Саха театрыгар эдэр көрөөччүнү ускуустуба эйгэтигэр тардыы соруктарын кэпсэттилэр
Кулун тутар 24 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар «Тыл – литература – театр» хайысханан эдэр көрөөччүнү ускуустуба эйгэтигэр тардар, төрүт өйгө-санааҕа сирдиир ис хоhоонноох кэпсэтии түhүлгэтэ тэрилиннэ.
Тэрээhин саҕаланыытыгар кэпсэтии тосхолун Саха театрын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай ыйда. «Олох укулаатын, олоҕурбут сыаннастарын уларытар сайдыы тэтимэ олус түргэтээтэ. Аҕа көлүөнэни солбуйан, олох инники күөнүгэр сылдьар дьоммут театртан тэйиччи сылдьаллар. Онтон үүнэр көлүөнэ ортотугар сахалыы өйдөөх-санаалаах, төрөөбүт тылынан саҥарар, айымньыны ааҕар ыччат аҕыйаан иhэргэ дылы», – диэн санаатын үллэhиннэ Руслан Игоревич уонна «Аны 50 сылынан Саха театра көрөөччүлээх буолуо дуо?», – диэн чопчу ыйытыыны туруорда.
Киhи аймаҕы айымныга көҕүлүүр, ааҕыы умсулҕанын иҥэрэр Белинскэй аатынан библиотека үлэhиттэрэ театры кытта эйгэлэhэн, ситимнээх үлэни уруккуттан ыыталларын аҕыннылар. Артыыстары кытта кэпсэтиилэри, быhа эпиирдэри, айымньыны ырытартан ураты артыыстар куоластарынан аудио кинигэлэри таhаарар ордук көдьүүстээҕин бэлиэтээтилэр. Онтон «SMART» библиотека үлэhиттэрэ ааҕааччылары кытта тэттик театральнай туруоруулары тэрийэллэрин билиhиннэрдилэр. Саха театрыгар этии быhыытынан: библиотека дааннайдарынан дьон ордук ханнык кинигэни ааҕарыгар болҕойон, ол айымньыларынан режиссердар испэктээкил туруоралларыгар сүбэлээтилэр.
Салгыы кэпсэтиигэ кэлбит дьон: «Айымньыга тапталы, театрга сылдьыы үөрүйэҕин дьиэ кэргэн, ордук оскуола учуутала иҥэрэр», – диэн, ол тула санаа атастаhыы буолла. Ордук интэриэстээх уонна көхтөөх дьонунан саха тылын уонна литературатын учууталлара буолаллара саарбаҕа суох. Кинилэр Саха театрын салалтата тоҕоостоох тиэмэҕэ кэпсэтиигэ ыҥырбытын, үөрэх тэрилтэлэрин кытта ыкса уонна тиhиктээх үлэ былааннаммытын хайгыы ылыннылар. Учууталлар хас биирдиилэрэ театрга экскурсиялары, артыыстары кытта «атах тэпсэн олорон» сэhэргэhиилэри, испэктээкил кэннэ ис хоhоонноох ырытыылары тэрийэри туруорустулар. Театрдаах оскуолалар идэлээх артыыстар көмөлөрүгэр наадыйалларын туһунан, Саха театрын устуудьуйатын кэҥэтэр, театрга оҕолор испэктээкиллэрин таhаарар туhунан санаалар этилиннилэр.
Саха театрын сайдыыга уонна нэhилиэнньэни кытта үлэҕэ дириэктэрин солбуйааччы Геннадий Охлопков ыччаты иитии-такайыы, ускуустуба храмыгар алтыhыннаран, кэнчээри ыччакка дириҥ өйү-санааны иҥэрии театр эмиэ эппиэтинэhэ буоларын бэлиэтээтэ. Геннадий Иванович эдэр көрөөччү театрдыын эйгэлэhэригэр тутта-хапта сылдьардыын, дьүhүннүүн-бодолуур сааhыланыахтааҕар болҕойон, «Театрга сылдьыы култуурата» диэн оскуолаларга, оҕолорго аналлаах сүбэлэр бэлэмнэммиттэрин иhитиннэрдэ.
