүн оруолу толорон, Ликаны оонньообут эдэркээн артыыс Айталина Цыпандина санаатын маннык үллэстэр:

— Саха тыйаатырыгар артыыс быһыытынан быйыл саҥа үлэлии киирдим. Лика — тыйаатырга бастакы уонна сүрүн оруолум. «Сүрүн оруолу эн толороҕун» диэбиттэригэр долгуйан киирэн барбытым. Хайдах саҥа үлэлии киирэн баран, сүрүн оруол дуо? Билигин да итэҕэйиэ суох курдукпун, миэхэ бу оруол артыыс идэтигэр улахан уопутум буолар.

Блокада сылларын туһунан айымньы буолан, уобараһа миэхэ арыый ыарахан курдук. Ол ыар сыллары илэ көрбөтөх, олоҕу да ситэ билэ илик буоламмын кыратык ыарырҕаттым. Ол да буоллар, режиссер Роман Дорофеев сүбэ-ама биэрэн, бииргэ оонньообут биир идэлээхтэрим Илья Портнягин уонна Вячеслав Лавернов көмөлөһөннөр, кыаҕым баарынан Лика уобараһын арыйбыт курдукпун. Инникитин бу оруолбун толору арыйыам диэн эрэннэрэбин.

Лүөҥкэ оруолун толорбут Саха тыйаатырын артыыһа Илья Порнягин кэпсиир:

— Көрөөччүгэ чугас оонньуур уонна сыанаҕа оонньууртан быдан атын. Улахан сыанаҕа күүскэ хамсаныахха, улаханнык саҥарыахха наада. Көрөөччүгэ чугас буолан киинэ халыыбынан оонньоотубут. Кыратык сыыһа туттубуккун, алҕаһаабыккын көрөөччү барытын көрөн олорор буолан, хас биирдии хамсаныыбыт болҕомтолоох буолары эрэйэр. Бэйэм өттүбүнэн эттэххэ, уобараһы уһулуччу үчүгэйдик арыйдым диир кыаҕым суох. Ханнык баҕарар артыыс, айар идэлээх киһи син биир тугу эрэ ситэри оҥорботум, тугу эрэ ситэри эппэтим, атыннык хамсаныах баара о.д.а диэн бэйэтигэр тус ирдэбиллээх буолар. Испэктээги, уопсайынан ылан эттэххэ, үчүгэйдик ааста, сыалбытын ситтибит.


Ити курдук Саха тыйаатырын саҥа ураты халыыптаах саалатыгар, ураты тыыннаах испэктээги кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт!

Надежда ИЛЬИНА, edersaas.ru

Василий Кривошапкин хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0