Быйыл Тыйаатыр уонна Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн, Дьокуускай куораттааҕы В.Г.Белинскэй аатынан бибилэтиэкэ ааҕар саалатын үлэһиттэрэ «Тыйаатыр. Аах уонна көр» диэн бэрт интэриэһинэй бырайыагы үлэлэтэллэр.
edersaas.ru
Бырайыагы бибилэтиэкэрдэр Екатерина Попова уонна Елена Грайфер, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тыйаатырын литературнай чааһын үлэһитэ, театровед Надежда Осипова уонна “Үһүс көлүөнэ» саастаах дьон кулууптарын иһинэн үлэлиир «Эрчим» доруобуйаны бөҕөргөтөр социальнай киин култуурунай сынньалаҥы тэрийээччитэ Татьяна Сергучева биир сүбэнэн кыттыһан сүрүннүүллэр. Кинилэр номнуо үһүс холбоһуктаах тэрээһиннэрин ыыттылар. Икки тэрээһин бибилэтиэкэҕэ бэйэтигэр артыыстары кытта көрсүһүүнэн ыытыллыбыт буоллаҕына, үһүс уочараттаах тэрээһин Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар экскурсия быһыытынан барда.
Дьиэлээх хаһаайка, театровед Надежда Осипова тыйаатыр мастарыскыайдарын, иистэнэр сыахтарын көрдөрдө.
Киэҥ хоско киирэн, испэктээктэргэ туттуллар дьиэ тэрилэ, кыыл-сүөл макета хайдах оҥоһулларын, устуруустанарын, кырааскаланарын көрдүбүт.
Көрөн кэбиһэргэ түргэнин иһин, хас да ыйы быһа оҥоһуллар тэриллэр испэктээги кытта тэҥҥэ эрэйдээхтик «төрүүллэрин» илэ харахпытынан көрөн итэҕэйдибит.
Аара артыыстар «сибэтиэй» хосторун өҥөйөн аастыбыт. «Гримнэнэр» хоһугар сөбүлүүр артыыспыт Айсен Лугинов испэктээккэ бэлэмнэнии быыһыгар кэлэн олорор эбит. Дьахталлар «гримернайдара» иһигэр душтаах, суунар сирдээх. Туһугар, бэйэтэ олорор дьиэ курдук.
Үгүспүт эрдэттэн истибиппит бэрдиттэн эбитэ буолуо, тыйаатыр мусуойугар хаһан киирэрбитин кэтэһэбит. Күүтүүлээх чааспыт дьэ үүннэ. СӨ народнай артыыһа, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Ефим Степанов испэктээгин таҥаһын кэппитинэн киирэн кэллэ. Бу түгэҥҥэ киниэхэ кэтэн турар таҥаһа наһаа барар эбит — аптаах киһи курдук. Ефим Николаевич тыйаатырга ананан төрөөбүт буолан, оҕо эрдэҕиттэн Саха тыйаатырын артыыстарын туһунан «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммит ыстатыйалары, ким да ааҕа илигинэ кырыйан ылан, дьонуттан мөҕүллээхтиирин кэпсээтэ.
— Оттон гастролларга сылдьан ыалга былыргы иһити-хомуоһу, чороону көрдөхпүнэ ымсыыран бардахпына: «Эһиэхэ, артыыс дьоҥҥо, испэктээккэ туттаргытыгар наада буолуо», — диэн бэлэхтииллэрэ. Билигин үйэ уларыйан, харчытыгар эрэ булаҕын, — диэн баран ыскаап үрдүгэр турар сүүрбэччэ былыргы чороону көрдөрөр.
Ефим Николаевич кэпсээнин киһи истэ туруох курдук. Кинилиин биһиги таптыыр испэктээктэрбит хайдах айыллыбыттарыттан саҕалаан, аатырбыт испэктээктэргэ артыыстары таҥыы боппуруоһун сүбэ мунньаҕар тиийэ «кыттан» ыллыбыт.
Театровед Надежда Осипова испэктээктэр тустарынан галереяҕа киллэрэн билиһиннэриититтэн, бары сөбүлээн көрбүт испэктээктэрбит туһунан бэрт элбэҕи биллибит.
Саха тыйаатырыгар экскурсия түмүктэммитин үрдүнэн, бу түгэни уһата түһээри Надежда Осипованы боппуруоһунан «көмөн» кэбистибит. Тыйаатыры кытта көрсүһүү түмүгэр бибилэтиэкэрдэр Екатерина Попова, Елена Грайфер «Тыйаатыр. Аах уонна көр» диэн бырайыак кыттыылаахтарын аатыттан Надежда Осиповаҕа истиҥ махталларын тиэртилэр.
Кырдьык да, олус дириҥ ис хоһоонноох бырайыак буолан, Сомоҕолоһуу сылыгар анаан үс тэрилтэ биир сүбэнэн тэрийбит тэрээһинэ үгүс дьону бэйэтин тула түмтэ. Бу бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уочараттаах тэрээһини тэһийбэккэ кэтэһэбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.