Төрөппүттэр театрдарга оҕолорго аналлаах сахалыы тыллаах репертуар суоҕун бэлиэтээтилэр. Сылга биирдэ кыhыҥҥы каникулга биир-икки остуоруйа көстөрө бүтүн куорат нэhилиэнньэтигэр сабыдыалы оҥорботун тоhоҕолоон эттилэр. Онон сүрүн репертуары таhынан оҕолорго тэттик айымньылары туруорар буоллаҕына эрэ театр көрөөччүтүн «булунар» кыахтааҕын санаттылар. Бу санааны оҕо суруналыыстара өйөөн, ханнык айымньылар оҕоҕо ордук кэрэхсэбиллээх буолуохтарын ааттаталаан, режиссердарга туhаайан, оҕоҕо аналлаах айымньылар суох буолбатахтарын бигэргэттилэр.
Кэпсэтии сүрүн спикердарыттан биирдэстэрэ, Саха театрын кэскиллээх артыыhа, режиссер Роман Дорофеев аныгы кэм оҕото өйүгэр оҥорон көрөрүн, элбэх информацияны ситимнээн өйдүүрүн ыарырҕатарын, ол оннугар элбэх хамсаныылаах, тэтимнээх сюжеттаах туруорууну сэргиирин бэлиэтээтэ. Онон театр эмиэ биир сиргэ турбакка, классическай туруоруулартан ураты нуучча, омук айымньыларын, театр атын формаларынан испэктээкиллэри көрдөрөр суолу тутуспутун санатта. Маныаха саха тылын эйгэтин кэҥэтиигэ үлэлэhэр дьон «ханнык испэктээкили сэҥээрэллэрин?», «тугун иhин биhирииллэрин?», «ханнык оонньууга кэлиэхтэрэ этэй?» диэн ыйытыыларынан сирдэтэн научнай хабааннаах чинчийии ыытан, үлэҕэ тирэх оҥостор наадатын ыйдылар.
Түмүккэ Саха театрын үлэhиттэрэ «Тыл – литература – театр» хайысханан быйылгы сылга пресс-кэмпириэнсийэни, аhаҕас лиэксийэлэри, испэктээкили ырытыыны оҥорон саҕалаабыттарын, аны аҕыйах күнүнэн устудьуоннары кытта көрсүhүүлэр, улууска гастроллар былааннаммыттарын билиhиннэрдилэр. Муус устар ый саҥатыгар саха тылын уонна литературатын учууталларыгар аналлаах М.К.Аммосов аатынан ХИФУ профессора, педагогикаҕа наука дуоктара Евдокия Поликарпова «Саха литературатын уруогар театр ускуустубатын ньымаларын туhаныы» диэн ааттаах дьарыга (сэминээрэ) былааннаммытын иhитиннэрдилэр. Салгыы бу хайысханы дириҥэтэн, Саха театрын салалтата театр алыптаах эйгэтин билиhиннэрэр сыаллаах литература уруоктарын ыытыыга куонкурус биллэрэр баҕалааҕын, бастыҥнар уруоктарын устан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕатар, итиэннэ бастыҥ учууталы бэлиэтиир былааннааҕын биллэрдэ.
Киирбит этиилэр, этиллибит санаалар театр үлэтигэр-хамнаhыгар учуоттаныахтара, ордук оруннаахтара «Саха театра – оҕолорго» бырайыак ис хоhооно буолан, ыччаты сырдыкка, үтүөҕэ, кэрэҕэ уhуйарга биир бэртээхэй ньыма быhыытынан ситэн-хотон тахсыаҕа.
П.А.Ойуунускай аатынан
Саха академическай театрын
пресс-сулууспата, төл.34-33-26