Саха төрүт оонньуулара – норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ

Ааптар: 
22.08.2017
Бөлөххө киир:

Аҕыйах хонуктааҕыта Ульяновскай куоракка Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин (ТСТ) спорт национальнай көрүҥнэригэр, оонньууларыгар бэстибээллэрэ түмүктэннэ.

edersaas.ru


Аан бастаан ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ Азербайджантан, Арменияттан, Беларусияттан, Казахстантан, Кыргызстантан, Молдоваттан, Таджикистантан, Туркменистантан, Арассыыйаттан уонна Ульяновскай уобалас сүүмэрдэммит хамаандалара кытыннылар.

Спортсменнар уон көрүҥҥэ: курдаһан тустууга, киирэ анньыытыгар, лаптаҕа, дуобакка, самбоҕа, ханаат тардыһыытыгар, оҕунан ытыыга, мээчиктээх мини-хоккейга, мохсуо быраҕыыга уонна мас тардыһыытыгар күрэс былдьастылар.

Алта күннээх күрэхтэһии түмүгүнэн Арассыыйа хамаандата 36 кыһыл көмүс, 17 үрүҥ көмүс уонна 7 боруонса мэтээли ылан инники күөҥҥэ таҕыста. Казахстан (7-13-7) – иккис, Кыргызстан (5-8-7) – үһүс миэстэлэри ыллылар.

Бэстибээл иитинэн спорт атын көрүҥнэрин сэргэ хотугу многоборьены, сахалыы ыстаныылары, хапсаҕайы билиһиннэрии буолла.

Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин спорт национальнай көрүҥнэригэр, оонньууларыгар бастакы бэстибээллэрэ РФ Спорка министиэристибэтин көҕүлээһининэн, ТСТ киирэр судаарыстыбалар физическэй култуура, спорт эйгэтигэр бииргэ үлэлээһиннэригэр сэбиэттэрин өйөөһүнүнэн ыытылынна.

Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0