«Саха талба-мааны таҥаһа» күрэх кыайыылаахтара билиннилэр

Ааптар:  Эдэр саас
24.06.2025
Бөлөххө киир:

«Саха сирэ» хаһыат уонна edersaas.ru саайт тэрийбит «Саха талба-мааны таҥаһа» хаартысканан куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 42 киһи кытынна.

Үөрүүлээҕэ диэн, күрэх чэрчитинэн дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥастаах хаартыскалар киирбиттэрэ. Куоластааһыҥҥа 19 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылла.

Кыайыылааҕынан 2794 куолаһы ылан, Ньурба улууһуттан Александровтар дьиэ кэргэннэрэ таҕыста. Иккис миэстэҕэ 2021 куолаһынан Сунтаар улууһуттан Попова Мария Егоровна тигистэ. Оттон үһүс бочуоттаах миэстэни 1848 куолаһынан Бүлүү улууһуттан кырачаан кыттааччы Яковлева Амелия Прокопьевна ылла.

Кыайыылаахтарга грамоталар уонна анал бириистэр туттарыллыахтара. Күрэх кыттыылаахтарын «Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтигэр күүтэбит.

Contest winners

1 place
11. Александровтар дьиэ кэргэттэрэ
2794
2 place
28. Попова Мария Егоровна
2021
3 place
15. Яковлева Амелия Прокопьевна
1848
+1
18
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0